Сэтинньи 10 күнүгэр, биһиги уһуйааммытыгар Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн бэлиэтиир улахан саастаах оҕолорго аралдьыйыы буолла. Бу күҥҥэ бэлэмнэнии үлэтин эрдэ саҕалаабыппыт.
Төрөппүттэргэ араас омук таҥаһын бэлэмниир сорудах бэриллибитэ, оҕолор таҥастарын кичэйэн тикпиттэрэ хайҕабыллаах! Араас омук таҥастаах куукулалары көрдөрөн, оҕолорго оонньотон, Сахабыт сиригэр омук арааһа олороллорун билиһиннэрдибит. Оҕолор оонньуур кэмнэригэр иитээччи көмөлөһөөччүтэ Валентина Константиновналыын Арассыыйа киин куоратыгар — Москубаҕа баар Кремль тутуутун кытта билистилэр, улахан лего конструкторынан оҕолору кытта тутан таһааран үөрүүлэрэ үксээтэ.
Күннээҕи дьарыкка өҥнөөх кумааҕынан Арассыыйа былааҕын силимнээн оҥордубут. Иитээччи Тапталлаана Васильевнаны кытта ыаллыы турар, В.З. Кириллина аатынан кыраайы үѳрэтэр «Тымныы чыпчаал» түмэлгэ ыалдьыттаан, куорат олоохтоохторо тэрийбит араас омук бэргэһэлэрин быыстапкатын тахсан көрдүбүт, сэҥээрдибит.
Бу күн Сомоҕолоһуу күнүнэн оҕолор, иитээччилэр уонна иитээччи көмөлөһөөччүлэрэ араас омук таҥаһын таҥнан кэллибит. Оҕолорго Арассыыйа уонна Саха сирин былаахтарын уонна гиэрбэлэрин суолталарын билиһиннэрииттэн саҕаламмыта, дойдубут өрөгөй ырыаларын иһиттибит. Кырыллыбыт гиэрбэ ойуутун хомуйууга бөлөҕүнэн күрэхтэһиини оҕолор наһаа сэҥээрдилэр. Улахан оҕолорбут былаах өҥнөрө туох суолталаахтарын билэллэрин, ону сиһилии кэпсээбиттэрин истэн олус диэн үөрдүбүт.
Сомоҕоһолуу күнүгэр анаан Марианна Серафимовна оҕолорго үөрэппит турецкай, грузинскай, узбекскай, бурятскай, казахскай уонна молдаван араас омук үҥкүүтүн үөрэ-көтө, астына үҥкүүлээтилэр!
Түмүккэ, биһиги хоту дойдубутугар олорор омуктар: саха — «чөҥөчөк охторуу», эбээн- «олрамачимҥа» (балыксыт) уонна нуучча — «колобок» хамсаныылаах норуот оонньууларын оонньоотулар.
Бырааhынньыкпытын илии-илиилэртэн ылсыhан саха омук оhуохайа араас омугу түмэр сүдү күүстээх буолан, иитээччибит Тапталлаана Васильевны батыhан оҕолорбут оhуохайдаатылар.
Дьааҥы куоратын, 2 № оҕо уһуйаанын иитээччитэ Мария Васильева