Үрүҥ халааттаах аанньалбыт

Саамай  истиҥник  доҕордоспут дьүөгэм  Наталья  Михайловна  манна  кэлбитэ  быйыл 46 сылын туолла. Кини  Табалаах  курдук  улахан  нэһилиэккэ  ыарыһах ыҥырытыгар  утуйар  уутун  умнан, саас-күһүн бадарааны  ортотунан, кыһын томороон  тымныыга сүүрүү-хаамыы  былаастаах  суһал  көмөнү  оҥорор,  бүтүн  нэһилиэк  ытыктыыр, сүгүрүйэр  үрүҥ халааттаах  аанньалбыт буолар.

Наталья  Михайловна  тапталлааҕын  көрсөн, нуучча  тылын  уонна  литературатын учууталыгар Хамхоев Темерлан Хизировичка кэргэн тахсыбыта. Уоллаах кыыс оҕоломмуттара. Уолларыгар Жорик диэн ааты  иҥэрбиттэрэ, мааны  кыыстарыгар Мариэтта диэн эбээтин  аатын биэрбиттэрэ.

Иккиэн наһаа үлэһит  дьон  олохторун-дьаһахтарын оҥостон  испиттэрэ… Ол эрээри, хомойуох иһин, Наталья  Михайловна  эрдэ соҕотох  ийэ  буолар  дьылҕаламмыта. Төһө да ыараханы  көрсүбүтүн  иһин, сөбүлээн  олохсуйан эрэр  дойдутугар үгүс  доҕоттор, атастар  көмөлөрүнэн салгыы  үлэлээн, дьон доруобуйатын туһугар сынньалаҥын  умнан  туран үлэҕэ умса  түспүтүнэн  барбыта.

Бастакы  сылыгар  омук  тылын  учуутала  Аграфена  Васильевна  Андреева  олорсубута. Онтон  иккис  сылыгар  дойдулаан  хаалбыта.

Буор  оһохторун чоҕун  көрөн, сабыллара  эмиэ  баар үлэ буолара. Мариэтта  кыра кылааска  үөрэнэрэ, онон  үлэтэ  үгүс этэ. Сыл ахсын ыытыллар  медицина  отчуотугар Баатаҕайга, курсовойдарга  Якутскайга бардаҕына, кыра да  буоллар көмө  буоллун  диэн, Мариэттаҕа  «эдьиий» буолан, дьиэни  тутан  хааларым. Хата, оҕом  кырабын  диэбэккэ, тутта-хапта  сылдьара, олоххо  көрүүтэ-истиитэ  олох  улахан киһи  курдуга.  Ол  курдук бэйэтин  тэринэрэ, үчүгэйгэ-сырдыкка  талаһара, туохтан да  толлубат  күүстээх  санаалааҕа – барыта ийэтин  иитиитэ  этэ.  Оскуола  биир  бастыҥ  үөрэнээччитэ, активиһа, «Дьэргэлгэн» үҥкүү  ансамбылын  солбуллубат  үҥкүүһүтэ  буола  улааппыта.

Күн-дьыл  ааһан  иһэр.  Билигин  Мариэтта  Темерлановна  Мирнэйгэ  регистартор прав, ведущий  специалист-эксперт  диэн  дуоһунаска  үлэлиир.  Кэргэнэ Семен  Гавриилович – «Интернациональнай»  рудник  Мирнэй уонна Ньурба  горно-обогатительнай  комбинатыгар  кылаабынай  инженер. АК  АЛРОСА  үлэлиир.  Марина, Руслан  уонна  Вадим  диэн үс  оҕолоохтор.

Уола  Жорик  аҕатын  эдьиийдэригэр  иитиллибитэ. Иккиэн  учууталлар , ол иһин «эн – курдук  көрөн-истэн улаатыннарыахпыт» диэн  көрдөһөн  ылбыттара. Сэрии саҕана сибээстэрэ  быста  сылдьан баран, булсуспуттара. Билигин   Джабраил  Темерланович  Ингушетия  Назрань  куоратын прокуратуратыгар  уголовно-судебнай отделга  старшай прокурорунан  үлэлиир. Аза  Руслановна  диэн  врач-косметолог  кэргэннээх. Үс кэрэттэн-кэрэ  Лина, Алиса, Нелли  диэн  кыргыттардаах  уонна  күүтүүлээх  мааны уоллара  Эмин диэн.

