Сайда тур, саха сылгыта!

Өрөспүүбүлүкэҕэ VIII-с төгүлүн ыытыллар Сылгыһыт Күнэ быйыл – 2024 сылга Таастаах Дьааҥы улууһугар ыытылынна. Саха сирин 8 улуустарыттан — Амматтан, Тааттаттан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Хаҥаластан, Ньурбаттан, Чурапчыттан, Эбээн-Бытантайтан уонна Дьааҥыттан 13 хамаанда кэллэ.

Муус устар 5-7 күннэригэр Верхоянскай куоракка уонна 2016 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Олоҥхото ыытыллыбыт Хоптолоох түһүлгэтин ипподромугар Сылгыһыт Күнүн бырааһынньыгын үөрүүлээхтик арыйыы сиэригэр-туомугар күрэх кыттааччылара улуустарынан анал формалаах 13 хамаанда толору симэхтээх сүүрүүк аттарын сиэтэн киирдилэр, улуустарын былаахтарын, гербэлэрин дьоһуннук өрө тутан бараадтаан хаамыстылар. Бу Аартыка сиригэр бастакытын ыытыллыбыт уһун үйэлэр устуоруйаларыгар киириэхтээх хоту сир төрүт олохтоохторун үөрдэ долгуппут «Сылгы күрэҕэ — 2024» киэҥ бырагыраамалаах тэрээһинигэр ыраахтан-чугастан кыттааччы, көҕүлээччи, тэрийээччи, көрөөччү, ыалдьааччы толуутук тоҕуоруһан Дьөһөгөй оҕотун иитээччилэри, ат сүүрдээччилэри, күрэх кыттыылаахтарын уонна тэрийээччилэрин уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр.

Сахалыы сайбаччы таҥныбыт Далбар хотуттар Алгысчыт киирэр аартыгын маанытык киэргэтиллибит чаппараахтарын икки өттүттэн кэккэлии тутан арыаллаатылар, түһүлгэ түһүмэлин аар тойонугар анаан алгыс этилиннэ, арыылаах саламаатынан айах тутулунна, Аан Дойду иччилэригэр, Үрдү Айыыларга анаммыт сырдык көрдөһүүлээх алгыс сиэрэ-туома толорулунна. Алгыһы алгысчыт Василий Афанасьевич Колесов ыытта. Дьааҥы, саха сылгытын чиэстээн ырыа ылланна, Дьөһөгөй үҥкүүтэ үҥкүүлэннэ.

«Сахабыт сирин сайдар суолун сааһылаһар саар-тэгил дьоммут, тумус туттар тыын тутаах түс-бас дьоммут сыта-тура сыаналааннар, олоро-тура толкуйдааннар бу улахан тэрээһиҥҥэ кэскиллээх кэс тылынан кэпсэтээри дьоһуннаах олохтоох тылынан онолуһаары Ытык Дьааҥыбыт куоратын Хоптолоох түһүлгэтин түөнэ маҥан сиригэр, дьогдьо сааллар туонатыгар Күрүө Дьөһөгөй Тойоҥҥо туһаайыылаах тускуллаах тэрээһини түстүүр түө күммүт үүннэ! Дьөһөгөй оҕотунуун алтыһар Сахабыт сирин сылгыһыт эр бэртэрин туһааннаах тэрээһинэ бото-болдьоҕо туолла! Чэ, доҕоттор, чуор кулгааххытын сэгэтиҥ, уу хараххытын аһыҥ. Улахан тэрээһин уруйун тутуһаары сылгы барахсан сэттэ үйэ тухары силлибэт ситимнэнэ сириэдийэ турдун диэн, аҕыс үйэ тухары арахсыбат арчылаах сырдык сыдьаайа айхаллана турдун!» диэн ыҥырыы тылынан Сылгыһыт күнүн бараада саҕаланна. Улуу Дойду, Саха сирин, Таастаах Дьааҥы өрөгөй ырыалара добун дорҕоон буолан үөһэ көттө.

Айыы тыыннаах Дьөһөгөй оҕотун араҥаччыларыгар – Сылгыһыкка анаммыт Өрөспүүбүлүкэ бырааһынньыгын үөрүүлээхтик аһыыга СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын Бастайааннай Кэмитиэтин дьокутаата Александр Атласов, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров, «Дьааҥы оройуона» муниципальнай тэриллии Баһылыга Владислав Иванов уонна СӨ Уопсастыбаннай Балаататын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Иван Горохов бар дьону Өрөспүүбүлүкэҕэ VIII-с төгүлүн Ытык Дьааҥыга ыытыллар Сылгыһыт Күнүнэн эҕэрдэлээтилэр, бу сүҥкэн тэрээһин күрэҕэр кыттар хоһуун дьорҕоот дьону, хорсун-хоодуот эр бэртэрин өрөгөйдөөх тэрээһин арыллыытынан истиҥ тыллаах эҕэрдэлэри эттилэр.

