Бу күннэргэ оройун бибиотекатын кыраайы үөрэтэр салаатыгар Дьааҥыттан төрүттээх, хас да кинигэ ааптара, уопсастыбанньык Геннадий Тимофеевич Степановиһы кытта көрүстүлэр, ааптар айар үлэтин тула иһирэхтик кэпсэттилэр. Сэргэх тэрээһиҥҥэ бибилэтиэка иһинэн тэриллэн эрэр «Алтан чааҕыр» диэн ааттаах Дьааҥы фольклорун толорор бөлөх кыттыыны ылла.
Геннадий Тимофеевич үлэлэриттэн улаханнара «Верхоянский улус (район)» диэн кинигэтэ буолар. Ону кытта биллиилээх худуоһунньук Иннокентий Юрьевич Пестряков айар үлэтин көрдөрөр, уруһуйдарынан таҥыллыбыт — «Мин XIX үйэ киһитэбин» («Моя душа в XIX веке») кинигэтэ уонна «150 лет Верхоянской школе на Полюсе Холода» диэн кинигэ. Айар үлэ абылаҥын чыпчаалыгар сылдьар Дьааҥы уолун кинигэлэрин быыстапкатыгар Р.И. Бравина «Олох. Дьылҕа. Өлүү», «Афанасий Готовцев, Фекла Ивановна», «Молодому охотнику», «Тохтоллор көмүс дорҕооннор» ырыанньык, «Чипполино мүччүргэннээх сырыылара», «Слово и дело строителя Александра Захарова», «Мелодист Николай Прокопьев» кинигэлэрин көрүөххэ сөп.
«Москубаҕа биир кинигэ тахсара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. «О Верхоянске, не только о климате» кинигэбин тупсара сылдьабын. Икки-үс ый үлэлиирим буолуо. РФ Үтүөлээх худуоһунньуга, оҕо кинигэтин иллюстартора Евгений Михайлович Рачев 1997 сыллаахха сааһыран баран орто дойдуттан айаннаабыта. Билигин кини племяннигын кытта үлэлэһэбин», — диэн сырдатар Геннадий Тимофеевич.
«Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахпыт Геннадий Степанович төрөөбүт Дьааҥытыгар айар үлэтинэн кэлэн ыалдьыттаата. Дьааҥы дьонугар-сэргэтигэр, историятыгар анаан кинигэ суруйа сылдьарын — сонунун иһитиннэрдэ, түмүккэ, кыттыыны ылбыт дьоҥҥо махтанна. Саҥа кинигэ тахсыыта бибилэтиэкэбит буондатын хаҥатар. Онон үөрүүбүт улахан», — диир тэрээһин салайааччыта Саргылана Семеновна.
Даҕатан сырдаттахха: Билиини-көрүүнү биһиктээн тарҕатар, улуус киин бибилэтиэкэтин кыраайы үөрэтэр салаатын бу ыйдааҕы былааныгар турар биир үтүө тэрээһиниэн — өр кэмнэргэ Дьааҥыны иккис дойду оҥостон бэриниилээхтик үлэлээбит, Дьааҥы Бочуоттаах олохтооҕо, Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылааҕа Василий Степанович Павлов – Толоон Уола олорон ааспыт олоҕун, айар үлэтин сырдатар сыаллаах тэрээһин былааҥҥа турар. Маны таһынан, бибилэтиэкэ үгэс курдук сэдэх көстүү сүмэтин-сүөгэйин илдьэ сылдьар Петр Егорович Слепцов уонна элбэх ураты талааннаах дьон үөскээбит-төрөөбүт Табалааҕар төрөөбүт, олорон ааспыт норуот талааннааҕа Варвара Иннокентьевна Эверстова айар үлэлэригэр тирэҕирэн үгэ жанрыгар үлэлээн эрэрэ кэрэхсэбиллээх.
СӨ култуураҕа туйгуна, Дьааҥы фольклорун чинчийээччи, үөрэтээччи уонна тарҕатааччы, бибилиэтиэкэр, Саргылана Семеновна Слепцова иэйии уһуктар көмүс күһүнүгэр айар дьону кытта бииртэн биир сэргэх көрсүһүү түһүлгэлэрэ тэриллиэхтэрэ диэн иһитиннэрдэ. Уонна сотору кэминэн кини салайар «Алтан чааҕыр» бөлөҕүн толоруутугар бар-дьон дьааҥы чабыргахтарын, туойууларын, норуот ырыаларын кытта үгэлэри истиэхтэрэ.
Раиса Чирикова