Сэтинньи ый сонуна сэһэргэһииттэн салаллар

Сэбиэскэй кэмнэргэ олорон ааспыт дьон «Өктөөбүр өрөбөлүүссүйэтин бэлиэтиир Өктөөп бырааһынньыгын күнүн үчүгэйдик да бэлиэтиирбит» диэн дьон өйүгэр-санаатыгар хаалбыт үтүө, сырдык өйдөбүллэрэ, сыл ахсын уһугуннарар сэтинньи ый сэттис күнэ — билигин ньиргиэрэ суохтук ааһар. Арай нэһилиэктэргэ, куораттарга бу күнү аҕам саастаахтар, култуура тэрилтэлэрэ чиэстээхтик бэлиэтииллэр. Ааспыт чэппиэргэ кыһыл былаахтаах (официальнайдык былааҥҥа киирбэтэх) тэрээһиннэр улуус нэһилиэктэрин култуура кииннэригэр ыытылыннылар, ааспыты сылаас тылларынан аҕыннылар, санаа атастастылар.

«Сэтинньи сэттистиир күнэ урут-уруккуттан сэбиэскэй норуот сомоҕолоһуутун күнэ этэ, ол эрээри Өктөөп бырааһынньыга бэлиэтэммэт буолбута, биллэн туран, хомолтолоох», — диир Розалия Семеновна Чирикова уонна урукку кэмнэр тустарынан ыйытыктарга хоруйдаан, санаатын үллэһиннэ.

– Розалия Семеновна, урукку сэбиэскэй кэм уонна билиҥҥи саҥа кэм уратыларыгар туох санаалааххыный?

– 1991 сылтан сойуус ыһыллан арҕаа дойдуларга аан аһыллыыта саҕаламмыта. Урут дойдуга тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ үрдүкү кэрдиискэ турар кэмигэр киһи барыта үлэлээҕэ, фермалар, собуоттар, баабырыкалар дойдуну толору хааччыйа турбуттара. Билигин кэтээн, тэҥнээн көрдөххө арҕаа дойдуттан дьайан киирии олус улаатта. 90‑с сыллартан аһыллыбыт түннүктэр сабыллар кэмнэрэ кэлбитин дойдубут үрдүкү былааһа билинэн, дойдуну харыстаан, судаарыстыба иһигэр саҥа хамсааһыннар, сокуоннар киириилэрэ, сомоҕолоһуу улаатыыта сарсыҥҥы кэммитигэр туох эрэ эрэли үөскэтэр.

– Оҕо сааскыттан умнубат түгэннэриҥ бааллара буолуо?

– Мин төрөппүттэрим, бэйэм эмиэ сэбиэскэй кэмҥэ иитиллибит дьоммут, дьонум — аҕам Семен Петрович Романов, ийэм Прасковья Алексеевна Божедонова хомуньуустар этэ. Дьиэ кэргэммитигэр бииргэ төрөөбүт 8 оҕо этибит. Биир хостоох дьиэҕэ олорбуппут, ийэм партийнай оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр түөрт хостоох улахан кыбартыыраны биэрбиттэрэ. Биһиги Строительнай переулогар, билигин Перинатальнай Киин турар сирин диэки олорбуппут. Дьиэбитигэр оҕо ааҕар бибилэтиэкэлээх этибит. Ийэбит элбэх хаһыакка, сурунаалларга сурутааччы, сэбиэскэй энциклопедиябытыгар оҕо барыта ымсыырааччы, классическай музыкалаах пластинкалары сакаастаан ылааччы. Ийэм мин ол пластинкалары сөбүлээн истэрбин бэлиэтии көрөн миигин муусука суруттарбыта. Онно ситэ үөрэммэтэҕим, онуоха учууталларым «муусукаҕа дьоҕурдаах эрээри ситэ үөрэммэтиҥ» диэбиттэрэ.

– Киһи олоххо үктэниитигэр оскуола бастакы акылааты уурааччы буолар. Хайа оскуолаҕа үөрэммиккиний?

