Үлэ сылынан, атаһа Рожин Владимир Софронович ахтыытыттан эбэн, сылгыһыт убайбын Василий Гаврилович Семёнов кылгас олоҕун, үлэтин-хамнаһын бар дьоҥҥо кэпсиэхпин баҕарабын.

1961 с. олунньу 16 күнүгэр элбэх оҕолоох Сэмиэнэптэр дьиэ кэргэҥҥэ игирэ уолаттар төрөөбүттэрэ. Игирэ аҥаара убайа Гаврил Гаврилович Семёнов. Үлэнэн олорбут дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэн, убайым кыра эрдэҕиттэн араас үлэҕэ сыстаҕас этэ.

Василий оҕо, эдэр саастарыгар күүс күрэхтэригэр сөбүлээн кыттара. Күрэхтэһэн элбэх бириистээх миэстэҕэ тиксэрэ. В.С. Рожин ахтыытыттан: «…аҕам ДТ тыраахтарын алдьаммыт тимирдэрин миигиннэн аҕалтаран дьарыктанара. Алтыс кылааска үөрэнэ сылдьан түөрт-биэс көлүөһэни холбоон таах анньыталыыра»…

Оскуола кэнниттэн Табалааҕын сопхуоһугар «Илин» табуҥҥа сылгыһытынан үлэҕэ киирэр. Биригэдьиирэ А.В. Прудецкай этэ, бииргэ үлэлээбит сылгыһыттара Слепцов Ю. Ст., Эверстов Я.Ем., Потапов С.Ел., Атласов П.Аф. уонна Исаков И.Вас. Табуннарыгар 600-н тахса сылгылаахтар этилэр. Сылгы киллэрэр, көрөр-аһатар биэс баасалаахтара — Сылгы Хатыҥнааҕар, Мээтискэ, Орто Күөлгэ, Ат Ыытарга уонна Чоҥкуйаҕа. Дьааҥы тыйыс айылҕата дьөһөгөйүн бэйэтэ өйүүр. Сылгыһыттар кыһын Орто Күөлүнэн, Ат Ыытарынан сылгы ханна хаһан аһыы барар да, онно барсан ыйы-ыйдаан сытан сылгыларын көрөллөрө-истэллэрэ. Арыт дьылыттан көрөн, сайын убайбыт Орто Күөлгэ оттуура.

Биир сайын дьиэнэн баран оттообуттаахпыт.
Кыһын Орто Күөлтэн атынан биэс чаас айаннаан бөһүөлэккэ кэлэрэ. Саҥа дьыл буолар күнүгэр тоҥон хоочугураан,

ардыгар бултаан ийэтигэр кэһиилээх үөрэн киирэр.
90-нус сылларга хамнас да, үлэ да суох ыарахан кэмэ этэ, убайбыт бэнсиинигэр тиийэ бэйэтэ хааччынара. Орто Күөлүнэн көмүскэ үлэлиир нуучча табаарыстардаах буолан, этэҥҥэ үлэтигэр ыарахаттары көрсүбэтэҕэ.
Чыыбааҕы ото сылгы этин минньитэр, араҕас сыалыыр. Бу от Туостаах дохсун үрэх уҥуор үүнэр. Күһүн от кэнниттэн атырдьах ыйыгар табуннарын онно туораталлара. Ол үгэһи билигин да киһи бары тутуһар.

15 сыл сылгыһыттаан үлэ ыстаастанан, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр көрүллэр 1200 биэнсийэни биир сыл туһаммыта, «үлэ киһитэ буоламмын диэн», көмө ыларын астынара.

В.С. Рожин ахтыытыттан: «…атаһым, оҕо сааһым доҕоро Сэмиэнэп Бааска, киһи быһыытынан үтүө киһи этэ. Сылгыһыттаан үлэни баҕас үлэлээбит киһи буолар»

Бу үлэлии сылдьан ат сүүрдүүтүнэн үлүһүйэр. Дьөһөгөй аргыстанан оройуон, Табалаах, Адыаччы Ыһыахтарын киэргэтэн, аата ааттанар ат сүүрдээччи буолар. Араас дистанцияларга 10 сыл устата бастакы миэстэлэри ылан, убаһа бириэмийэлэммитэ. В.С. Рожин ахтыытыттан: «…ыһыах аайы күрэхтэһэн миэстэлэһэн, бириис ылан астынара. Ат сүүрдүүтэ кинитэ суох ааспатаҕа. Хапсаҕайга, таас көтөҕүүтүгэр уонна мас тардыһыытыгар сөбүлээн кыттар этэ»…

Дьылҕа ыйааҕа убайбар ыараханнык ыйыллыбыт эбит. Тус дьиэ кэргэн олоҕун үөрүүтүн билбэтэҕэ, 41 сааһыгар сылдьан, 2002 сыл күһүнүгэр оһолго түбэһэн күн сириттэн суох буолбута. В.С. Рожин ахтыытыттан: «…Тыаттан кэллэхпинэ иккиэн Орто Күөлгэ баран сытыахпыт диэбитэ. Дьэ мин кэтэһэн оҥостон бөҕө. Көмүсчүт нууччаны Туостаах уҥуор илдьэ барбыта да, тыыннаах эргиллибэтэҕэ…»

Болдьохтоох күнүгэр кэлбэккэ, сылгыһыттар ыксыыллар. Күһүҥҥү кыдьымах кэмэ. Ат сорох сиринэн кыаллыбат. Бастакы хаар, суол-иис биллибэт.

Бөһүөлэктэн дьону ыҥыран, улахан Догдо үрэх устунан сатыы сылдьан көрдөөн, өлбүтэ тохсус хонугар булбуттара. В.С. Рожин ахтыытыттан: «…Табаарыһым барахсан туһунан олус хомолтолооҕу истэммин, улаханнык уолуйбутум. Оттон миэхэ сымнаҕас ат бэлэмнээбитин кэлин истибитим».

Бөһүөлэгин олохтоохторугар барҕа махталбыт муҥура суох. Кинилэр көмөлөрүнэн, оройуонтан көмөлөһөн бөртөлүөтүнэн аҕалан, ийэ буорун булбута…

Убайым, Василий Гаврилович чөл олоҕу тутуһара, элбэх табаарыстааҕа, чугас дьонугар мэлдьи көмөлөһөрө, эдэр сааһыгар суох буолбута хомолтолоох. Кини аатын үйэтитэн бириистээх күрэхтэри тэрийбиппит. Оҕолорго мас тардыһыы, хапсаҕай уонна улахан дьоҥҥо «Дьөһөгөй аргыһым» диэн сылгыга аналлаах күрэх.

Суруйда балта Клавдия Эверстова, Табалаах бөһүөлэгин олохтооҕо, 2023 сыл

Читайте дальше