Алыһардаахтар – Бөтөҥкөскө

Дьааҥы улууhун нэhилиэктэрин икки ардыларыгар ыалдьыттаhыы саҕаланна. Ахсынньы ый 9 күнүгэр Алыhардаах нэhилиэгин уопсастыбаннаhа, уопсайа 11 киhилээх дэлэгээссийэ икки массыынанан улахан кэнсиэртээх, атыылаах уонна быыстапкалаах Бөтөҥкөскө ыалдьыттаата. Бу тэрээhин ыытыллыытыгар Адыаччы нэhилиэгин олохтоох дьаhалтата массыынанан уонна бэнсиининэн хааччыйбыт.

«Атыыга тыабыт хаhаайыстыбатын бородуксуйатын илдьэрбит эрдэ иhиллибитэ. Инньэ гынан массыынабытыттан түһээппитин  кытта  атыыбыт, үлдьү, хамаҕатык баран бүттэ.   Кэлиэксийэньэрдэр араас сылларга  муспут саамай улахан кэллиэксийэлэрин көрдөрүүгэ илдьибиппитин дьон улаханнык сэргээтэ. Киэһэ долгутуулаах эҕэрдэ кэнсиэрбит киирии билиэтинэн Алыһардаах минньигэс тоҥ суората, көппөкүтэ, улахан күөллэрин көмүс хатырыктаах эмис собото,  кыһыл отоно оонньоннулар. Тэрээhиммит этэҥҥэ ааһан наһаа үөрдүбүт, көрөөччүлэр хас биирдии номербытын ытыс үрдүгэр тутан олорон көрдүлэр», – диэн  Алыhардаах кулуубун дириэктэрэ Зоя Потапова сырдатта.

Бу дэлэй иэннээх тэрээhин  умнуллубат, сонун түгэннэринэн – Маҕыллаттан аҕалыллыбыт булчут ыт оҕото, саха лаайката 5 тыhыынчаҕа тута атыыламмыт. Лайка аҕата Ньурбаттан 20 тыhыынчаҕа атыылаhыллан кэлбит булчут ыт эбит. Онон сотору кэминэн Алыhардаахтар көмөлөрүнэн саха лайката элбиэ турдаҕа.

Дэлэгээссийэ салайааччыта Зоя Гаврильевна, түгэнинэн түбэhиннэрэн, тэрээhин ыытыллыытыгар күүс-көмө буолбут «Адыаччы нэhилиэгэ» муниципальнай тэриллии дьаhалтатыгар, күнү быhа  итии чэйинэн, тотоойу аһынан күндүлээбит балаҕан хотунугар  Галина Стручковаҕа , куруук эйэҕэстик көрсөр Адыаччытааҕы култуура уонна спорт киинин кэллэктиибигэр, сылаас, сымнаҕас массыыналарыгар тиэйэ сылдьыбыт суоппардарга Василий Томскайга, Александр Ксенофонтовка уонна оператор Гаврил Акимовка уонна ытыс үрдүгэр түһэрэн олорбут күндү көрөөччүлэригэр дэлэгээссийэ аатыттан махталын тиэрдэр.

2023 сыл – Үлэ сыла түмүктэнэрэ чугаhаан истэҕин аайы ыалдьытымсах, үлэҕэ, үөрэххэ көхтөөх   Алыhардаах  дьоно-сэргэтэ сиппэтэҕи ситэрэн, кэлэр сылы саҥа былааннардаах көрсөргө бэлэмнэнэнэллэр, ымыылаах ырыалаах ыалдьыт, арыылаах алгыстаах айанньыт кэлэн ыалдьыттыырын кэтэhэллэр. Ахсынньы ый 15-16 күннэригэр ыытыллыахтаах Верхоянскай куорат төрүттэммитэ 385  сылыгар туhуламмыт  «Түмүү — Үүнүү — Иитии» оройуоннаа5ы II Гражданскай Форумҥа «Семейная реликвия моей семьи» түhүлгэтигэр кыттарга бэлэмнэнэллэр. Ону таhынан

Саҥа дьыл бырааhынньыктарын кэнниттэн улуус нэhилиэктэригэр гостуруол бырагырааматынан ыалдьыттыыр баҕалаахтар.

Раиса Чирикова

Читайте дальше