Наталья Михайловна  сайын аайы  уоппускатыгар  оҕолоругар, сиэннэригэр  үөрэ-көтө   күүлэйдии  барар.  Бастаан  ыраах  сиртэн Назраньтан  саҕалыыр. Оҕотун, кийиитин, сиэннэрин  көрсөн, дуоһуйа  сынньанан, ахтылҕанын таһааран кэлэр. Салгыы Мирнэйгэ Жоригын  туһунан кэпсээн-ипсээн, үөрүүтэ өссө  үрдүүр. Мариэтта  мааматын  таптаан астыыр астарын  туохтааҕар да  ордорор, сиэннэр өссө  күүскэ таптыыллар. Даачаны көрүү-истии,  кэнсиэрбэлээһин – барыта  маамаларын  илиитин  иһинэн ааһар.

Олох  салҕанар. Наталья  Михайловна  СГУ  медицинскэй  факультетын бүтэриэҕиттэн биһиги  Табалаахпытыттан харыс да  хамсаабакка  үлэлии  сылдьар, нэһилиэк дьонун-сэргэтин  махталын  ылыан ылар, сымнаҕас  илиилээх  үрүҥ халааттаах  аанньал буолар. Наталья  Михайловна  кыһамньылаах , бэриниилээх  үлэтинэн  үрдүк  категориялаах  быраас. РФ  уонна  СӨ  доруобуйа харыстабылын  туйгуна, СӨ  үтүөлээх  бырааһа  уонна  нэһилиэк  депутата буолары ситиспитэ – бу барыбыт дьолбут дии саныыбыт.

Мин  дьонум  «Наталья –  биһиги  улахан  кыыспыт» диэн  таптаан  ааттааччылар. Субуотаҕа  кэллэҕинэ, үөрэ  түһэллэрэ. Оҕолорун, сиэннэрин туһунан  ыйыталаһаллара. Доруобуйаларын туһунан  ыйыталастаҕына, «этэҥҥэбит» диэнтэн  атыны билбэттэрэ. Остуол  тула  олорон, уруккуну-хойуккуну сэлэһэн, тото-хана аһаан,  наһаа  үөрэн-көтөн  траҕаһарбыт. Уоппускаҕа  бардаҕына , «күүтүөхпүт» диэн  хаалаллара.  Кэлэригэр  кэһии  ууран  көрсөллөрө, кини эмиэ  кинилэргэ  кэһиилээх  кэлэн  үөрдэрэ.  Хас  юбилейдарыгар  бастакынан ыҥырааччылар, онон  Наталья  мин  дьонум  мааны   тапталлаах  кыыстара, эмчиттэрэ  этэ.

Күндү  тапталлаах  дьүөгэм Наталья  Михайловна, Табалаах нэһилиэгэр  кэлбитиҥ 46 сыла  туолбутунан ис  сүрэхпиттэн  истиҥник  эҕэрдэлиибин!  Бар   дьоҥҥо  үтүө сыһыаныҥ хаһан да сөҕүрүйбэтин; оҕолоруҥ, сиэннэриҥ  өрүү  эйигин  үөрдэ  турдуннар; айылҕаттан  дэгиттэр  дьоҕуруҥ  өссө  үрдүк  ситиһиини, үгүс  үөрүүнү-көтүүнү, толору дьолу-соргуну  аҕалыахтын, инникигэ  дьулуур, үтүөҕэ  эрэл  мэлдьи  үрдүккэ угуйа турдуннар!

Дьүөгэтэ Елена Петровна  Ефимова, СӨ  үөрэҕириитин  туйгуна

Читайте дальше