Сүгүрүйэбит Эн сырдык ааккар, Учуутал

Төрөөбүт дойду олоҕун-дьаһаҕын, араас эйгэтин сайыннарыыга үөһэттэн ананан кэлбит дьон баар буолаллар. Олортон биирдэстэрин — Анна Дмитриевна Чирикова туһунан истибэтэх, билбэт киһи суоҕа буолуо. Анна Дмитриевна (15.09.1923-23.03.2008) Верхоянскай куорат орто оскуолатын бастакы выпускнига. Аҕа Дойду сэриитин сылларыгар оройуон уопсастыбаннай олоҕун бастыҥ кыттааччыта — комсомуол сэкэрэтээринэн, пионер баһаатайынан үлэлээбитэ, нэһилиэнньэҕэ, ыччат уонна оскуола оҕолорун икки ардыларынааҕы күрэхтэри тэрийиигэ, байыаннай үөрэхтээһиҥҥэ хамандьыырынан, политругунан сылдьыбыта. Бу сүрдээх ылыннарыылаах тыллаах, дьон-норуот ортотугар сылдьар прогрессивнай өйдөөх-санаалаах кыыһы 1944-1945 үөрэх сылларыгар  Дьокуускайдааҕы учууталлары бэлэмниир үнүстүтүүккэ үөрэттэрэ ыыталлар.

Ол кэмнэртэн ыла кини бүтүн олоҕун үөрэҕирии эйгэтигэр аныыр.

Төһө да сыыдам сыллар ырааттар ыраатан истэллэр дьон-киһи оччотооҕу кэмнэри бу баардык өйдүүр.  Учууталларын туйаҕын хатаран элбэх оҕо учуутал идэтин баһылаабыта, ону кытта тыа хаһаайыстыбата, доруобуйа харыстабыла, спорт, култуура кинилэр дьылҕаларыгар уһун көнө суоллары тэлгэппитэ. Анна Дмитриевна үөрэппит оҕолоро оҕо саастарын туһунан куруук сылаастык ахта саныыллар, киэн тутта кэпсииллэр.

«Учуутал. Бу үтүө тыл хас биирдиибитигэр кыра оҕо сааспытыттан өйбүтүгэр-санаабытыгар кэрэ өйдөбүл буолан иҥэн хаалбыт. Кинилэр хаһан да умнуллубат сырдык мөссүөннэрэ олохпут суолун устатыгар үөрэтэр, уһуйар, алгыыр, өйдөтөн-санатан биэрэр аналлаахтар. Оннук киһинэн оҕону иитэр-үөрэтэр үлэҕэ үйэ аҥарын анаабыт, үгүс көлүөнэ ыччакка төрөөбүт норуотун тылын баайын кэрэтин, умсулҕанын дириҥник иҥэрэр туһугар ис сүрэҕиттэн сыралаһан үлэлээбит, Дьааҥы биир дириҥник ытыктыыр, сүгүрүйэр учууталын Анна Дмитриевна Чирикованы ааттыахха сөп. Быйыл биллэриллибит «Педагог уонна наставник сылыгар» түбэһиннэрэн, Анна Дмитриевна бу күннэргэ төрөөбүтэ 100 сылын туолар бэлиэ күнүгэр, кинилиин өр сылларга бииргэ үлэлээбит киһи быһыытынан истиҥ-иһирэх тылбын киниэхэ аныахпын баҕарабын», диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнэ Татьяна Васильевна Габышева ахтар: 