Чысхааннаах күн саас иһэрин мэлдьэспиттии тымныынан тыынан турар кэмэ да буоллар ис-иһиттэн дьигиһийэ хаамсыбыт Дьөһөгөй оҕолоро миҥэлэрин билсэр түгэннэрин сэрэйбиттии кэтэһиилээх күрэххэ киирдилэр. СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин «Агроплем» тэрилтэтиттэн 12 судьуйалаах хамыыһыйа үлэлээтэ. Уопсай ахсаанынан 13 хамаандаҕа 19 племенной сылгы, уопсайа 53 кытааччы күрэххэ кытынна.

Күрэхтэр

Түөрт түһүмэхтэн турар сылгыһыт күрэҕэр – ат ыҥыырын, үүнүн, бототун тутан 100 миэтирэҕэ сүүрдүү, ол кэнниттэн аты ыҥыырдаан баран сүүрдүү, онтон сыарҕаҕа көлүйэн сүүрдүү, салгыы сыарҕаттан сыгынньахтааһын, онтон бэрэмэдэйи иилинии уонна 600 миэтирэҕэ финишка сүүрдүүтүгэр уоннуу киилэлээх кууллары ылан буочукаларга таба быраҕыы киирдилэр. Хамаанда түргэнэ, сыыдама кыайыыга эрэли аҕалар эбит буоллаҕына сыыһа туттуута, ат сэбин-сэбиргэлин сыыһа көлүйүү штрафной секундаҕа ааҕыллан истэ. Ити курдук Хаҥалас хамаандатын кытта Ньурба улууһун хамаандата бастакынан ыстаартаатылар. Иккиһинэн, Эбээн-Бытантай бастакы хамаандатын кытта Дьааҥы улууһун Арыылаах нэһилиэгин хамаандата кииристэ. Үсүһүнэн Мэҥэ Хаҥалас икки хамаандата кииристилэр. Төрдүскэ Эбээн Бытантай иккис хамаандата уонна Амма хамаандата. Бэһискэ Таатта улууһун кытта Остуолба хамаандата. Уонна түмүктүүр сүүрүүгэ Чурапчы хамаандатын кытта Боруулаах хамаандалара кииристилэр.

Ат сүүрдүүтэ

Дьүүллүүр хамыыһыйа суоттааһынынан 1600 миэтирэҕэ 15 ат сырыста. Түмүккэ Хаҥалас ат сүүрдээччитэ Андрей Михайлов «Бэлэх» диэн атын кытта кыайыыны ситиһэн 50 000 харчынан наҕараадаланна.

2-миэстэҕэ Эбээн-Бытантай ата «Уолчаан» кыайыыны ситиһэн 30 000 харчынан наҕараадаланна, сүүрдээччи Гаврил Стручков.

Эбээн-Бытантай «Комбриг» диэн сүүрүк ата тилэх уурсан 3-с миэстэҕэ эрэллээхтик үктэнэн сүүрдээччи Арсений Аммосов 20 000 харчынан наҕараадаланна.

2400 миэтирэҕэ сүүрүүгэ 12 ат сырсыбытыттан Адыаччы «Долгун» диэн сүүрүк ата тэҥнээҕин булбата, 1-кы миэстэҕэ үктэнэн, сүүрдээччи Семен Потапов 50 000 харчынан наҕараадаланна.

2 миэстэ – Амма улууһун «Сурчаана» диэн сүүрүк ат 30 000 харчынан наҕараадаланна, сүүрдээччитэ Артур Яковлев.

Уонна 3-с бириистээх миэстэҕэ Эбээн-Бытантайтан улууһун «Звезда» диэн ата кыайан Гаврил Сручков 20 000 харчынан наҕараадаланна.

Өрөспүүбүлүкэҕэ VIII-с төгүлүн ыытыллыбыт «Сылгыһыт Күнэ -2024» тэрээһин күрэхтэрин түмүгүнэн араас көрүҥҥэ элбэх ат сүүрдээччи, кыттааччы наҕараадаланна. Хамаанданан күрэх уопсай түмүгүнэн 4-с бириистээх миэстэҕэ Чурапчы улууһун Одьулуун хамаандата тахсан, хамаанда хапытаана Сергей Петров «Саханефтегазсбыт» АО тэрилтэтиттэн 145 тыһыынча харчы сэртипикээтинэн наҕараадаланна.

