«Удивительные люди» («Ураты дьон») шоу бырайыак Арассыыйа араас муннуктарыгар ыытылларын дьон сэргии, кэрэхсии көрөр.
«Удивительные люди» шоу Арассыыйа киин телевидениетыгар 2017 сылтан көстөр. Бу бырайыак дириҥ устуоруйатыттан быhа тартахха – аан бастаан The Brain диэн ньиэмэс бырагырааманан 2012 сыллаахха эфиргэ тахсан улахан сэҥээриини ылбыт бырайыак эбит. Манна кыра оҕотуттан тиийэ ураты талааннаах дьон кыахтарын көрдөрөллөрө, Гиннес кинигэтигэр киирбиттэрэ Аан дойдуга улахан кэрэхсэбили ылбыт. Салгыы Кытайга, Францияҕа, Италияҕа, Испанияҕа, Эмиэрикэҕэ, онтон 2016 сылтан Арассыыйаҕа ыытыллар. Онон норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыакка баҕалаах кастины ааhан кыттар буолбут.
Дьааҥы сиригэр бу күннэргэ, ахсынньы ый 7 чыыhылатыгар оройуоннааҕы IT-Центр (сал. Дьулус Капитонов) көҕүлээhининэн Баатаҕайдааҕы култуура уонна спорт киинин кытта оройуоннааҕы «Удивительные дети» оҕо шоу күрэҕэ буолан ааста. Сүрүн бирииhи (ноутбук) IT-Центр туруорда. Күрэх балаhыанньатыгар гимнастика, уус-уран тыл, инсценировка, акробатика, уруhуй, сочинение, прикладное искусство, моделирование, музыкальнай үнүстүрүмүөҥҥэ оонньооhун, архитектура, дизайн, чинчийэр үлэ уо. д. а. көрүҥнэр киирдилэр.
Онлайн нөҥүө сүүмэрдээhини ааспыт кыайыылаахтар – 16 нүөмэр талыллан күрэхтэстилэр. Оҕолор улуус түөрт нэhилиэгиттэн кэлэн кыттан ураты дьоҕурдарын көрдөрдүлэр. Ол курдук: Мачахтан 3 кылаас оҕолоро уус-уран ааҕыыга олоҥхоттон быhа тардан толордулар; Боруулаахтан Мия Слепцова «Уус-уран айымньыны ааҕыы уонна кэпсээhин»; Арыылаахтан Ян Васильев, Дияна Юмшанова, Баатаҕайтан Ариадна Слепцова «Уус-уран ааҕыы»; Адыаччыттан үс үөрэнээччи : Туяра Анисимова, Ольга Червинская, Богдан Слепцов «Уруhуй уонна прикладное искусство»; Мачахтан Амелина Аммосова «Аэробика»; Адыаччыттан Айсен Ксенофонтов музыкальнай охсор-тэбэр үнүстүрүмүөҥҥэ -барабааҥҥа оонньоон кыаҕын, сатабылын көрдөрдө. Уоннааҕылар Баатаҕайтан араас көрүҥнэргэ кытыннылар: Разаман Салпагаров «Чинчийэр үлэ»; Дарина Чукрова «Уруhуй»; Леонтий Антонов «Битбокс»; Александра Батьянова «Фортепианоҕа ооннооhун»; Арина Слепцова «Биир сылга алфавиты билии. Аэробика»; Марк Бурцев «Аан дойду былаахтарын билии».
Үүнэн эрэр саҥа оҕо көлүөнэ Арассыыйа ТВ ханаалыгар салҕыппакка көстөр «Удивительные люди» шоуну көрө үөрэммит буолан сыанаҕа холкутук тутталларын, саҥарар саҥалара, этэр этиилэрэ чуолкайын, тутталлара-хапталлара дуоспуруннааҕын, имигэстэрин, дьоҕурдаахтарын дьүүллүүр сүбэ, көрөөччү да хайҕыан хайҕаата, биhириэн биhирээтэ. Аныгылыы таас күөх экран тэрээhини хас да бүк киэргэттэ, тупсарда, ыытааччы көҕү, туругу сөптөөхтүк тутта.
Дьүүллүүр сүбэҕэ улуус дьаhалтатын социальнай бэлиитикэтин салайааччыта Айаал Романов, Улуус үөрэҕириитин салаатыттан Максим Аммосов, Улуус култуураҕа салалтатыттан начальник эбээhинэhин толорооччу Евгения Иванова, Улуустааҕы Киин библиотечнай систиэмэттэн Юлия Рожина уонна Улуустааҕы ыччат хамсааhынын салайааччыта Светлана Ноговицына үлэлээтилэр.
Күрэх түмүгэр кыттааччыларга иhирэх эҕэрдэлэр этилиннилэр, бу тэрээhин инникитин элбэҕи эрэннэрэрин, кэскиллээҕин тоhоҕолоотулар. Туйаара Анисимова 6 кылаастан «Косторезно-столярное дело» уhуйааныгар дьарыктанарын (учуутала Максим Стручков), оҥорбут үлэлэрин экраҥҥа көрдөрөн киэҥник кэпсээбитин, ону таhынан аныгы үҥкүү маастырыстыбатын баһылаабытын, түмүккэ Ийэ дойдуларын иннигэр Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарга анаабыт, айбыт хоhоонун аахпытын дьүүллүүр сүбэ үрдүктүк сыаналаан «Ураты оҕо» улуустааҕы күрэх муҥур кыайыылааҕынан ааттаата уонна үөрүүлээх быhыыга ITSENTR туруорбут ноутбугун туттарда. Күрэх бары кыттыылаахтыгар көрөөччү, ыалдьааччы ытыс тыаhынан махталын биллэрдэ.
