Бүгүн мин XX-с үйэ саҕаланыытыгар үөскээн-төрөөн, бэрт кырыымчык, аас-туор олоххо улаатан, киһи-хара буолан, үлэнэн дьоллонон олорон ааспыт Горохов Бүөтүр Бөтүрүөбүс туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Горохов Бүөтүр Бөтүрүөбүс (Уйбаныап) 1913 сыллаахха төрөөбүтэ. Ханна төрөөбүтүн, хантан кэлбитин кыра буолан өйдөөбөтө эбитэ үһү. Арай ат эрэбэдэйин иһигэр олорон өр да өр айаннаабыттар, «эрэбэдэй хайаҕаһынан көрөр этим» диирэ. Мас-Ураһа диэн сиргэ олорбут. Сааһынан биир сыл улааттар даҕаны, бу сириттэн сатыы сылдьан, 12 килэмиэтир тэйиччи турар Эҥэ-Сайылык оскуолатыгар биир үөрэх дьылын үөрэммитэ. Бу үөрэҕэ киниэхэ олоҕор элбэҕи биэрбитэ: ол курдук кинигэни, хаһыаты, сурунаалы ааҕара, көҥүл суоттуура. Уончалаах сылдьан Кэҥкэбэҕэ Баһылай оҕонньордооххо (Чириков Гаврил Ильич эһээтэ) олорон, кини уолун Чириков Илья Васильевиһы батыһыннара сылдьан дьабарааскылаан, куобахтаан, балыктаан аһыырбыт диэн истиҥник ахтара.
Онтон 30-чалаах сырыттаҕына «сэрии ыарахан сылларыгар кыра уолаттары батыһыннара сылдьан дьабарааскылаан, отонноон, кустаан, куобахтаан, балыктаан, булчут мындыр өйүнэн аһатан-таҥыннаран улаханнык абыраабыта» диэн сэрии сылларын оҕолоро Атласов Афанасий Афанасьевич (1931-21.05.2008), Слепцов Николай Христофорович-Болльооҥкуй (1910-2004) ытыктаан махталларын этэллэрэ. Чириков Степан Ильич сэрии сылларыгар Бүөтүрү батыһа сылдьыбытын маннык кэпсээбиттээх: «Бүөтүр бултаабыт дьабарааскыбытын, куобахпыт тириитин атахпытыгар эрийэн, этэрбэс оҥорон биэрэрэ. Онон элбэх оҕону тоҥортон, өлүүттэн быыһаабыта».
Бүөтүр Бөтүрүөбүс сэрии кэнниттэн улахан үлэлэри үлэлээбит киһи. Ол курдук, билигин да кэпсээҥҥэ сылдьар, Дьааҥыттан сайын бүтүүтэ Кылыгырга (Алдан өрүскэ) 40 аты сиэтэн илдьэн, биири да сүтэрбэккэ, борохуокка туттарбыта. «Дьэ, ол айана кытаанах этэ» диэн кэпсиирэ. Маннык үлэтин иҺин Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ М.П.Щенин 1952 сыл ыам ыйынааҕы бирикээһинэн «Сүөһү иитиитигэр социалистическай үлэ маастара» аат иҥэриллибитэ. Бу туһунан 2004 сыллаахха тахсыбыт П.И.Слепцов «История развития сельского хозяйства Верхоянского района (1930-2003 годы)» кинигэ 28-с сирэйиттэн булан көрүөххэ сөп.
Үйэтин тухары төрөөбүт түөлбэтигэр, Туостаах эбэ туонатыгар сопхуос бастыҥ булчутунан сылдьыбыта. Оччолорго тимир көлө диэн суоҕа, онон табанан, атынан, ытынан көлүүрдэнэн сылдьан сылга 1500-лыы куобаҕы, 500-600 тииҥи, 200-300 кырынааҺы бултаан сопхуоска туттарара. Сопхуос тигинэччи үлэлии турдаҕына, сайын биир киһиэхэ 250 центнер оту оттоон туттарарыгар сорудахтыыллара. Ону илиинэн оттоон, сыл ахсын былаанын толорон, «Адыаччы» сопхуос сайдыытыгар улахан төһүү киһи этэ. Саас сайыҥҥы оттуур сири нүөлсүтүүгэ, кэтээн туран өртөөһүн үлэтин ылсыһан туран үлэлиирэ. Итинник хоһуун үлэһит дьон баар буолан, 1000-нан хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн кэнники көлүөнэҕэ хааллардахтара.
Билигин Бүөтүр Бөтүрүөбүс бултаабыт, олорбут сирэ, ампаара музей курдук Киһилээх туристическай база территориятыгар турар. Кини бултаабыт тэриллэрин туристар сэҥээрэ көрөллөр. Оттон 1968 сыллаахха Туостаах сириттэн бэдэри бултаабытын, кэнники оҕолорум, сиэннэрим көрүөхтэрэ диэн туран оскуола музейыгар туттарбыта. Ону дириэктэр Михаил Александрович Слепцов чуучула оҥорбута күн бүгүнүгэр диэри Адыаччытааҕы палеонтологическай музей биир сэдэх экспоната буолан дьон интэриэһин тардар.
Ити курдук уот куйаас сайыны аахсыбакка сопхуоска сир, от үлэтигэр кыҺыл илиитинэн үлэлээн, тоһуттаҕас тымныыны аахсыбакка булду сонордоһон, судаарыстыбаҕа күндү түүлээҕи туттаран, үлэнэн дьоллонон, кэргэн, оҕо-уруу тэринэн олорон ааспыта.
Ахтыыны суруйда Любовь Горохова, олохтоох бибилэтиэкэ үлэһитэ, Адыаччы