«Төлкөнү түстүүр төрөөбүт тыл»

Дьааҥы улууһун киин бибилэтиэкэтин иһинэн кыраайы үөрэтэр салаата көҕүлээһининэн олунньу 10 күнүгэр «Төлкөнү түстүүр төрөөбүт тыл» диэн сэргэх тэрээһин ыытыллан ааста. Сахаттан латыынныы суруйуу диктаныгар саха тылын учууталлара, эмп үлэһиттэрэ уонна латыын алпабыытынан суруйууга холонооччулар тоҕуоруһа муһуннулар. Маны таһынан, тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар олорор Дьааҥыттан төрүттээх дьон онлайн нөҥүө кытыннылар. Бу ааспыт үйэлэри сэгэтэн ылар түһүлгэ саҕаланыытыгар уран оҥоһуктары көрдөрөр быыстапка туруорулунна. Кыраайы үөрэтэр салаа бибилэтиэкэрэ Саргылана Семеновна Слепцова «Төлкөнү түстүүр төрөөбүт тыл» бырайыагынан тэрээһин үс түһүмэхтээх хайысханан ыытылынна.

Уран-уус маастардарын быыстапката

Киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатыгар олохтоох уран-уус маастардар үлэлэрин быыстапката туруорулунна. Быыстапкаҕа Дьааҥы улууһун саамай уһук, ыраах нэһилиэгиттэн – Суордаахтан СӨ Үтүөлээх уонна үрдүк категориялаах учуутала, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, Дьааҥы оройуонун уонна Суордаах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Христина Иннокентьевна Григорьева кыттыыны ылла.

Христина Иннокентьевна 1957 сыллаахха Дьааҥыга комсомольскай путевкатынан кэлбит, 65 сыл үлэ ыстаастаах, ол иһигэр үөрэҕириигэ 55 сыл ыстаастаах учуутал. Ытык учуутал: «82 сааспар диэри оскуолаҕа үлэлээтим, биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри алын кылаас учууталынан, онтон кэлин технология чааһыгар куруһуок ыыппытым. Үөрэппит оҕолорум 100-тэн тахса үлэлэрин Суордаах орто оскуолатын мусуойугар туттарбытым», – диэн үлэлээбит оскуолатын туһунан сылаас тылларынан ахтан кэпсээтэ.

Кини хотугу норуоттар оҕуруонан тиһиллэн оҥоһуллубут киэргэллэрин, харысхалларын быыстапкатын туһунан сырдатыытыгар хотугу 21 норуот үйэлэртэн илдьэ кэлбит орнаменнарын оҕуруонан көрдөрөн тиспитин, аны ити үлэтигэр өссө тоҕус норуот орнаменын оҥоруу хаалбытын туһунан кэпсээтэ. Христина Иннокентьевна бу өр сыллаах сүҥкэн суолталаах сыралаах уонна научнай хайысхалаах үлэтэ «аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар маарыннаһар уонна маарыннаспат орнаменнара», – диэн аатынан биллиилээх уопсастыбаннай деятель, социалистическай наука доктора, Аартыкатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун профессора Ульяна Алексеевна Винокуровалыын таһаарыахтаах кинигэтигэр киллэриллиэхтээхтэрин туһунан иһитиннэрдэ.

Хотугу норуот кутун-сүрүн уһугуннарар үлэлэрдээх быыстапкаҕа Элгэстэн төрүттээх Баатаҕай бөһүөлэгин олохтооҕо, СӨ култууратын туйгуна, сыана бэтэрээнэ Розалия Михайловна Находкина кылынан ураннаан оҥорбут сахалыы илин кэбиһэрдэрэ, харысхал бэлиэлэрэ, төбөҕө бааныллар тымырдаайылара, илиигэ-бэгэччэккэ бааныллар бөҕөхтөрө быыстапканы киэргэттилэр.

Латыынныы диктант

Тэрээһини тэрийээччи Саргылана Семеновна Слепцова иилээн ыытта, мустубут дьону бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээн туран тылы «Дьааҥы оройуона» муниципальнай тэриллии дьаһалтатын пресс-сулууспатын сэкиритээригэр Владислав Васильевич Кривошапкиҥҥа биэрдэ.

