Бүтүн Арассыыйатааҕы «Бастыҥнар хамсааһыннара» ыччат хамсааһынын Дьааҥытааҕы салаатын исписэлииһэ Светлана Ноговицына:
Саха сиригэр Оҕо саас сыла биллэриллибитэ саамай тоҕоостоох дии саныыбын.
Ийэ дойдуга тапталы иитии хайысхата күүһүрэн турар кэмигэр үөрэх эрэ тэрилтэлэрэ буолбакка, бары өттүтүттэн оҕолорбут эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдалларыгар, сиэр-майгы өттүнэн бигэ тирэхтээх буолалларыгар күүспүтүн холбоон үлэлиэхтээхпит. Олоххо сөптөөх суолу булалларыгар, талааннарын, дьоҕурдарын сайыннаралларыгар, дьарыктаах буолалларыгар сөптөөх эйгэлэр тэриллиэхтээхтэр.
«Бастыҥнар» хамсааһыннарын өттүнэн кэлэр сылга былааммыт киэҥ – уһуйааннарга, эбии үөрэхтээһин, култуура тэрилтэлэригэр иитэр эйгэни тэрийии, Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн сыла биллэриллибитинэн көлүөнэ ситимигэр, төрөппүт уонна оҕо кыттыылаах тэрээһиннэри ыытыы.