Yлэни өрө туппут дьоммутунан киэн туттабыт

Биhиги ийэлээх аҕабыт Анисия Игнатьевна Прудецкая уонна Николай Николаевич Баишев диэн буолаллар. Ийэбит 1920 сыллаахха Табалаах нэhилиэгэр, аҕабыт 1923 сыллаахха Верхоянскай куоратыгар төрөөбүттэрэ. Иккиэн  7 кылаас үөрэхтээхтэрэ, ол кэм мээрэйинэн үөрэхтээх дьон буолаллар.

Ийэбит Адыаччы начальнай оскуолатыгар ситиhиилээхтик үөрэнэр, ол кэнниттэн Верхоянскай ситэтэ суох орто оскуолатыгар үөрэнэ барар. Yөрэҕэр үчүгэй, сүрдээх активнай позициялаах кыыс 1933с. пионерскай тэрилтэ чилиэнэ, 1936-37с. комсомолка, 1966с. КПСС чилиэнэ буолар.

Сытыы өйдөөх, киэҥ билиилээх, эдэр, 19 саастаах кыыhы 1939 сыллаахха Табалаах нэhилиэгин исполкомун председателинэн талаллар. Бу сэрии ыарахан кэмнэригэр, байыаннай бириэмэ ирдэбилинэн, киэҥ тэрээhиннээх үлэ саҕаланар: холкуоhу тэрийээhин,  дьон-киhи ахсаанын ааҕааhын, дьону ааҕарга үөрэтии, фроҥҥа көмө үлэлэр уо.д.а. Кэнники сылларга ийэбит счетовод-кассирынан, экономиhынан, фактория сэбиэдиссэйинэн. 1963-1972с. Табалаах детсадын сэбиэдиссэйинэн, онтон завхоhунан үлэлиир. Тэрийэр дьоҕурдаах, дьоҥҥо сыhыана үчүгэй, киhини бэйэтигэр тардар  хаачыстыбалаах буолан салайар тэрилтэтигэр илллээх коллективы олохтуур.

Анисия Игнатьевна Yлэ уонна тыыл ветерана, Дьааҥы улууhун бочуоттаах гражданина, ситиһиилээх үлэлэрин иһин грамоталарынан, медалларынан наҕараадаламмыта: Кыайыы 30, 40, 50, 60, 65 юбилейнай мэтээллэринэн, В.И. Ленин 100-сааhыгар, Октябрьскай Социалистическай Революция 80 сылыгар аналлаах мэтээллэринэн, Саха  республикатын президенэ М.Е.Николаев махтал суругунан, Саха  республикатын президенэ В.А.Штыров махтал суругунан, Дьааҥы улууhун, Табалаах нэhилиэгин баhылыктарын, профсоюзтар бочуоттаах грамоталарынан.

Аҕабыт Николай Николаевич Баишев үлэтин суолун «Верхоянский Большевик» диэн хаhыат техническай секретарыттан саҕалыыр. Ол кэнниттэн Верхоянскай куоракка гидрометеослужба үлэhитинэн, райсовет Осавиахимын командир-инструкторынан, горисполком секретарынан, райотдел кинофикациятын начальнигынан, райфин отдел налоговай инспекторынан, лесхоз улэhитинэн, Адыаччы совхоз кладовщигынан, подсобнай бригадирынан, Табалаах совхоз сылгытын иитээччитинэн, биригэдьииринэн үлэлиир. Аҕабыт бэйэтин кыанар, тэтиэнэх киhи этэ. Кини билиҥҥи кэм эбитэ буоллар  спорт хайа баҕарар көрүҥэр үрдүк ситиhиилэрдээх эбитэ буолуо.

Эдэр эрдэҕинэ   кыралаан тустар, мас тардыhар, гиря анньар, сүүрэр, хайыhарынан дьарыктанар эбит. Кини1945 сыллааҕы Верхоянскай-Дьокуускай-Верхоянскай маҥнайгы хайыhарынан айан кыттыылааҕынан буолар. Туризм көрүҥэр спорт маастара.

