Дьааҥыбыт сиригэр төһө эмэ күүскэ оттообут дьылбытыгар, дьэ саас от бөҕөнү курутуом диэбитиҥ саас сылгы аһаан олох да от курулуур туһунан санаммат буолаҕын. Эбэтэр сайын айылҕа араас биричиинэтинэн кыратык оттоотоххуна кыһынын сылгы хаһыыта үчүгэй буолар сылгы сөпкө кыстаан тахсааччы. Ол эбэтэр сүөһүбүт кыстыгын үөһээттэн көрө олорор таҥара салайа олорор дуу диэн санааччыбыт.
Саха сылгыта үөрдээн иитиллэр, ол эбэтэр биир үөргэ 14-20 сылгы бииргэ сылдьан, биһиги кыараҕас онон-манан ыһылла сытар мэччирэҥнэрбитин, алыыларбытын, күөллэрбитин кэрийэ сылдьан мэччийэллэр, кыһын буоллаҕына хаары хаһаннар астарын бэйэлэрэ булуналлар. Дьэ бу сылгыбыт айылҕа биэрбит сүдү хаачыстыбатын олох сүтэриэ суохтаахпыт. Ол гынан баран сылгыны кыһынын эбии аһатарга анаан эбэһээт оттонуохтааххын.
Күһүн убаһаны иитиигэ уонна идэһэҕэ ичигэс соҕус эт тоҥор эрэ буоллар кылгас кэмҥэ арааран табыгастаах, ол аата дьыл кэлэриттэн көрөн сэтинньи 1 күнүттэн саҕалаан уһаабыта 14 күнүгэр бүтэрэн, сылгыны кыстыыр сиригэр үүрүөхтээххин. Күнүс халлаан наһаа сылыйаары гыннаҕына эккин билиги араас сабыы арааһа элбэх, онон сабан кээһиэххин сөп. Убаһаны саамай аҕыйах отунан кыстатыаххын баҕардаххына, убаһа турар сиригэр хаһаа тутуоххун сөп, оччоҕуна кыра сылгы тымныыга хотторбот, сарсыарда-киэһэ аһаан баран хаһаатыгар саһан хаалар гына. Ол эбэтэр убаһа хаһар сирин бүтэйдээн, кыра тоҕойдору быһа күрүөлээн сайын сүөһүгэ сиэппэккэ туруордахха убаһа кыра оту уонна эбиэһи кытта наһаа үчүгэйдик кыстаан тахсааччы, ол курдук убаһа 7.5 ц отунан, 2 куул эбиэһинэн кыстаан тахсар. Муодата диэн хаһар сирдэрин олох тэпсээччилэрэ суох, өрт уота сиэбитин курдук хонууларын хаспыт буолаллар. Онтон билигин убаһаны кыстатарга кырата 15 ц от, 2 куул эбиэс наада.
Үчүгэй хаһыылаах дьылга сылгы аһылыкка наадыйыытын 70-85 % -нын хаһыыттан туһанар. Онтон куһаҕан хаһыылаах дьылга бу көрдөрүү 50-55 %-ҥа диэри таҥнары түһэр. Манна биричиинэтэ элбэх, ол курдук хаар халыҥа, чиҥэ уонна тыала. Сылгы хараҕар диэри халыҥнаах хаарга үчүгэйдик хаһар, онтон халыҥаатаҕына хаһара мөлтүүр, ырар. Аны хойутаан хаар кэнниттэн ардах түстэҕинэ, күүскэ ириэрдэҕинэ хаһыы сирэ мууһа элбээн хаһыы мөлтүүр. Улахан сылгыбыт ортотунан суукка устата 20-23 кг, эдэр сылгылар 16-18 кг, ыччат сылгы 14 кг оту хаһан сиэхтээхтэр зоотехническай нуорманан. Оччотугар бу нуорманан туһанан сылгыбыт хаһыы туругуттан көрөн ортотунан 1 га мэччирэҥи 12-16 күн, ортотунан дьылга 16-18 га сири кыһын хаһыахтаахтар. Маны уоппуттаах сылгыһыттар күһүн, ордук алтынньы ыйга хаһыы мэччирэҥин үөрэтэн баран энчирэппэккэ быһаараллар.