1975 с. Саха судаарыстыбаннай үнүбүрсүтүөтүн бүтэрэн Верхоянскай орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан ананан үлэлии кэлбитим. Мин иннибинэ идэлэрин дэгиттэрдик баһылаабыт, оҕо, төрөппүт билиниитин ылбыт, опыт бөҕөлөөх учууталлар Илларион Николаевич Старостин уонна Анна Дмитриевна Чирикова үлэлии сылдьаллара. Илларион Николаевич биэнсийэҕэ тахсан үлэтин миэстэтин миэхэ биэрбитэ, онон Анна Дмитриевналыын иккиэн хаалбыппыт. Оччолорго эдэр учууталга хайаан да наставник сыһыарааччылар. Мин наставнигым Анна Дмитриевна буолбута. Оҕо эрдэхпиттэн толло көрөр, оҕо барыта да саллар учуутала миэхэ наставник буолбутуттан куттана санаабытым. Ол гынан баран Анна Дмитриевна хара маҥнайгыттан уопута суох, уруок методиката да диэни баһылаабатах, билиитэ-көрүүтэ кыараҕас эдэр киһиэхэ олус кыһамньылаахтык, аамчылаан даҕаны сыһыаннаспыт эбит,  сымнатан, наар «оттон маннык гыннахха хайдах буолуо этэй» диэн уруоктарбын ырытар этэ. Айымньы тылыгар-өһүгэр болҕомто уурары, оҕолор күннээҕи тылларыгар-өстөрүгэр тутталларын наадалааҕынан ааҕара, оҕо айымньыга, дьоруойдарга бэйэтин тус сыһыанын эттэҕинэ олус үөрэрэ. Дьиҥинэн, кини курдук саха тылын баайын,  сүмэтин-сүөгэйин баһылаабыт киһи астыммата дэлэ буолуо дуо, ол да буоллар үлэтин саҥа саҕалаан эрэр киһини салыннарбакка, тэҥнээҕин курдук сыһыаннаһан, сүбэлээн-амалаан учуутал быһыытынан атахпар турарбар көмөтө улахан этэ.

Верхоянскай оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччилэрэ поход кэмигэр, 1963 сыл. А.Д. Чирикова бэйэтэ хаартыскаҕа түһэриитэ.

Анна Дмитриевна билбэт, ыарырҕатар түгэннэргин киниттэн ыйыттаххына олус үөрэрэ. Ол курдук биһиги үөрэнэр кэммитигэр саха литэрэтиирэтин сайдыытын сорох мөккүөрдээх түгэннэрэ сабыылаах этэ. Холобур, Башарин Г.П., саха бастакы суруйааччыларын туһунан аһаҕас кэпсэтии суоҕа. Анна Дмитриевна курдук Саха сирин историятын, Дьааҥы былыргытын, үһүйээннэрин, номохторун, көскө олоро сылдьыбыт дьоннорун туһунан киэҥ билиилээх киһи сэдэх эбитэ буолуо. Ол билиитин үөрэ-көтө үллэстэрэ уонна ыччакка дьаныардаахтык тиэрдэр туһугар сыралаһан үлэлиирэ.

Мин Анна Дмитриевнаны кытта сүүрбэччэ сыл бииргэ үлэлээбит дьоллоохпун. Ол тухары биирдэ киҥир-хаҥыр саҥарсыбакка, өйдөһөн, өйөһөн эйэ дэмнээхтик үлэлээбиппиттэн үөрэбин. Киниттэн билбитим, ылыммытым, иҥэриммитим элбэх. Кэнники бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон төлөпүөнүнэн мэлдьи кэпсэтэр, үөрэппит оҕолоро ханна тиийбиттэрин, тугу үлэлииллэрин сураһар буолара.  Ол курдук эдэр дьоҥҥо болҕомтотун, сэргэх сыһыанын ыһыктыбакка орто дойдуттан бардаҕа. Анна Дмитриевна үөрэтэн-такайан көччөх гынан көтүппүт үгүс көлүөнэ ыччат дьоно араас идэни баһылаан, үтүө дьон буолан төрөөбүт дойдулара сайдарын туһугар кырата суох кылааты киллэрдэхтэрэ, кини сыралаах үлэтэ үйэлэргэ салҕанан барыаҕа.

Учууталым мин дьылҕабар

Анна Дмитриевна Адыаччы нэһилиэгин Кэҥкэбэ түөлбэтигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ, Эҥэ Сайылыгын оскуолатыгар үөрэммитэ. Сэттис кылааһы бүтэрээт Верхоянскай куорат орто оскуолатыгар баран салгыы үөрэммитэ. Ол үөрэнэн баран төрөөбүт дойдутугар кэлэн Адыаччы оскуолатын алын кыылааһыгар учууталлаабыт.