Кыттааччы, уhуйааччыы санаа атастаhар
«Удивительные дети» («Ураты оҕолор» оройуоннааҕы оҕо күрэҕэр кыттааччыларын арыаллаан кэлбит салайааччылар күрэх туhунан санааларын үллэстэллэр – оҕо күрэхтэргэ, тэрээhиннэргэ төhөнөн элбэхтик кыттар да оччоннон сайдар» диэн быhаараллар.
Афанасий Атласов, Адыаччы орто оскуолатын муусукаҕа учуутала: «Охсор үнүстүрүмүөҥҥэ- барабааҥҥа дьарыктанар иитээччим Адыаччы 10-нус кылааhын үөрэнээччитэ Айсен Ксенофонтов кытынна. Барабааны Баатаҕайдааҕы култуура уонна спорт кииниттэн уларыстыбыт. Бу үнүстүрүмүөн муусука айымньытыгар ритм биэрэр, араас тыаhы, дорҕоону таhаарар, табыгырас, лүҥкүнэс, дүҥургэс тыастаа-барыта ураты. Барабаан тыаhын, көрүҥүн суолтата эмиэ араас. Холобур, симфоническай оркестр барабаана суох сатаммат, эбэтэр былыр сэрии толоонугар киирии барабаан охсуутунан арыалланара. Уонна сахаларга табык диэн баарын билэбит. Кини дириҥ, киэҥ, лүҥкүнэс тыаhа биирдэ эмит охсуллар тэрил этэ. Оттон аныгы кэм муусукатын тыынын барабаан биэрэр. Бу үнүстүрүмүөҥҥэ баҕарбыт барыта оонньуур буолбатах. Мин санаабар, барабаан таhаарар дорҕоонун муусуканы үчүгэйдик анаарар эрэ киhи быhаарыан сөп. Түмүккэ этиэм этэ, тэрийээччилэр кырдьык үчүгэй бырайыагы арыйбыттар – улууспутугар элбэх араас талааннаах да оҕолор улаатан эрэллэриттэн киhи үөрэр, уонна оттон бу күрэх оҕо сатыыр бэйэтин талаанын сайыннарарыгар, киэн эйгэҕэ биллэрэригэр улахан туhалаах буолуо дии саныыбын».
«Мачахтан 5 оҕо кытынна, олортон түөрдэ 3-с кылаас үөрэнээччилэрэ олоҥхонон кытыннылар. Учууталлара Юлия Божедонова бэлэмнээн аҕалла. Уонна 2-с кылаас оҕото гимнастикаҕа кытынна, кинини учуутала Ия Прокопьева дьарыктыыр. Мин 7 саастаах кыыспын Амелияны арыаллаан кэллим. Оройуоҥҥа ыытыллар күрэххэ урут кытта иликпит, оҕолорбут биллиннэр-көрдүннэр, сайынныннар диэн аҕаллыбыт», – диир төрөппүт Лидия Тррфимовна Аммосова.
Оттон Мачах оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччитэ Алиса Бурнашева «Нуорҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхоттон быhа тардан толордубут. Олоҥхо дэкээдэтигэр олоҥхону персонажтарынан толорбуппут. Бу кэтэн туран таҥаспытын эбэм Наталья Софроновна Бурнашева саха таҥаhын аныгылыы бохо стилинэн тикпит, онон тэҥ таҥастаахпыт. Баатаҕайга бу бастакы кыттыыбыт, инникитин маннык күрэххэ өссө да кыттыа этибит», – диэн сэhэргиир.
Адыаччы орто оскуолатын учуутала Максим Стручков: «Столярнай дьыалаҕа уhуйааҥҥа дьарыктанар үөрэнээччибин Туйаара Анисимованы кытыннардым. Мас, муос матырыйааллартан оҥорбут кухоннай наборун, вешалканы, ытарҕалары, харысхаллары оҥорбутун көрдөрөн кэпсээтэ. Туйаара дьоҕурдаах кыыс, оскуолабыт туйгун үөрэнээччитэ, уhуйааҥҥа төрдүс сылын дьарыктанар, бу күрэх муҥур кыайыылааҕа буолбутуттан бары да долгуйа үөрдүбүт, инникитин киниэхэ эрэлбит улахан. Уhанарга анал кэбиниэппит суох да буоллар, оҕолор сөбүлээн уhаналлар. Маннык күрэх ыытыллара оҕо сайдарыгар элбэҕи биэрэр. Бу бастакы буоллаҕа – инникитин тэрээhин таhыма үрдээн иhиэҕэ, күүстээх кыттааччы да элбиэҕэ. Билиҥҥи оҕо инникигэ дьулуурдаах. Онон тэрийээччилэргэ махталбын тиэрдэбин» .
Талааннаах, дьоҕурдаах оҕоҕо бастакы үктэлин оҥорон, үүнэригэр иитэн-үөрэтэн, салгыы сайдарыгар суол аhан биэрии оҕо инники олоҕун суолун талыыьыгар сөптөөх суолу арыйар, сирдиир тускуллаах. Оҕоҕо аналлаах күрэхтэhиилэр күннээҕи эрэ тэрээhининэн муҥурдамматтар, кэскиллээҕи, инникилээҕи оҥороллор. «Удивительные дети» улуустааҕы күрэх сүрэхтэниитэ бэркэ ааспытын уhуйааччылар, көрөөччүлэр бэлиэтээтилэр. Кэлэр сылларга бу сырдык соруктаах күрэх түhүлгэтэ ыыра кэҥиэ диэн эрэл баар.
Раиса Чирикова