3-с бириистээх Үрдэлгэ Чурапчы улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин хамаандата тахсан «Дьааҥы оройуона» мунииципальнай тэриллии аатыттан снегоход-буран бирииһин тутта. Хамаанда хапытаана Лев Прокопьев.

2-с бириистээх Үрдэл хаһаайынынан Мэҥэ-Хаҥалас Табаҕа нэһилиэгин «Тумарык» бааһынай хаһаайыстыбата тахсан бортовой «Фермер» УАЗ массыынанан наҕараадаланна. Хамаанда хапытаана Поликарп Васильев. Бирииһи «Дьааҥы оройуона» муниципальнай тэриллии олохтоото.

Өрөспүүбүлүкэҕэ VIII-с төгүлүн ыытыллыбыт «Сылгыһыт Күнэ-2024» тэрээһин күрэҕин Добун кыайыылааҕа – күрэх 1-кы Үрдэлин хаһаайынын аатын ылбыт Амма улууһун ООО «Довидов» хамаандата 2 мөлүйүөн 500 сууммалаах харчы сэртипикээтинэн наҕараадаланна. Хамаанда хапытаана – Арассыыйа, Дьобуруопа уонна Аан Дойду мас-рестлинг күрэҕин чөмпүйүөнэ, ааттаах-суоллаах саха мадьыната Анатолий Баишев. Бирииһи СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ анаата.

Олоҥхо Бооурдарын санаппыт, Саха өс хоһоонун этиппит тыҥааһыннаах, илин-кэлин түсүһүүлээх улахан күрэххэ, чахчы даҕаны, уол оҕо биир күн ат уорҕатыгар, биир күн ат өрөҕөтүгэр буолла!

Былыргы дьыллар мындааларынан, урукку дьыллар уорҕаларыттан саханы саха дэппит, үрүҥ тыынын өллөйдөөбүт Дьөһөгөй оҕотун аатын дьохсоппут өрөспүүбүлүкэтээҕи Сылгыһыт Күнүн күрэҕэ түмүктэнэн элбэх эҕэрдэлэр этилиннилэр. Аартыка улуустарын стратегиятын олоххо киллэриигэ туһуламмыт тыа хаһаайыстыбатын көһө сылдьар кэллиэгийэтин аһаҕас кэпсэтиитигэр ылыммыт кэнсиэпсийэтэ хоту дойду инники сайдыытыгар, сылгы иитиитигэр олук уурар кыахтанна. Билиҥҥи буола турар ыарахан кэмҥэ бу тэрээһин сомоҕолоһууну уонна сылгы иитиитэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир сүрүн хайысха буоларын Аартыка сиригэр Таастаах Дьааҥыга ыытыллыбыт Күн Дьөһөгөй Тойонтон көҥүллээх ичигэс ил тыыннаах тэрээһин көрдөрдө.

Сылгыһыт Күнүнэн наҕараадалааһын

Аартыка улуустарыгар аан бастаан ыытыллыбыт Өрөспүүбүлүкэтээҕи Сылгыһыт Күнүн бэлиэтиир сүдү суолталаах тэрээһиҥҥэ Саха сирин 8 улууһуттан мустубут сылгыһыттары Дьааҥы куоратын култууратын Киинигэр «Сир баайдаах Дьааҥыбыт» тэрээһин улахан түһүлгэтигэр эҕэрдэлээтилэр. СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын аграрнай бэлиитикэҕэ Бастайааннай Кэмитиэтин аатыттан Александр Атласов Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар биллэр кылааттарын киллэрбит төһүү үлэһиттэргэ Бочуот кырааматалары үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Сылгы иитиитигэр сыраларын ууран туран олохторун анаабыт хоһуун үлэһиттэри Дьааҥы дьоно-сэргэтэ, ыалдьыттара уҕураабат ытыс тыаһынан эҕэрдэлээн махталларын биллэрдилэр. Наҕараадаланнылар:

