Быыстапка сүрүн көҕүлээччитэ, оскуола эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагога Лена Старостина кэпсииринэн, урукку сэбиэскэй кэм малларын дьүөгэтин Клавдия Аммосованы, таайын Константин Аммосовы кытта бүтүн нэһилиэги кэрийэн, дьонтон хомуйан тэрийэн бэлэмнээбиттэр.
Лена Егоровна 1991 сылтан, оччолорго кыраайы үөрэтэр муннукка үлэлээбит, кэлин хос кэҥээн, 2014 сылга оскуола иһинэн устуоруйа уонна этнография түмэлэ диэн ааты сүкпүт. Аны билигин өссө эбии хос эбиллэн, ретро истииллээх тэриллэр, мал-сап киирдилэр. Манна барыта 400-кэ экспонат баар, ол иһигэр сэбиэскэй кэм төлөпүөнэ, араадьыйата, баян, иистэнэр массыыналар уо.д.а.
«Аҕам саастаах дьон күнүгэр түбэһиннэрэн, ретро мусуойбут биһирэмин оҥордубут. Саамай элбэх эриэккэс экспонаты кырдьаҕастарбыт туттаран биһиэхэ күүс-көмө буоллулар, онон биир бастакынан кинилэр көрдүлэр. Аҕам саастаахтарбыт ааспыт кэм малларын, тэриллэрин көрөн, наһаа үөрдүлэр», — диэн үллэстэр Лена Егоровна.