Фольклор түhүлгэтэ

Суордаахтааҕы култуура киинигэр Олоҥхо киэһэтигэр былыргы ырыа-тойук дьиэрэйдэ, хомус тыаһа дьүрүhүйдэ, тэтиэнэх тэтимнээх «чыыбы-чаабы чабырҕах» этилиннэ, оллоонноон олорон Олоҥхо толорулунна.

Наталья Аргунова уонна Ксения Слепцова Суордаах туһунан тойуктарынан саҕаламмыт түhүлгэ кэнсиэрэ бэрт сэргэхтик ааспытын туһунан үтүө сонуну култуура киинин дириэктэрэ Семен Афанасьевич Слепцов иһитиннэрдэ. Фольклор түhүлгэтигэр Олоҥхо дойдутун ыһыаҕын санаппыттыы «Остуоруйа дойдута» үҥкүүнү «Сарыал» оҕо бөлөҕө толорон, Саха кыыһын бастыҥ киэргэлин туһунан «Бастыҥа кэтэбит» ырыаны Ксения Слепцова олус бэркэ доллоhутан ыллаан, «Сарыал» үҥкүү улахан бөлөҕө «Күөрэгэй» үҥкүүнү толоруулара, Наталья Аргунова оhуохайа, 1-2 кылаас оҕолоро норуот ырыаларыгар толорбут попуррилара тохтообот ытыс тыаhынан доҕуһуолламмытын Семен Афанасьевич фольклор кэнсиэрин түгэннэриттэн сырдатта. Семён Слепцов саха эстрадатын биллэр ырыаһыта Виталий Очиров хас да ырыаттан таҥыллыбыт композициятын толоруутун уонна былырыын атыылаһыллыбыт саха норуодунай мусукаалынай тэрилигэр күпсүүргэ 1-2 кылаас уолаттара охсон-оонньоон көрдөрбүттэрин көрөөччүлэр улаханнык сэргээбиттэрин этэллэр, «Сахалыы тыыннаах кэнсиэри көрдүбүт» дэһэллэр.

Оттон ырыаһыт быһыытынан улууска киэҥник биллибит Христофор Васильев бу фольклор киэһэтин түһүлгэтигэр хомуска варицаялары оонньооһуна кини рок ырыаһыт эрэ буолбакка, хомус үскүүстүбэтин баһылаан эрэрин көрдөрбүт диэн этиэххэ сөп. Даҕатан эттэххэ, уонтан лаппа тахса сыллааҕыта Саргылана Слепцова-Васильева Суордаахха сынньалаҥ киинигэр үлэлиир кэмигэр «Хотугу дорҕооннор» диэн фольклор бөлөҕүн тэрийбитэ. Ол саҕана Суордаах ырыаһыттара улуус улахан түһүлгэлэрин киэргэппиттэрэ.

Иhиллиир курдук ураты тыыннаах Суордаах сиригэр ыраахтан сылдьар гостуруол кэнсиэрдэрэ таарыйан ааһаллара кырдьык сэдэх. Олохтоох култуура киинин, оскуола уонна суоналар истэринэн тэриллэр араас тэрээhиннэр, кэнсиэрдэр олохтоох нэһилиэнньэни чуҥкуппаттар.

«Таастан кутуллар дорҕоон» диэн үгэс быһыытынан ыытыллар ырыа толорооччулар улуустааҕы күрэхтэрэ кэмиттэн кэмигэр ыытылларын, манна Дьааҥы былыргы номохторо уйаламмыттарын уонна олохтоох нэһилиэнньэ ыалдьытымсаҕын, көхтөөҕүн улуус дьоно куруук ахтан ааһаллар. Суордаах нэhилиэгэр ыытыллыбыт Олоҥхо киэһэтин кэнниттэн «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак сүнньүнэн туруоруллубут харыйа Саҥа дьылы түргэтиппиттии араас уотунан ыраахха диэри чаҕылыйда.

Раиса Чирикова

Читайте дальше