  • Поликарп Петрович Васильев, Хаҥалас улууһун Байкалов аатынан МУП дириэктэрэ;
  • Виктор Гаврильевич Старостин, Эбээн-Бытантай улууһун КФХ «БАЮМ» бааhынай хаһаайыстыбатын баһылыга;
  • Дмитрий Петрович Захаров, Таатта улууһун Боробул сэлиэнньэтин «Победа» ООО табунщик-сылгыһыта;
  • Сергей Семенович Чупров, Ньурба улууһун «Ньурбачаан» СХПК табунщига;
  • Александр Николаевич Слепцов, Дьааҥы улууһун Элгэс нэһилиэгин сылгыһыта;
  • Евгений Павлович Юмшанов, Дьааҥы улууһун Остуолба нэһилиэгин сылгыһыта;
  • Николай Николаевич Горохов, Дьааҥы улууһун Бабушкинскай нэһилиэгин сылгыһыта;
  • Константин Дмитриевич Горохов, Дьааҥы улууһун Бабушкинскай нэһилиэгин сылгыһыта;
  • Николай Николаевич Неустроев, Дьааҥы улууһун Бабушкинскай нэһилиэгин сылгыһыта.

СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров тыа хаһаайыстыбатыгар өр сыллаах үтүө көрдөрүүлээх үлэтин иһин «СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна» Бэлиэни туттарда Дьааҥы улууһун төһүү үлэһитигэр-урбааныгар Герасим Герасимович Гороховка.

«За вклад в развитии табунного коневодства РС(Я)» Бэлиэнэн наҕараадаланнылар:

  • Дмитрий Николаевич Рыкунов, СӨ сылгы боруодатын селекционнай киинин зоотехнига;
  • Николай Николаевич Горохов, Дьааҥы улууһун Тыатын хаһаайыстыбатын салалтатын (МКУ) исписэлииһэ;
  • Александр Павлович Слепцов, Дьааҥы улууһун Арыылаах нэһилиэгин «Арыылаах» ПК сылгыһыта;
  • Михаил Николаевич Слепцов, Дьааҥы улууһун Адыаччы нэһилиэгин сылгы иитэр КФХ сылгыһыта.

СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна продовольственнай бэлиитикэҕэ Министиэристибэтин Бочуот кыраамататынан наҕараадаланнылар:

  • Петр Петрович Полускин, СӨ Эбээн-Бытантай улууһун «Ленское» МУП сылгыһыта;
  • Дмитрий Петрович Захаров, Таатта улууһун «Победа» ООО табунщик-сылгыһыта;
  • Владимир Христофорович Чириков, Дьааҥы улууһун «Баачаан» ООО сылгы иитэр племенной хаһаайыстыбатын дириэктэрэ;
  • Ариян Лукич Чукров, Дьааҥы улууһун Дулҕалаах нэһилиэгин тыатын хаһаайыстыбатын исписэлииһэ;
  • Елисей Николаевич Юмшанов, Дьааҥы улууһун Остуолба нэhилиэгин КФХ баhылыга;
  • Федор Иннокентьевич Иннокентьев, Дьааҥы улууһун Бабушкинскай нэһилиэк «Верхоянскай» сопхуоһун бэтэрээнэ.

СӨ Аартыка сайдыытыгар уонна Хотугу норуоттар дьыалаларын министиэристибэтин миниистирэ Владимир Черноградскай СӨ Аартыка суонатын социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын, өр сыллаах үтүө суобастаах үлэлэрин иһин Бочуот кырааматаларын бастыҥнарга туттарда:

  • Ньургун Григорьевич Алексеев, Дьааҥы улууһун Сартаҥ нэhилиэгин бааһынай фермерскэй хаһаайыстыба баһылыга;
  • Христофор Николаевич Татаринов, Дьааҥы улууһун Боруулаах агро-оскуолатын сылгыһыта;
  • Дмитрий Дмитриевич Горохов, Дьааҥы улууһун Суордаах нэһилиэгин бааһынай фермерскэй хаһаайыстыба баһылыга.

Дойдуну бэйэ оҥорон таһаарар иҥэмтэлээх, сибиэhэй бородууксуйатынан хааччыйыыга, агро-бырамыысаланнас комплексын систиэмэтигэр өр сыллаах үлэтин, ону кытта Дьааҥы улууһугар ыытыллыбыт Өрөспүүбүлүкэтээҕи табунщик-сылгыһыт күрэҕин тэрээһинигэр көхтөөх кыттыытын иһин наҕараадалары туттарда СӨ Уопсастыбаннай Балаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Иван Горохов:

  • Александр Семенович Протопопов, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Мөгүрү нэһилиэгин урбаанньыта, общественник;
  • Степан Степанович Николаев, Эбээн-Бытантай улууһун сылгыһыта, общественник;
  • Афанасий Христофорович Слепцов, Дьааҥы улууһун Боруулаах нэһилиэгин сылгыһыта, общественник.