Мария Дмитриевна Гатилова, РФ Үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, СӨ Үтүөлээх учуутала, СӨ үөрэҕириитин систиэмэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ, Адыаччы нэһилиэгин, Верхоянскай куорат Бочуоттаах олохтооҕо, үөрэҕирии эйгэтигэр 53 сыл үлэлээбит учуутал,  Саха сирин Дьахталларын VI  съеһин дэлэгээтэ:

Анна Дмитриевна биһикки Адыаччы үрэҕин алын тардыытыгар баар «Эҥэ Сайлык» диэн учаастактан төрүттээхпит. Кини Верхоянскай оскуолатын бүтэрбит сылыгар Адыаччыга кэлэн биир сыл учууталлаабыта. Мин арааһа ол саҕана төрдүс кылааска үөрэнэрим. Анна Дмитриевна оҕолору олох мөхпөтө, кичэйэн үөрэтэрэ. Оччолорго уот ыстаансыйата, кыраһыын диэн суохтара, онон хас биирдии баартаҕа чүмэчи уматан, ол сырдыгар үөрэнэрбит. Ол саҕана ас-таҥас наһаа татыма. Холобур, мин дьиэбэр, хотоҥҥо уонна оскуолаҕа биир американскай бурдук куулуттан тигиллибит даба ырбаахыннан сылдьарым. Ону учууталбыт Анна Дмитриевна туох да диэбэтэ. Хата оҕолор баттахпытын кырыйара, таһырдьа таһааран кыра тиистээх тарааҕынан тараартарара. Ол курдук, хас биирдии оҕоҕо кыһамньылаах, кыһалҕаны олус өйдүүр учуутал этэ.

Ол биир сыл үлэлээн баран үөрэнэ барбыта. Мин Верхоянскай оскуолатыгар үөрэнэр үс сылбар саха тылын, литературатын үөрэппитэ, үөрэппит тиэмэтин чопчу ирдиирэ, чуолкай эппиэти сөбүлүүрэ. Кини уруогар оҕолор мэниктээбэттэрэ, уу-чуумпу буолара. Саас сахсырҕа дыыгыныыра эрэ иһиллэрэ. Оччолорго Верхоянскай орто оскуолата оройуоҥҥа соҕотох улахан оскуола этэ, Адыаччыттан, Табалаахтан, Боруулаахтан, Сартаҥтан, Дулҕалаахтан, сороҕор Саккырыыртан уо.д.а. сирдэртэн кэлэн үөрэнэллэрэ. Учууталбыт Анна Дмитриевна көрүстэр эрэ «Маша, эн Ленинградка үөрэнэ бар. Онно «3» сыанаҕа да туттардаххына ылар Герцен аатынан Хотугу Норуоттар институттара баар»  диэн сүбэлиирэ. Онно хантан үп-харчы булан барыахпыный уонна ол 4 cылы быһа миигин ким иитиэй, суох буоллаҕа дин.

Учууталым 80 сааһын туолар үбүлүөйүгэр миигин уонна эдьиийбин Огдооччуйаны — Евдокия Дмитриевнаны ыҥырбыта. Анна Дмитриевна дойдутун, чугас билэр дьонун, биир дойдулаахтарын туһунан интириэһиргээн куруук ыйыталаһара, төһө кыалларынан өйүүрэ.

Мин учуутал буоларбар Анна Дмитриевна сабыдыала улахана. Ол иһин кини маҥнайгы үөрэнээччитэ буоларбынан киэн туттабын уонна махтанабын.

Сэбиэскэй норуот бүттүүн турунан биэс сыллаах уоттаах сэриини кыайбыта. Устудьуон кыыс 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр бу Улуу Кыайыыны бэлиэтээһин улахан бараадыгар кыттыыны ылбыта. Устудьуоннуур сылларыгар спордунан сорунуулаахтык дьарыктаммыта, чэпчэки атлетикаҕа, хайыһар спордугар В. Кон диэн аатырбыт, уос  номоҕор киирбит тренергэ үөрэммитэ.

