Адыаччыбыт сайдыытын туһугар салалта, урбаанньыт, нэһилиэнньэ – бары биир сомоҕо! Оройуоҥҥа, нэһилиэктэргэ сылтан сыл ынах сүөһү иитиитин боппуруоһа өрүү күүстээхтик сытыырхайан иһэр. Манна төрүөтэ син балай да элбэх эрээри, ордук – көрүүтэ, иитиитэ баһаам бириэмэни ыларыттан, иккиһинэн – сылгы сүөһүгэ көһүүттэн, о.д.а. бааллар. Ол да иһин кэлин үлэлэһиэн, ылсыан баҕалаах дьон-сэргэ чахчы да тарбахха баттанар ахсааҥҥа чугаһыыр сабыдыалланна диэн кэлиҥҥи кэмҥэ элбэхтэ бэлиэтиир буоллулар.
Бу улахан кыһалҕаны быһаарарга ааспыт сылтан үлэлии олорор Адыаччы нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата бар дьонун иннигэр туруоруммут сыллааҕы үлэтин-хамнаһын болдьоҕор сөптөөхтүк ыытан, тутуһан ылыммыт былаанын олоххо салгыы ситиһиилээхтик киллэрэн эрэр.
Олохтоох салалта уопсай былааныгар киллэрбит тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар сыаллаах үлэтигэр – тыа хаһаайыстыбатын атыылаһар, атыылыыр кооперативын аһыыта баар. Ити сүрдээх сыраны ирдиир үлэҕэ бастатан туран бөһүөлэккэ олохтоох ферма тутуллара хайаан да наада буоллаҕа. Кэм-кэрдиини сөпкө тутуһан олохтоох дьаһалта номнуо бу улахан былаан уонна бырайыак хаамыытын түргэтиннэрэр туһуттан бэйэ кэмигэр киин куораттан – пенополистирол, стеклопакет, профлиис курдук ферма тутуутугар сөптөөх, табыгастаах матырыйааллары тиэйтэрэн миэстэтигэр аҕалтарбыта.
Онтон бу улахан тутууну Адыаччы нэһилиэгин биир саамай сатабыллаах чуолаан маска уонна тутууга урбаанньыта Олег Гатилов бэйэтин кытта түөрт киһилээх тутаах биригээдэтин солбуллубат уолаттара Гаврил Горохов, аҕа уолунаан – икки Ахмед Прудецкайдар уонна Николай Аммосов ылсан сылдьаллар. Бырайыак былаанынан уопсайа ситэриллэн, хоторуллан 50 ынах сүөһү кыстыгы туоруутугар аналлаах тутуу тахсара күүтүллэр. Хойутааһына суох сарсыарда 9 чаастан киэһэ 7 чааска диэри бириэмэтин тутуһан сылдьар тутуу биригээдэтэ улахан мастан саҕалаан кыра маска, дуоскаҕа тиийэ бэлэмнээн, кээмэйдээн, баһаам үлэни аччаппыта, көҕүрэппитэ көстөр. Аҥаардас уон эрэ хонук иһигэр хайыы үйэ тутуу бириигээдэтэ олоххо киириэхтээх ферма оннун уонна көҥдөйүн түмүктүүр уһугар күн бүгүн биллэ чугаһаппыт.
Урбаанньыт, биригээдэ салайааччыта Олег Гатилов бөһүөлэккэ ферма олоххо киириитигэр – сүөһүтэ да суох киһи сүөһүлэниэн сөп курдук диэн иһитиннэрэр. Сотору кэминэн аһыллан үлэтин саҕалыахтаах фермаҕа билиҥҥи туругунан номнуо ыраахтан, чугастан сүүрбэччэ ахсааҥҥа тиийэ барар ынах сүөһүнү дьон-сэргэ көрүүгэ, иитиигэ туттараары күүтэ сылдьара иһиллэр. Оруннаах үлэҕэ ылсан сылдьар урбаанньыт Олег Иннокентьевич биригээдэтэ бу тутуу иннинэ сайыҥҥы кэмҥэ төрөөбүт нэһилиэгин 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсөр быйыл буолан ааспыт өрөспүүбүлүкэ, оройуон, бөһүөлэк дьонун-сэргэтин үрдүк хайҕабылын, кутун-сүрүн туппут, сүүйбүт улахан Ыһыаҕар ат сүүрдүүтэ күрэҕин сырдатар сүрүннүүр биллэрээччи сылдьар үрдүк миэстэтин, стадион сүрүн саҥа сыанатын, улахан аһыыр остуолларын, туалетын, күрүөтүн бар дьонун туһугар көмө быһыытынан аҥардаах оҥорбута, туппута биллэр. Ону таһынан бөһүөлэк стадионун саҥардыллар күрүө сиэрдийэтин суоруутугар кини биригээдэтэ буор босхо ылсан көмөлөспүтэ кэмигэр улахан өҥөлөөх этэ. Инньэ гынан, ахсаана суох элбэх үйэлээх тутууга ылсыбыт уонна ылсан сылдьар урбаанньыт Олег Гатилов бэйэтин кытта эрэллээх биригээдэтэ хайҕаныах эрэ тустаахтар.
Оттон бу үлэни түмүктүүр тиһэҕэр тиэрдиэхтээх Адыаччы нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Саргылаана Стручкова өрүү биир да түгэни ыһыктыбакка көрө, билсэ сылдьар. Тутуута түмүктэнэн эрэр ферма үлэтин хаамыытын бу күннэргэ оройуоҥҥа тыа хаһаайыстыбатын салалтата көрөн, билсэн, кэпсэтэн бардылар. Үлэ тэтимнээхтик бара турарыттан үөрэллэр уонна биһирииллэр. Салгыы нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Саргылаана Стручкова Дьокуускай куоракка балаҕан ыйын 27-29 күннэригэр «Ас-үөл-2024» агропромышленнай быыстапка-дьаарбаҥка иһинэн ыытыллар тыа хаһаайыстыбатын олоҕун-дьаһаҕын киэҥник ырытар, сүбэлэһэр мунньахтарга, көрсүһүүлэргэ кыттыыны ылыахтаах. Манна өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан бастыҥ көрдөрүүлээх, ситиһиилэрдээх кооперативтар, бааһынай хаһаайыстыбалар бэйэлэрин уопуттарыттан билиһиннэриэхтэрэ, үллэстиэхтэрэ. Онон чахчы да наадалаах уонна оруннаах тэрээһин ыытыллара сабаҕаланар.
«Москуба куорат тута тутуллубатаҕа» диэн ыраатта мээнэҕэ эппэтэхтэрэ чахчы, саха тугу сатаабатаҕай – санаа тугу кыайбатаҕай?! Бастакы саҕалааһын баар буоллаҕына салгыыта хайаан да инникилээх буолара саарбаҕа суох. Оттон бука туораттан көрө, истэ сылдьар дьон маннык үтүө хамсааһыннары бэйэ өттүттэн өйүүр уонна холобур оҥостор иэстээхпит. Бары да саха дьоно-сэргэтэ буоларбыт быһыытынан өбүгэлэрбит саҕаттан өргө диэри илдьэн кэлбит төрүт үгэспитин, дьарыкпытын бырахпакка, хаалларбакка сөргүтүөҕүҥ, салгыаҕыҥ диэн ыҥырабыт. Саха буолан сандаарыҥ, киһи буолан килбэйиҥ! Туругурдун Дьааҥыга – ынах сүөһү, туругурдун Дьааҥыга – тыа хаһаайыстыбата!
Константин Каженкин
Ааптар бэйэ хаартыскаҕа түһэриилэрэ