Петр Васильевич Портнягин – Дьааҥы улууһун биллиилээх талааннаах тириэнньэрэ

Чөл олоҕу тутуhар киhи бу олоххо элбэҕи кыайар-хотор, ситиhэр, уhун үйэлэнэр. Дьааҥы куоракка чөл олоҕу төруттээбит, спорт киэҥ эйгэтигэр элбэх сыратын уурбут киһинэн Петр Васильевич Портнягин буолар. Кини мин эhэлээтэр эhэм Томский Петр Иванович, спорт бэтэрээнин, чугас доҕоро буолар. Наар бииргэ бултууллара, алтыhаллара. Эhэм элбэхтик кини туhунан кэпсиирин истээччим.

Кинини чугастык билэр туhуттан, тоҕо тириэнньэр идэтин талбытын билээри интервью биэрэригэр көрдөспүтүм.

— Ханна уонна хаhан төрөөбүккүнүй? Бииргэ төрөөбүттэр хаскытый? Хаhыс оҕоҕунуй?

— 1953c. төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт алтабыт, мин үhүс оҕо этим.

— Оҕо сылдьан ким буолуоххун баҕарар этигиний?

— Наар күрэхтэhиилэргэ кыттан миэстэлэhэр  этим, спорт идэтин таларым биллэр этэ.

Тоҕо тириэнньэр идэтин талбыккыный?

Миигин Москваттан кэлэ сылдьар аатырбыт тириэнньэр Дмитрий Коркинныын  биэс уолу сүүмэрдээн талбыттар, онон оскуоланы бүтэрээт Москваҕа  үөрэнэ барбытым. Онно дьарыктаммыт оҕолортон биэс оҕо тириэнньэр буолбуппут.

Иллэҥ кэмҥэр тугу гынаргын сөбүлүүгүн?

Мин бултуурбун, тыаҕа сылдьарбын  сөбүлүүбүн, өссө  кинигэ, ыстатыйа суруйуутунан дьарыктанабын.

Тириэнньэр буоларга ханнык хаачыстыба нааданый?

Оҕону дьарыктыырга кини туhунан үчүгэйдик билиэххэ наада, психолог буолуохха наада.

Тириэнньэр буолуон баҕалаах оҕолорго тугу сүбэлиэн этэй?

Тириэнньэр буоларга  ыарахан, бастатан туран баҕалаах буолуохха наада, оҕо нагрузкатыттан көрөн сөпкө дьарыктыахха наада.

Музейы хас сыллаахха төрүттээбиккиний?

2004с. материал хомуйан саҕалаабытым, онтон 2006с. музей тэрийэн арыйбытым.

Петр Васильевич тустуу тириэнньэрэ эрэ буолбатах, спорт пропагандиһынан эмиэ  биллэр эбит. Кини элбэх кинигэ ааптара, араас ыстатыйалары, брошюралары,  буклеттары суруйан таһааттарбыт. Ол кинигэлэрин көрдөрбүтэ. Кини Верхоянскай куоракка спортивнай оскуола сайдарыгар элбэх сыратын уурбут. 1987с. кини көҕүлээһининэн тустуу саалата, онтон 2002с. сауналаах, душтаах дьарыктанар саала тутуллубуттара, саҥа аныгы спортивнай тэриллэринэн хааччыйбыта. Кини улууска хапсаҕай сайдыытыгар элбэх өҥөлөөх. Петр Васильевич Үөһээ Дьааҥы уонна Эбээн-Бытантай улууһун айылҕаттан талааннаах оҕолорун сүүмэрдээн дьарыктыыр эбит. Кини үлэлээбит сылларын устата сүүрбэттэн тахса СССР, Россия, Саха Ɵрөспүүбүлүкэтин спордун маастардарын иитэн таhаарбыт. Билигин кини дьарыктаабыт оҕолоро дойдуларыгар физкультура учууталынан уонна тириэнньэринэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Петр Васильевич – ССРС спордун маастара, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Россия физическэй культуратын уонна спордун туйгуна, Саха Ɵрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тириэнньэрэ, Саха Ɵрөспүүбүлүкэтин спордун бэтэрээнэ, Дьааҥы  куоратын,  Дьааҥы улууһун  уонна Чакыр нэһилиэгин  бочуоттаах олохтооҕо, Дьааҥы улууһун спордун историятын үйэтитэр түмэлин төрүттээччитэ.

Петр Васильевич, кыра оҕо эрдэҕинээҕи ыра санаатын толорон, тириэнньэр идэтин баhылаабыт.Тириэнньэр идэтэ элбэх күүһү, сыраны, дьаныары, үлэни ирдиир эбит диэн түмүккэ кэллим. Спорт эйгэтигэр үлэлиэн баҕалаах эрэ киһи тириэнньэр буолуоҕун сөп. Тириэнньэр оҕолору дьарыктыырын таһынан, тэрийэр, салайар дьоҕурдаах буолуохтаах. Онон тириэнньэр буолуон баҕалаах оҕолор тириэнньэр үлэтэ хайдаҕын эрдэттэн билиэхтэрин наада дии саныыбын.

Дьааҥы улууһун спордун сайдыытыгар элбэх сыратын уурбут, «Дьааҥы спордун албан аата» түмэлин төрүттээбит, элбэх биллиилээх спортсменнары иитэн-такайан таһаарбыт Чурапчыттан төрүттээх талааннаах тириэнньэрдээхпитинэн киэн туттуох, сыаналыах тустаахпыт.

Кинини кытта аhаҕастык кэпсэппиппиттэн олуhун диэн астынным, дуоhуйдум. Үөрэ-көтө көрсүбүтүгэр махтаныам этэ. Баҕарыам этэ киниэхэ кытаанах доруобуйаны, уhун дьоллоох олоҕу.

Андриян Томский, Верхоянскай орто оскуолатын 10 кылааhын үөрэнээччитэ

Читайте дальше