Ол ыар кэмнэр  санньыардарын, сүтүктэрин сүкпүт харах уулаах, үөрүү көтөллөөх күннэргэ саҥа олоҕу тутуу саҕаламмыта.  Анна Чирикова үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн төрөөбүт Дьааҥытыгар кэлэн Верхоянскай куорат оскуолатыгар  саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэлээбитэ. Эдэр учуутал иитэр үлэҕэ туспа, аныгылыы көрүүлээх, систиэмэлээхтик үлэлиир  учуутал, завуч, дириэктэр буола үүммүтэ. Иитээччилэрэ, үөрэнээччилэрэ кини үтүө суолун батыһан дойду араас муннуктарыгар, төрөөбүт дойдуларын сайдыытын инники туппут хоһуун үлэһит дьон буолбуттара. Үчуутал үлэтин кытта улахан дьиэ-кэргэн олоҕун тэҥҥэ туппут ытык ийэ быһыытынан нэһилиэнньэҕэ, оройуоҥҥа бастыҥ холобур буолбута.

Верхоянскай куорат маҥнайгы олохтоммут сиригэр айан

Анна Дмитриевна оҕо киэҥ эйгэҕэ тахсыытыгар бастакы үктэлэ төрөөбүт кыраайы үөрэтииттэн саҕаланарын чуо ыйан туран үөрэнээччилэригэр элбэх походтары, экспедициялары тэрийэрэ. Ол туһунан «Верхоянскай куорат маҥнайгы олохтоммут сиригэр айан» диэн киирии тыллаан үөрэппит оҕото маннык ахтар.

Екатерина Семеновна Другина-Слепцова,  Верхоянскай куорат олохтооҕо:

1963 сыллаахха ыам ыйын 28 күнүгэр кылааспыт салайааччыта Чирикова Анна Дмитриевна 7-а кылааска үөрэнэ сырыттахпытына улахан бэлэмнэнии кэнниттэн ыраах айаҥҥа илпитэ. Дьыл-хонук ааһара түргэнэ сүрдээх, олох уу долгунунуу устар — номнуо 60 сыл ааһа охсубут. Төһө да элбэх сыл аастар, бу түгэн биһиги олохпут тухары үтүө өйдөбүл буолан сырыттаҕа, онно сылдьыбыт оҕолор көрүстэхпит аайы айаммытын өйдөөн-санаан ааһабыт. Биһиги учууталбыт Анна Дмитриевна Чирикова элбэх билиилээх, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, кини баай историятын үөрэнээччилэригэр оҕо эрдэхпититтэн иҥэрбит эбит диэн махтанабыт. Кини биһигини билигин сахатытан Дьасааһына диэн ааттанар, Верхоянскай куорат саамай бастакы олохтоммут сиригэр илдьибитэ. Оччотооҕу оҕолор кыра эрдэхтэпититтэн үлэҕэ моҺуллан кыра ыарахаттартан кыҺаллыбат этибит. Бу айаммытыгар сорох оҕолор доруобуйаларынан сыыйыллан куоракка хаалбыттара, барсыбатахтара. Хас да оҕо Мачах олохтоохторо буолан, ыраах, чугас диэбэккэ, сатыы да, билиссиппиэтинэн да сылдьар уөрэхтээх этибит. Хаар ууллубут кэмэ буолан хаамарга бэрт мөлтөх курдуга. Суолбут ортотугар, Аккыга тиийэрбитигэр сылайыы-элэйии кэлбитэ. Уолаттар бууһа тэттибит курдук буолтара, үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ муҥура суох этэ, онуоха эбии Анна Дмитриевна тэптэрэн, киһиргэтэн биэрэр быһылааҕа.