СӨ «Сахаагроплем» ГБУ Бочуотунай кыраамататынан наҕараадаланнылар:

  • Семен Николаевич Чириков, Дьааҥы улууһун «Баачаан» сылгы иитэр ООО хаһаайыстыбатын зоотехнига;
  • Валерий Валерьевич Старостин, Дьааҥы улууһун Арыылаах нэһилиэгин «Арыылаах» ПК салайааччыта.

СӨ «Дьааҥы оройуона» муниципальнай тэриллии Баһылыга Владислав Иванов бу үөрүүлээх бэлиэ күнүнэн сылгы иитиитигэр, тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр сүҥкэн кылааттарын киллэрбит дьону Өрөспүүбүлүкэ Сылгыһытын Күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээтэ уонна сылгы иитиитигэр өр сыллаах суобастаах, таһаарыылаах үлэтин иhин СӨ «Дьааҥы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо» Бэлиэни Сартаҥ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕор, СӨ тыатын хаhаайыстыбатын бэтэрээнигэр Дмитрий Иванович Старостиҥҥа туттарда.

Маны кытта «Дьааҥы оройуона» муниципальнай тэриллии Баhылыгын аатыттан Бочуот кырааматаларынан бастыҥтан бастыҥнар наҕараадаланнылар:

  • Владимир Дмитриевич Сыроватскай, СӨ сүөһү иитиитигэр, племенной дьыалаҕа, кооперацияҕа Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уонна продовольственнай бэлиитикэҕэ Департаменын кылаабынай исписэлииһэ;
  • Сергей Петрович Юмшанов, СӨ «Сахаагроплем» ГБУ салайааччытын солбуйааччы;
  • Спартак Михайлович Миронов, СӨ «Сахаагроплем» ГБУ сүрүн зоотехнига;
  • Кэскил Степанлвна Ефимова, Дьааҥы улууһун тыатын хаһаайыстыбатын салалтатын начальнига.

Дьааҥы оройуона» муниципальнай тэриллии Баhылыгын Кырааматаларынан наҕараадаланнылар:

  • Анатолий Анатольевич Захаров, СӨ «Сахаагроплем» ГБУ сылгы боруодатын селекционнай киинин отделын начальнига;
  • Сергей Матвеевич Чердонов, СӨ «Сахаагроплем» ГБУ зоотехнига;
  • Михаил Николаевич Мартынов, СӨ «Сахаагроплем» ГБУ зоотехнига.

Сылгыһыт Күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтиир үрдүк үрдэллээх түһүлгэҕэ бу ааттаммыт дьону таһынан Дьааҥы нэһилиэктэрин тыатын хаһаайыстыбатыгар, сылгы иитиитигэр үлэлии-хамныы сылдьар элбэх хоту дойду хоһуун уолаттара, туруу үлэһит дьоно ааттаннылар, истиҥ тыллаах махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр.

Аартыка сирин киинигэр, Таастаах Дьааҥыга ыытыллыбыт Сылгыһыт Күнүн бэлиэтээһин улахан тэрээһинигэр Саха сирин 8 улууһуттан мустубут чулуу үлэһит дьон-тыа хаһаайыстыбатыгар, сылгы иитиитигэр, олохтоох бородууксуйаны дэлэтээччилэри Аартыка дьоно-сэргэтэ сүһүөхтэригэр туран махтана эҕэрдэлээтилэр, Уруй тылын анаатылар, Айхалынан алҕаатылар.

Хоту дойду муус дьаҥхатын хаарынан бүрүммүт силлиэтин быыһынан сырсыбыт сыспай сиэллээхтэр хоту дойду сылгыта тулуурдааҕын, дьоһун толуу көстүүлээҕин үс күннээх тэрээһин күрэхтэрэ көрдөрдүлэр. Ыраах айаннаах диэбэккэ, Дьааҥы систэринэн кэккэлии сыыйыллыбыт дьиппиэн тыыннаах маҥан очуостаах хайаларынан аргыстанан кэлбит ыраах сир ыалдьыттара Дьааҥы сылгытын хайҕаан, дьоно-киһитэ ыалдьытымсаҕын сэргээн, миҥэлэрин билсэн кыайыы көтөллөммүттэригэр ыалдьытымсах дьонноох Дьааҥы сиригэр сүгүрүйэ махтаннылар.

Раиса Чирикова

Читайте дальше