Василий Слепцов «Оттооһун – эппэр иҥпит үлэ»

Тыа сирин үлэһит дьоно сайын аайы ходуһаҕа киирэн оттоон, буһан-хатан кыстыкка бэлэмнэнэнэр кэмнэрин туохтааҕар да күндүтүк саныыллар, сыаналыыллар. Кылгас сайыны баттаһа үлэлии сылдьар дьон кылгастык олохторун, былааннарын сырдатан аастылар.

Хоһуун үлэһит киһи

«От хампаанньатын үлэтин үгэнигэр өбүгэбит оттоон, олорон ааспыт кэмнэригэр тиийбит курдук буолабыт», – диир аҕыйах хонуктааҕыта 70 сааһын туолбут Барылас олохтооҕо Василий Васильевич Слепцов, быйыл от хаһааҥҥы да сыллааҕар үүнүүтэ өлгөмүн, уопсайа бу сайын сүүрбэһис отторун туруорбуттарын, аны өссө уонча от кэбиһиллэрэ хаалбытын этэр.

Василий Васильевич Арыылаах нэһилиэгиттэн төрүттээх, биллэр удьуордаах дьонтон сыдьааннаах хоһуун үлэһит киһи. Бөһүөлэктэн 4 килэмиэтир тэйиччи Куурдар диэн ааттаах сир Эбэ диэн ходуһатыгар дьиэ кэргэнин кытта оттуу сылдьар.

Кини Барыласка былыргы мурун, хабарҕа, таҥалай ырыаларын саҥа кэмҥэ диэри илдьэ кэлбит, норуокка биллэринэн Кустуй Маарыйа – Мария Николаевна Слепцова диэн норуот ырыаһытын кыыһын Евдокия Николаевнаны кытта холбоһон, күтүөт буолан кэлиэҕиттэн 50-тан тахса сыл ааста, ол кэмнэртэн Барылас быйаҥнаах үтүө дойдутугар сайын ахсын оттуур, оттооһуҥҥа сүрүн үлэтэ – кыдамалааһын.

Олохторун ынах, сылгы хаһаайыстыбатын иитиитигэр анаабыт үү-сүөгэй далбардаах олохтоох Дьааҥы улууһун саамай соҕуруу уһугар, үрэх баһыгар баар ыраах кыра нэһилиэк ытык дьонун аҕата Василий Васильевич соторутааҕыта, о.э. атырдьах ыйын 10 күнүгэр төрөөбүт күнүн ходуһаҕа кыдамалыы сылдьан көрсүбүт. Оттон уола Игнатий атырдьах ыйын 11 күнүгэр 40 сааһын туолбут.

«Күнүс омурҕанныы тахсан истэхпитинэ харадьык көтөн таҕыста, Байанайым бүгүн да умнубакка бэристэ. Бу курдук төрөөбүт күммэр харадьыгынан күндүлээбитэ оруобуна 40 сыл буолла. Ийэм миигин ити ходуһа чугаһыгар отоннуу сылдьан оҕоломмута үһү. Оҕоломмут сиригэр аарыма суон хаппыт тиит төрдүгэр икки биэдэрэ сугуну хаалларбыт. Сарсыҥҥы күнүгэр аҕам ол сугуннары ыла тиийбитэ биэдэрэлээх сугун аттыгар аарыма улахан харадьык өлөн сытарын булбут. Ол онтон ыла төрөөбүт күнүм ахсын Баай Байанайым хардьыгыттан күндүүлүүрүн умнубат», – диэн Игнатий бэрт дьикти кэпсээнин сырдатар.

Барылас сирин өлгөм ото

Бу сырдык түгэн Айылҕа уонна Киһи быстыспат ситимнээхтэрин этэр курдуктар. Суорба таастарынан тулаламмыт ытык хайа аттынан долгуйа устар Сартаҥ үрэхтээх, Барылас нэһилиэгин хоһуун үлэһит киһитэ, элбэх оҕолоох ыал аҕата Василий Васильевич бу төрүкү өбүгэ сиригэр оттообута ыраатта. 70 сааһыгар диэри кыдамалаабыт отун ахсаанын сылга 30-туу туруоруллубут отунан ылан көрдөххө, кэбиһиилээх отун ахсаана 1500-тэн ордубут, биирдии ото ортотунан 3 туоннаҕа тиийэр эбит. Бүгүҥҥү туругунан 60 туонна оту туруорбуттар.

Кэргэнин Евдокия Николаевнаны кытта үйэ аҥарыттан ордук эйэ дэмнээхтик олорон кэллилэр. Ол тухары тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын ото-маһа, иитэр хаһаайыстыбата улахан дьиэ кэргэн аҕатын дьаһалынан ыытыллар. Василий Васильевич оҕолоро бары үлэни өрө туппут үөрэхтээх, үлэһит дьон буола улааппыттарыттан, кыстыгы туоруур оттоммуттарыттан саҥата суох үөрэр, эһиил төһө от оттонуохтааҕын барыллаан былаанныыр – Байанайдаах мааны ытык дойдубут уйгутунан ууммута, быйаҥын бэрсибитэ үчүгэйин, тыа сирин дьонугар улахан үөрүү буоларын тоһоҕолуур.

Ураты айылҕалаах, дириҥ удьуордаах, Барылас сиригэр олоҕун ахылаатын түһэрбит ытык дойду хоһуун үлэһит киһитэ Василий Васильевич Слепцов дьиэ кэргэнэ бараммат үтүмэн үөрүүлээх, уһун үйэлээх олохтоох буоллун!

Раиса Чирикова