Биhиги дьоммут 1949 сыл холбоhон ыал буолбуттара. Түөрт оҕону төрөтөн- иитэн, үөрэх араас кыhатыгар уhуйбуттара. Эдьиийбит Розалия Гаврильевна Yлэ ветерана, ийэтин туйаҕын хатаран 30 сыл детсадка оҕо иитиитигэр кыhамньылаахтык үлэлээбитэ. Кэргэнинээн, Максим Христофоровичтыын, Элгэс нэhилиэгин биир убаастабыллаах ыала буолан, 25сыл бииргэ олорбуттара. Убайбыт Николай Николаевич ЯГУ Тыа хаhаайыстыбатын отделениятын ученай-зоотехник идэлээх бүтэрэн, госслужба Советнига, «Гражданская доблесть» знак хаhаайына буолар. Yлэҕэ бастакы хардыытын 1973с. Адыаччы совхоз Кировскай отделениетыгар биригэдьииринэн, управляющайынан ананан саҕалыыр. Онтон Верхоянскай оройуонун эт-үүт кэмбинээтин дириэктэринэн улэлээн кэмбинээт өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ тыа хаһаайыстыбата буоларын ситиһэр. 1988с. Адыаччы совхоз дириэктэринэн быыбардаммыта. 1990с. Табалаах совхоз дириэктэринэн, 1992с. Табалаах нэһилиэгин баьылыгынан, 2001с. «Сахатранснефтегазсбыт» Дьаанытааҕы дириэктэринэн, 2003с. Табалаах нэһилиэгин баһылыгынан, 2005-2007с.   «Россельхознадзор» инспекторынан,  2007-2011с. Табалаах нэhилиэгин баhылыгынан үрдүк таhымнаахтык үлэлээбитэ. Убайбыт, биhигиттэн хайабытыттан да, киэҥ билиилээх өйдөөх-санаалаах, үлэлээх- хамнастаах, элбэх доҕордоох- атастаах, Республикаҕа биллэр үлэhит буола үүммүт киhи этэ. Кини бэйэтин аатын ааттатар түөрт оҕолоох, аҕам диэн ааттатан, иитэн улаатыннарбыт эмиэ түөрт оҕолоох, 14 сиэннээх, биир хос сиэннээх. Кыра  убайым  Николай Николаевич Новосибирскайдааҕы топографическай техникуму бүтэрэн Майатааҕы тутуу архитектурнай салаатыгар үлэлээбитэ,   өр кэмнэ атыы-эргиэн  урбаанньытынан улэлээбитэ . Yс оҕо тапталлаах аҕата, үс оҕо эhэтэ этэ.

Мин Новосибирскайдааҕы пединституту биолог-географ идэлээх бүтэрэн төрөөбүт нэhилиэкпэр 35 сылын оскуола учууталынан үлэлиибин. Yлэ ветеранабын, РФ уопсай үөрэхтээhинин бочуоттаах үлэhитэ, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара буола үүннүм.  Түөрт оҕо ийэтэ, алта сиэн оҕо тапталлаах эбэтинэбин.

Хайа баҕарар дьиэ-кэргэҥҥэ оҕолоро  олох киэҥ суолугар кытаанахтык үктэнэн киирэригэр олук уурааччынан буолаллар төрөппүттэр.  Ийэлээх, аҕабыт биhигини  үөрэҕи, үлэни өрө тутарга, дьону-киhини өйдүүргэ, убаастыырга, дьоҥҥо туhалаах дьон буоларга ииппиттэр эбит.

Биhиги  Анисия Игнатьевна  уонна Николай Николаевич  оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ  маннык үтүө дьонтон төрөөн-ууhаан, икки ийэ-аҕа ууhу  Прудецкайдары, Баишевтары  тэнитэ тарҕапыппытыттан киэн туттабыт.  Оҕолорбут, сиэннэрбит эбэлээх, эhэлэрин курдук өрө тахсыылаах,  ситиhиилээх үлэлээх-хамнастаах, үөрэхтээх, сырдыкка-кэрэҕэ тардыhыылаах дьон буолуохтара диэн эрэнэбит.

Кыыстара Надежда Николаевна Баишева

Читайте дальше