Сотору тиийиэхтээх сирбитигэр Мачахха тиийэн күө-дьаа буоллубут, олохтоохтор кулууб дьиэтин бэлэмнээн тоһуйдулар. Сарсыҥытыгар сыаллаах сирбитигэр Дьасааһынаҕа бардыбыт, Мачахха улааппыт уол Гриша Горохов сирдьит буолта. Оттон мин Дуся Слепцовалыын, олохтоох дьон быһыытынан, ыйан-кэрдэн биэриэхтээх этибит да,  учууталбыт ону-маны ыйыттаҕына бэркэ мунаарар этибит, ол да иһин буолуо, аттаах дьаамсыгы кэпсэтэн арыаллаппыта. Бастаан, урут, холхуос саҕаттан саһыл фермата турбут Кэрискэҕэ,  онтон Саха Мачаҕа диэн сиргэ тиийбиппит (бу сир урут биһиэттэрэ олохсуйан олорбут сирдэрэ, кэлин билиҥҥи Мачахха көспуттэрэ). Оччолорго, онно, бырамыысаланнас сайдыытын саҕана, Дальстрой үлэһиттэрэ эмиэ олорбуттар, ол иһин «Нуучча Мачаҕа» диэн ааттанар. Саха Мачаҕар (уруккута ферма буолан) онон-манан эргэ дьиэлэр, өтөхтөр хаалбыттар. Намыһах соҕус сис сирэйигэр эргэ дьиэлэр омоонноро баар этэ уонна чугас-чугас омуһахтар,  хайа анныгар киэн сыһыы, биэрэк үрдүгэр дьиэ көстөр. Бэккэ тиҥсиринэн, көрдүбүт да биир соҕотох сэргэттэн атыны тугу да көрбөтүбүт. Анна Дмитриевна нууччалар Постник Иванов салайааччылаах манна кэлэн тохтоон олорбуттара диэн кэпсээнин саҕалаабыта. Бэрт элбэх атынан айаннаан бу сиҺинэн түспүттэрэ диэн көрдөрбүтэ. Ол бэлиэтинэн биир эрэ сэргэ самнайан турарын булан, барыбытын онно тула туруоран  хаартыскаҕа түһэрбитэ. Билигин ити хаартыскаҕа эрэ хаалбыт Постник Иванов сэргэтэ диэн история кэрэҺэтэ буолан көстөн хааллаҕа. Хомолтолооҕо диэн Анна Дмитриевна бэйэтэ биһигини кытта хаартыскаҕа түспэтэҕэ буолар. Дьэ итинник кэрэ киһи,  билиини-көрүүнү эрэ буолбакка, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрбит дьиҥнээх учуутал этэ.

Оскуолабыт иһигэр саамай истигэнэ суох, мэник оҕолор диэн аатыраммыт хайа да учуутал кылаас салайааччыта буолуон баҕарбат этэ. Арай Анна Дмитриевнаҕа «эн эрэ кыайыаххын сөп ити кылааһы» диэн анаабыттарын, үөрүүннэн ылыммыта үһү. Ону улахан дьон буолан баран билбиппит. Учууталбыт мөҕүүнү баҕас кыайара — уолаттары «баттаххытын кырыныҥ» дии сатаан баран, эриэн гына кырыйан кэбиһэр этэ. Оттон кыргыттары «баттаххыт биэнньик курдук буолбут, ойуур быыһынан көрө олороҕут, суунуҥ», диэн бэккэ ньалыйааччы. Аны санаатахха, олус сөпкө, олох араас көстүүтүгэр үөрэппит эбит. Бу да ыраах сиргэ, кыра оҕолору сатыы илдьиитэ дьиҥнээх сахалыы иитии эбит.

Тапталлаах учууталбыт Анна Дмитриевна Чирикова олоҕо умнуллубат сулус буолан  биир дойдулаахтарын, үөрэппит оҕолорун дууһаларыгар тыыннаах сылдьара – олох сокуона буоллаҕа. 

Киэҥ эйгэлээх Киһи

Ити курдук оҕолор учууталларын Анна Дмитриевна Чирикова салалтатынан, билиҥҥи куораттан 30 килэмиэтир тэйиччи, Дулҕалаах үрэҕин баһыгар баар урут дьон дьаһаах хомуйа олоро сылдьыбыт бастакы кыстык сирдэригэр тиийэн научнай суолталаах  матырыйааллары булбуттара кыраайы үөрэтиигэ дьоһун суолталаах матырыйаал буолбута. Бу чинчийии түмүгүнэн онно олорон ааспыт дьон дьиэлэрэ, тутуулар икки ардыларын кээмэйэ Дьааҥы сирин үөрэтиигэ, учуонай-историктар чинчийэр үлэлэригэр тирэх буолбута. Чинчийэн үөрэтии этэринэн ол дьаһаах кыстыга 60 сыл турбут. Маннык походтар итинэн эрэ бүппэтэхтэр. Ол курдук, эдэр учуутал Анна Дмитриевна үөрэнээччилэрин кытта Верхоянскай куорат тулатынааҕы сирдэринэн элбэх сатыы уонна хайыһарынан походтары тэрийбит.