Владислав Кривошапкин киирии тылыгар, сурук үөскүөҕүттэн алпабыыт баарын этэн туран Аан дойдуга билигин хас да алпабыыт баарын, 19 үйэ бүтүүтэ, 20 үйэ саҥатыгар бастакы сурукпут-бичикпит баар буолбутун тустарынан киэҥ хабааннаах иһитиннэриилэри оҥордо.

Өрөбөлүүссүйэ иннинэ, 1912 сылтан бастакы саха тыла диэн сахалыы тыллаах хаһыат тахсар буолбутун, саҥа сэбиэскэй былаас ыраахтааҕылаах Арассыыйа туттан кэлбит кириллица алпабыытын кэминээҕи историяттан быһа тардан кэпсээтэ. Латыын тыла Арҕаа Дьобуруопа, Рим империятын саҕаттан үөскээбитин, Дьобуруопа дойдулара, Эмиэрикэ, ону таһынан аан дойду үгүс дойдулара латыынныы алпабыытынан суруйалларын, оттон арабскай алпабыыт ислам үөскээбитин кэннэ баар буолбутун, орто үйэлэртэн арабтыы алпабыытынан миллиардынан дьон ааҕарын, суруйарын, ону таһынан түҥ былыргы, хас эмэ тыһыынчанан сыл устуоруйалаах соҕуруу илиҥҥи дойдулар (Кытай, Япония, Корея, Вьетнам…) иероглиф алпабыыттарынан суруйарын тустарынан кэпсээтэ.

«Биһиги Арассыыйаҕа олорбуппут 300 үйэ буолла. Ити сылларга сахалыы алпабыыты саха биир бастакы үөрэхтээҕэ Сэмэн Новгородов айбыта. Онон сүүрбэһис сыллартан саха суруга, бэчээтэ барыта ити алпабыытынан барбыта. Ол гынан баран, сүүрбэһис сыллар бүтүүлэригэр И.В.Сталин дьаһалынан латыынтан төттөрү кириллицаҕа көһүү барбыта. Билиҥҥи кэмҥэ эттэххэ, сэбиэскэй сойуус ыһыллыбытын кэнниттэн Арассыыйаттан тахсыбыт сорох дойдулар Азербайждан, Казахстан, Узбекистан, Туркмения латыын алпабыытыгар көһөн олороллор. Турция латыынныы тылга көспүтэ ыраатта. Кириллицаны кытта латыыны тэҥҥэ тутталлар, араас мөккүөрдэр элбэхтэр. Кириллицаттан латыыҥҥа көһөммүт элбэҕи сүтэрдибит дииллэр эбит, 70 сыл устата сэбиэскэй сойууска олорон ылбыт билиибитин, суруйбут сурукпутун, кинигэлэрбитин, литературабытын латыынныы тылга хайдах да кыайан киллэрэр кыахпыт суох диилллэр эбит. Онон, Арассыыйаҕа православнай итэҕэли кытта тэҥҥэ киирбит кириллица алпабыытынан тутта олорорбут бу туспа култууралаах, суруктаах-бичиктээн судаарыстыба буоларбыт туоһута, туох баар суруйууларбыт, литературабыт барыта кириллица алпабыытынан барар. Латыынныы суруйар кэммитигэр сахабыт сиригэр бастакы литература сайдыыта буолбута. Бастакы суруйааччыларбыт, саха бэчээтэ, хаһыата бары латыынныы тылынан суруйаллара. Онон Новгородов алпабыытынан латыынныы суруктана сылдьыбыппыт – история. Ону бэлиэтээн ааһарбыт сөптөөх. Аныгы кэмҥэ английскай тылы үөрэтии олохпут, сайдыы ирдэбилэ. Онон латыынныы алпабыыт сүппэт», – диэн Владислав Васильевич тэрээһин суолата туохха олоҕурарын чиҥэтэн биэрдэ.