– Баатаҕай орто оскуолатын 1966 сыллаахха бүтэрбитим. Мин кылааһым иллээх, саха диэн туораппат этилэр. Оскуола дириэктэринэн Александра Васильевна Шапиро, физика учууталынан Алексей Михайлович Благонравов, омук тылын учууталынан Зоя Александровна Хрипонова, нуучча тылын учууталынан Вера Ивановна Чунтолова үлэлээбиттэрэ, кылааспыт салайааччытынан Галина Ивановна Цаликова нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала этэ. Учууталларбыт соҕуруу дойдуттан кэлбит эдэркээн кыргыттар этэ, кыһын хопуруон чулкунан, түүппүлэнэн сылдьалларын сөҕө көрөөччүбүт. Билигин оскуолаларга оҕо инники идэтин таба талыытыгар туһаайыылаах профориентационнай үлэлэр күүскэ ыытыллаллар. Урут, сэбиэскэй кэм саҕана, Баатаҕай оҕолоро тоҕо эрэ юрист уонна учуутал үөрэхтэригэр туттарсаллара, бэрээдэгэ куһаҕан, эбэтэр үөрэхтэрэ мөлтөх оҕолор ГПТУ-га, СПТУ-га баран үөрэнэллэр диэн өйдөбүл баар буола сылдьыбыта, билигин кинилэр аныгы стандартка толору эппиэттиир саамай престижнай, оробуочай идэлэри үрдэтэргэ үрдүк үөрэххэ бэлэмнэнииллэр. Историко-­филологическай факультет нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин отделениетын бүтэрэн төрөөбүт оройуоммар нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэлээбитим. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун.

– Устудьуон олоҕо — эдэр саас кэрэ кэмэ, диэн үгүс ырыаларга ылланар, хоһооннорго хоһуллар. Устудьуон сааскыттан сырдата түһүөҥ дуо?

– Оччотооҕу саамай үчүгэй кэмнэрбиттэн биирдэстэрэ Саха судаарыстыбаннай үнүбүрсүтүөтүгэр устудьуоннаабыт сылларым буолаллар. Хоспутугар биэс кыыс олорбуппут. Куорат олохтоохторугар субуотаҕа, өрөбүлгэ анаан үлэлиир бибилэтиэкэлэргэ сылдьааччыбыт, бибилэтиэкэ фондатыгар биирдии-­иккилии эрэ эксэмпилээрдээх кинигэлэр баалларын ааҕаары тиийэн уларсарбыт. Устудьуоннар ансаамбылларыгар кыттарым, араас сирдэринэн гостуруоллааччыбыт. Магадааҥҥа тиийэ бара сылдьыбыппыт, ГУЛАГ лааҕырын мусуойун олус сэргии көрбүтүм.

– Онно даҕатан эттэххэ, дойдуга кэлэн ааһар араас кэрдиис кэмнэр эпоха бэйэтин кэмин кэпсииллэр. Кэлэр сыл Кыайыы 80 сылын бэлиэтээри сылдьабыт. Ол, дьон-норуот дьылҕатын аймаабыт уоттаах сэрии история эмиэ биир кырыктаах сэриитин чахчыта.

– 1978 сыллаахха Польшаҕа бара сылдьан 1941–1945 сс. Аҕа дойду сэриитин саамай ыар кырыктаах иэдээнэ буолбут киһини сэймэктээбит, газовай хаамыраларга тыыннаахтыы тумнаран өлөрбүт Освенцим куорат Аушвиц-­Биркенау уонна Белжец концлааҕырдар мусуойдарыгар сылдьыбыппыт. Сэбиэскэй саллааттар босхолообуттарын туһунан үтүө, сырдык өйдөбүл баар эбит онно. Ол Аушвиц лааҕыртан дьону босхолооһуҥҥа 300‑кэ сэбиэскэй саллаат дьоруойдуу охтубут.

Арассыыйа сирэ-уота баайын, дэлэйин кырыы харахтарынан кыҥаабыт атын судаарыстыбалар «Биһиги Уйбааннары (Арассыыйаны) кыайбаппыт, ол эрээри кыайар кэммит кэлиэҕэ» диэбиттэрин сураҕынан да истибэтэх киһи суох буолуохтаах. Биһиги, сүдү судаарыстыбалаах улахан норуот хаһан да хотторуо суохпут.