Анна Дмитриевна өссө биир дьарыгынан — хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиппит үлэлэрэ, видеоннан устуулара араас кэмнэр историяларын кэпсиир матырыйааллар буолан хараллыбыттара. Кини, киэҥ эйгэлээх учуутал саха тылын, литэрэтиирэтин үөрэтии тосхолунан ыыппыт семинардарыгар, научнай кэмпириэнсийэлэригэр төрүт национальнай тылы сөргүтүү боппуруостара сытыытык туруоруллубуттара.

Дьааҥы сирин түөлбэлээн олорор нэһилиэктэрин саҥарар саҥалара уратытын, ырыалара-тойуктара былыргытын (архаичнайын) чинчийээччилэр уруккуттан сэргииллэр.  Өссө 1965 сыллаахха лингвист-учуонай Петр Саввич Афанасьев чинчийэр үлэтигэр  Анны Дмитриевна аатын «Говор верхоянских якутов» диэн кинигэтигэр киллэрбитэ.

Дьааҥы чулуу кыыһа

Учуутал Анна Дмитриевна үлэтэ, олоҕо куорат, оройуон  уопсастыбаннай олоҕун кытта ыкса ситимнээҕэ. Кини Верхоянскай куорат дьокутаатынан талыллан элбэх хамсааһыннары ыыппыта. Верхоянскай куорат уонна оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин исполкомун чилиэнинэн,  Саха АССР Үрдүкү суудун сэтээтэлинэн талыллан уопсастыбаннай олох оргуйар киинин инники күөнүгэр сылдьыбыта. Ону таһынан спортивнай-маассабай үлэлэргэ ыччаттары түмэрэ, холобур буолара. 1958 с. атырдьах ыйын 14-16 күннэригэр ыытыллыбыт Саха АССР норуот үөрэхтээһинин 1-кы Конгреһын дэлэгээтэ. Адыаччы нэһилиэгин аатыттан «Дьааҥы. XX үйэ дьоно» ахсааннарыгар киллэриллибитэ. Үөрэҕирии эйгэтигэр өр сыллаах таһаарыылаах үлэтин сыаналаан РСФСР үөрэҕириигэ Министиэристибэтиттэн «РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна», «Учууталлар учууталлара», «Үлэҕэ килбиэнин иһин» бэлиэлэринэн,  ону кытта «1941-1945 cc. Килбиэннээх үлэтин иһин», «Ийэ буолуу» 2-с степэннээх мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ. СӨ Педагогическай энциклопедиытын иккис туомугар киллэриллибитэ. Бүттүүн оройуон ытык киһитэ оройуонтан, оройуон оскуолаларыттан элбэх кырааматалары туппута. Үрдүк таһымнаах, үтүө көрдөрүүлээх үлэтин уонна кыраайы үөрэтиигэ улахан кылаатын билинэн «Дьааҥы оройунун уонна Верхоянскай куорат Бочуоттаах олохтооҕо» аттарынан бэлиэтэммитэ.

2009 сылтан кини оҕолоро күн күбэй ийэлэрин Анна Дмитриевна аатынан Верхоянскай куорат оскуолатын бүтэрээччилэргэ анал стипендия олохтообуттара.

Дьааҥы чулуу киһитэ, хоһуун үлэһитэ, Ытык учуутал — Анна Дмитриевна Чирикова аатын үйэтитии «Учууталга махтал»  диэн өйгө-сүрэххэ хаһан да өспөт сулус буолан сыдьаайар.

Раиса ЧИРИКОВА

Читайте дальше