Латыын тыла мэдэссиинэҕэ

Латыын тылын былыр-былыргыттан учуонайдар уонна суруйааччылар тыллара диэн этэллэрин тыһыынчанан сыллаах практика этэр эбит. Аныгы, билиҥҥи кэмҥэ латыынныы алпабыытынан сурук мэдэссиинэҕэ, юриспруденцияҕа уонна церковька (Таҥара дьиэтигэр) улахан суолтаны ылара бэлиэтэнэр. Сахаттан латыынныы диктант суруйуу кыттыылааҕа,

Үрдүк категориялаах быраас, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна, Мэдэссиинэ бэтэрээнэ Евдокия Куприяновна Стручкова латыын тыла мэдэссиинэҕэ суолтатын туһунан кылгастык сырдатта: «Латыынскай тыл былыргыттан киэҥник биллибит тыл. Араас омук дойдулара эмп ааттарын былыргы латыынныы тылынан суруйар бырайыак оҥорбуттар. Ислам, Дьобуруопа сирдэрэ биир латыынскай алфавиты ыллахтара. Ол иһин мэдиссиинэ үөрэҕэр киирээччилэри бастакы, иккис куурустан латыын алфавитынан үөрэтэллэр, үһүс куурустан рецептураны суруйууга киирэллэр. Эмтэр ааттара былыр-былыргыттан латыынныы тылынан суруллар, иккис ааттара, атыы-эргиэн тиэмэтинэн, ол эбэтэр фармацевтическэй тиэрмининэн английскайдыы суруллар. Латыын алфавитынан сэбиэскэй былаас кэмнэригэр кытта суруйаллар этэ. Мин икки убайдарым Аҕа Дойду уоттаах сэриититин толоонуттан, фронтан ыыппыт суруктара латыынныы суруллубуттар этэ. Онон биһиги төрөөбүт тылбыт латыынныы тылы кытта тэҥҥэ турар дии саныыбын».

Диктант

Дьыл кэмнэрин сахалыы тылтан латыынныыга тылбаастаан суруйуу диктана уратытык ыытылынна. Төрөөбүт төрүт саҥалыы тылга Саха сирин, Дьааҥы улууһун кыһыҥҥы хомураҕын, томороон тымныыларын, кырыатын, хаарын, сааскы харалдьыгын, көмүөлүн, сайыҥҥы үкэр куйааһын, бырдаҕын-ньаалаҕын, сибэккитин, ону кытта чачархай өҥүнэн бүрүллүбүт күһүнүн, хагдарыйбыт сыһыыларын хас биирдии кыттааччы санаатыгар ойуулаан көрбүтэ буолуо диэн сэрэйиллэр.

Саха тыла баай, дириҥ силистээх-мутуктаах тыл. Саха тылынан тулалыыр эйгэҕин, айылҕаҕын ойуулаан-дьүһүннээн суруллубут улуу суруйааччыларбыт алыптаах айымньыларыттан иитиллэн тахсыбыт араас көлүөнэ дьон сахаттан латыынныы тылбаастааһыннарыгар туһуламмыт диктант суруйуута кыттааччыларга латыын тыла чугаһын уонна тылбаастааһын таһыма үрдүгүн көрдөрдө диэххэ сөп.

Араас үйэлэри ситимниир латыын тылыгар суолта ууруллан ыытыллыбыт «Төлкөнү түстүүр төрөөбүт тыл» тэрээһинин – сахалыыттан латыынныы диктант суруйуу кэнниттэн Саргылана Семеновна кыттыбыт дьоҥҥо махталын биллэрдэ уонна туоһу суруктары туттарда.

Маннык сэргэх тэрээһиннэр киин бибилэтиэкэҕэ ыытыллалларыгар дьон махталын эттэ. Улуус киин балыыһатын бырааһа Евдокия Куприяновна Стручкова «Төрөөбүт тылбыт латыынныы тылы кытта тэҥҥэ турар», – диэн этиитэ чахчыга, баарга олоҕурар. Ол курдук, ааспыт үйэҕэ олорон ааспыт көлүөнэ тиһэн хаалларбыт суруга-бичигэ бу 21 үйэни быстыбат тирбэҕинэн ситимниир да буолан «Төлкөнү түстүүр төрөөбүт тыл» тэрээһинэ ыытылынна.

Раиса Чирикова

Читайте дальше