– Билиҥҥи аһаҕас, сайдыылаах кэмҥэ хааччахтаах көҥүл диэн өйдөбүл баар. Урукку кэми кытта тэҥнэбилгэ туох уратыны этиэххин сөбүй?

– Сэбиэскэй кэмнэргэ Үрдүкү Сэбиэт систиэмэтигэр судаарыстыбаннай былааннары толорууну, дьиссипилиинэни көрүүгэ, ороскуоттары ааҕыыга норуот хонтуруолун хамыыһыйата диэн баара. Ким баҕарар аатыттан үҥсүү киирдэҕинэ тиийэн бэрэбиэркэлииллэрэ, ол статуһуттан тутулуга суоҕа.

– Сэтинньи сэттэстиир күнэ сомоҕолоһууну кытта ситимнээх диэтиҥ. Сэтинньи ый түөрт күнэ Арассыыйаҕа сомоҕолоһуу күнүнэн биллэриллибитэ. Дьону биир өйгө-санааҕа киллэрэн сомоҕолуур тэрээһиннэр элбэхтэр. Урукку кэмҥэ онно сыһыаннаах ханнык тэрээһиннэри чорботуоххун сөбүй?

– Быыбардар улахан бырааһынньык курдук ыытыллаллара. Дьоммут быыбар күн сарсыарда эрдэ тахсан бараллара, эбиэттии кэлэллэрэ. Быыбар күн буфет үлэлиир эбит. Ол иһин, быыбар күн остуолбутугар турар улахан тэриэлкэ толору минньигэс ас арааһа буолааччы, оҕолор онтон наһаа үөрэрбит. Ол иһин быыбар туһунан ураты өйдөбүл оҕо сааспын санатар. Уонна саҥа дьыл хайа да киһиэхэ саамай сырдык кэмнэри санатар. Ордук Баатаҕай бүтүннүүтэ болбукта уонна мандарин сытынан дыргыйааччы.

– Баатаҕайга бырамыысаланнас сайдыытын муҥутаабыт кэмнэригэр элбэх кэлии араас омук олордоҕо. Ол саҕана саха ыала төһө элбэҕэй, олохтоохторго сыһыан хайдах этэй?

– Былаас норуоттар доҕордоһууларын куруук ирдиирэ, үлэ ыытыллара эрээри урут Баатаҕайга төрүт олохтоохторугар сыһыан ортоһуор этэ диэххэ сөп. Мин онно-манна сылдьыбат этим. Саха оҕолорун араастаан ааттаан үөҕэллэрин истээччибин. Оннооҕор саха ыччатын сынньалаҥ «танцы» киэһэлэригэр киллэрбэт буола сылдьыбыт түгэннэрэ бааллара эбитэ үһү, кэлин истибитим. Ол биирдиилээн түгэн буолуон сөп, киһи араас буоллаҕа.

– Ырыаҕа, муусукаҕа олус чугас эбиккин. Ордук ханнык ырыалары ыллыыргын, истэргин ордороҕун?

– Мин классическай муусуканы истэрбин ордоробун. Ол тэҥэ намыын тиэмпэлээх, холку тыыннаах ырыалары — Роберт Рожденственский хоһоонугар, Оскар Фельцман музыкатыгар «Баллада о красках». Кыһын туһунан сырдык ырыалар элбэхтэр. Олортон биирдэстэрин Лидия Козлова тылларыгар, Сергей Березин музыкатыгар «Самоцвет» бөлөх репертуарыттан, норуот сүрэҕин туппут «Снег кружится» диэн ырыаны табыллан ыллааччыбын.

– Розалия Семеновна, быыс булан кэпсэппиккэр, араас хайысхалаах ыйытыктарга хоруйдаабыккар махтанабын. Тус олоххор бараммат үөрүүнү, алмаас таастыы чэгиэн доруобуйаны баҕарабын.

Раиса Чирикова

Читайте дальше