Сылгыны хастарыы кэмигэр 3 быстарыктаах кэм баар. Бастакытынан, сэтинньи ыйтан түһэр тымныылар, иккиһинэн, кыһыҥҥы улахан тымныылар түһэр кэмнэрэ уонна сааскы кубулҕаттаах кулун тутар, муус устар ыйдар. Бу кэмҥэ күүстээх тыаллар түһэннэр хаар саамай чиҥиир кэмэ. Билиҥҥи кэмҥэ сылгыны эбии аһатыы урукку курдук былааннаахтык ыытыллыбат буоллулар. Билигин убаһаны араарыы кэнниттэн сылгы үксэ күөл кырыытын хадьымалын хаһар, дьэ манна бу абыраллаах хадьымалбыт төһө күөхтүү тоҥмутун билии улахан суолталаах. Мөлтөх хадьымаллаах дьылга сылгыбыт топпокко, элбэхтик хааман чыыкынаан сайыҥҥы уойуутун сүтэрэн кээһэр. Ол иһин кыһыҥҥы тымныыларга тургэнник ырар. Бу маны уопуттаах сылгыһыттар сылгы туругуттан, түүтүттэн уонна сааҕыттан көрөн билэллэр уонна миэстэтин уларытан биэрэллэр, эбэтэр кыһыҥҥы сирдэригэр эрдэ таһааран кээһэллэр. Сылгыны бастакы аһатыы ахсынньы уонна тохсунньу ыйдарга хаһа турар сирдэригэр эбэһээт аһатыллыахтаах, былыргылар элбэх бүтэйдээх, хаһаалаах буолан ырганнаан эрэр сылгыны туспа тутан 10 хонукка күүскэ аһаталлара. Онтон билигин ол кыаллыбат буолан үөрүнэн киллэрэн аһаталлар, ол эбэтэр элбэх от ороскуоттанар. Онтон сааскы кэмҥэ аһатыы хаар сымныар, сарсыардааҥы дьыбар мөлтүөн тухары аһатыахха сөп, онно эмиэ сылгы туругун көрө-билэ сылдьан. Олох мөлтөөбүт сылгыны туспа тутан от үчүгэйинэн уонна эбиэһинэн күүскэ аһатыллыахтаах.
Кыһын сылгыны үүрүү бытааннык, тиритиннэрбэккэ ыытыллыахтаах. Саас төрүөх турар сиригэр сыыйа үүрэн аҕалан, төрөөрү гыммыт биэлэри кырата 10-15 күн окко аһатан, кэтээн төрөттөххүнэ сылгы мытаҕайдааһына олох кыччыыр, элбэх кулуну ылаҕын. Кулуннара үчүгэйдик атахтаннахтарына уонна үчүгэйдик эмэр буоллахтарына үөргэ таһааран холбуугун. Дьэ ол иһин 1 биэҕэ 5 ц саппаас от эбэһээт баар буолуохтаах. Онон, бу күннэргэ сылгы туругуттан көрөн кырата 10-нуу хонукка эбии аһатыахха наада. Онон сылгыны атыыр үөрүнэн иитии технологиятын тутуһан, мэччирэҥин туһаныытын таба тэрийдэххэ уонна сөптөөх кэмигэр хаһыы сылгытын эбии аһаттахха, төрүөҕү ылыы мэлдьи үрдүк буолуутун ситиһиэххэ сөп. Аныгыскы сырыыга аныгы сылгыһыт баазата хайдах буолуон сөбүн сырдатыам.
Балаһаны бэлэмнээтэ Сылгыһыт уола