Кэлиҥҥи сылларга улууска олорон, үлэлээн ааспыт дьон ааттарын үйэтитиигэ улуус дьаһалтатыттан болҕомто ууруллан, төрөөбүт дойду устуоруйатын кэпсиир, кыраайы үөрэтэргэ аналлаах кинигэлэр тахсыталыы тураллар.
Бу күннэргэ «Дьөһөгөй айыылаах бэлиэ киһи» диэн кинигэ «Таастаах Дьааҥы үлэһит дьоно» сиэрийэнэн күн сирин көрдө. Кинигэ Аҕа Дойду сэриитин кэмнэригэр тыылга үлэлээбит, Адыаччы нэһилиэгин «Күүһү түмүү» холкуоһугар ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, кэлин тыа култууратын дьиэтин сэбиэдиссэйинэн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри таһаарыылаахтык үлэлээбит, эдэригэр Иосиф Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыт, коммунистическай тутуу, үлэ ударнига Константин Петрович Чириков олоҕун, үлэтин туһунан кэпсиир. Элбэх киһи ахтыыта, саһарбыт хаартыскалар кинигэ ис тыынын дириҥэттилэр.
«Дьааҥы улууһа сайдыытын туһугар кылааттарын укпут хоһуун үлэһит дьон аатын үйэтитиигэ ахтыыларын ыыппыт дьоҥҥо, улуус дьаһалтатыгар, «Көмүөл» кинигэ издательствотыгар – Борис Павловка махталым муҥура суох», – диир ааптар Раиса Чирикова.
Боотто АСХААРАП