Баатаҕайга «Дьааҥы быйаҥа-2024» улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапка-дьаарбаҥкатыгар бэйэ бородууксуйата хото тардылынна.
Убаһаттан бүлүүдэ хас да көрүҥэ, бурдук ас эгэлгэтэ, Дьааҥы куобаҕа, куһа, балыга, үүт аһылыга, эмтээх үүнээйиттэн чэй арааһа, о.д.а. сиэдэрэйдик тэлгэнэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүлүннэ, атыыланна.


