Арассыыйаҕа 1 Аҕа дойду уонна гражданскай сэрии кэннилэриттэн сылгы олох аҕыйыы сылдьыбыт, ол иһигэр Аармыйаҕа баара суоҕа 70 тыһ сылгы баар эбитэ үһү. Ол иһин оччолорго дойду салалтата сэриигэ уонна промышленность үлэлэригэр анаан сылгыны иитиини күүһүрдэргэ уураах таһаарар.

Ол уураах быһыытынан С.М. Буденнай салалтатынан 1930 сыллаахха 26 сылгы собуота тэриллэр, биир хаһаайыстыбаҕа 1000 га оттуур сирдээх буолаллар, атахтарыгар туруохтарыгар диэри судаарыстыба үбүлүүр эбит. Аны оччолорго дьадаҥы бааһынайдарга баар сылгылар, ат көлөлөр олус мөлтөх туруктаах эбиттэр, куус-уох суох, боруода өттүнэн мөлтөх, нэһиилэ биир булуугу эбэтэр баҕананы эрэ тардаллар эбит.

Ол кэмнэргэ Саха сиригэр аҥардас промышленность үлэтигэр көмүс хостооһунугар 1924 сыллаахтан 1941 сылга диэри сыл аайы кырата 14 тыһ сылгы үлэлиирэ эбитэ үһү. Ол иһин бу саҥа тэриллибит сылгы собуоттарыгар сылгы иитиитин племенной өттүнэн күүскэ сайыннарар сыалтан, күүстээх сүүмэрдиир үлэни ыыппыттар. Сорук диэн дьиҥнээҕэ байыаннай сыалга сэриигэ анаан уонна таһаҕас тиэйиитигэр, доруобай күүстээх-уохтаах, ханнык баҕарар байыаннай таһаҕаһы соһорго уонна киһини ыҥыырга олордон түргэнник сиэллэрэргэ-сүүрдэргэ.

Собуоттар ордук Казахстаҥҥа уонна Сибииргэ элбэхтик тэриллэ сатаабыттар. Сылгы собуоттарын 1 сийиэстэрэ 1932 сыллаахха тохсунньу ыйга тэриллэр Москва куоракка, онно 120 сылгы собуоттарын салайааччылара сылдьыбыттар, инники үлэлэрин быһаарсыбыттар. Ол улахан уураахтар быһаарыыларынан 1932 сыллаахха Верхоянскай улууһугар сылгы собуотун тэрийии туһунан бирикээс тахсар. Сылгы собуотун ханна оҥорууга улахан мөккүһүү буолбут. Бастакы былаанынан, собуоту Боронук уонна Элгэс нэһилиэктэригэр Балаҕаннаах уонна Түбэ сирдэригэр оҥорорго, онтон иккиһинэн Дьааҥыскай нэһилиэгэр Остуолбаҕа уонна Чолбоҥҥо тэрийэргэ былаанныыллар. Бастакы сылгы собуотун оҥорууга судаарыстыба харчы биэрэр буолан, оччотооҕу салайааччылар бэйэлэрин диэки тарда сатаабыттар. Сылгы собуотун тэрийэргэ улахан былаан, смета оҥоһуллубут. Собуот сирин иэнэ 20 тыһ га сир , ол иһигэр оттуур ходуһата 1000 га, мэччирэҥ сирэ 19 тыһ га буолуохтаах эбит. Хаһаайыстыбалартан сылгылары атыылаһыыга былаан оҥоһуллубут, ол курдук атыырдары 50 төбөнү 400 солк (20.0 тыһ солк), биэни 700 төбөнү 250 солк (175 тыһ солк), аты 24 төбөнү 250 солк (6 тыһ солк), барыта 774 сылгыны атыылаһарга 201 тыһ солк.көрүллүбүт.

Собуоту салайарга уонна үлэлэтэргэ аналлаах аппараат барыта 20 киһи, сыллааҕы ороскуот 30 тыһ (960 солк). Собуоту салайарга, үлэлэтэргэ 1 управляющай, 1 зоотехник, 1 бэтэринээр, 1 бухгаалтыр, 1 кыладыапсык, 2 ыстаарсай, 8 боростүой сылгыһыттар, 1 ат көрөөччү, 1 ат тэрилин оҥорооччу, 1 остуорас. Маны таһынан, сылгы базатын, ат конюшнятын, сарайдары тутууга 16 тыһ 600 солк уонна ат араас тэрилин ыларга 14 тыһ солк, арас племенной үлэни ыытыыга, үчүгэй сылгылары атыылаһыыга, аҕалыыга 201 тыһ солк көрүллүбүт. Онон барыта собуоту тэрийэр сметаҕа көрүллүбүт 650 тыһ солк.

Дьэ, ол иһин сылгы баазаларын тутуу Балаҕаннаахха, Түбэҕэ, Чолбоҥҥо уонна Остуолбаҕа саҕалаабыттар. Ол гынан баран оччолорго колхозтар ситэ тэриллэ илик буолан сылгылара аҕыйах буолан уонна ити сылларга кураан сыллар буолан бу уураах ситэ күүһүгэр киирбэтэх, сылгыны атыылаһыы кыайан тэриллибэтэх, ол иһин көһөрөн кэбиспиттэр. Бу маннык сылгы собуоттарын биһигини кытта Ньурбаҕа эмиэ былаанныы сылдьыбыттар эбит. Кэнники биһиги оройуоммутугар хорҕолдьун көстөн, промышленность арыллан үлэ күөстүү оргуйар. Соҕурууттан 1938 сыллаахтан массыыналар, тыраахтардар куруук кэлэр буоланнар сылгы собуота кыайан тэриллибэтэх. Сорох ол сылгы тутуулара Остуолбаҕа уонна Чолбоҥҥо тутуллубут конюшняларга совхозтар субан сүөһүлэрин кыстатар этилэр. 1939 сылтан саҕалаан аатырбыт учуонайдар М.И.Рогалевич уонна М.Ф.Габышев Дьааҥы сылгытын күүскэ үөрэппиттэрэ уонна биһиги сылгыларбыт байыаннай дьыалаҕа хапсыһалларын быһаарбыттара. М.И.Рогалевич байыаннай сыалга туһанарга саха сылгыта төһө эппиэттиирин көрөн быһаарар сыаллаах сылгы арҕаһа үрдүгүнэн арааран сыаналаабыт. Бу кээмэйгэ биһиги сылгыбыт хапсар буолан сэрии сылларыгар уонна ол кэннигэр 5200 сылгы Алдаҥҥа үүрүллүбүт, онтон 2000 сылгы сэриигэ Украинаҕа барбыта дэнэр. Онтон Саха сириттэн 25 тыһ сылгы барбыт буоллаҕына биһиги сылгыбыт 20 % буолар.

Онон биһиги Дьааҥы дьоно сылгыбытынан киэн туттуох тустаахпыт, кырдьаҕас Верхоянскай куоракка баран иһэн Остуолба таһыгар баар сылгы памятнигар уонна тааска суруллубут сылгыһыттар өйдөбүнньүк испииһэктэригэр сүгүрүйэн ааһыахтаахпыт. Дьэ ити курдук, улуус историятын аанын кыратык аһан көрдөххө.

Сылгыһыт уола

Читайте дальше