Салайааччы күүлэйи көрө олорбокко бэйэтинэн кыттара – олус хайҕабыллаах суол. Улуус салалтатыттан кэлэн кыттыбыт үлэһиттэр бэйэлэрин эттэринэн-хааннарынан күрэх иһин-таhын билэн инники ыытыллар күүлэйдэри өссө чочуйаллара чуолкай.
Тыа хаһаайыстыба сүрүн тутулун – Саха омук үйэлэргэ илдьэ кэлбит үгэстэрин, абыычайын уһун тыынныырга дьаһаллар ылыллаллар. Улуус тыатын хаһаайыстыбатын ыытар үлэтин былааннарыгар сөп түбэһиннэрэн, «Дьааҥы оройуона» муниципальнай тэриллии дьаһалтатын 2023 сыл кулун тутар ый 20 күнүнээҕи 2017 N-дээх таһаарыытынан улуус тыатын хаһаайыстыбата сайдыытыгар, оҥорон таһаарар бородууксуйаны элбэтиигэ тыа хаһаайыстыбата салгыы сайдыытыгар тирэх, күүс-көмө, өйөбүл буолан, ынах-сүөһү ахсын энчирэппэккэ кыстыгы этэҥҥэ туоруурга муниципальнай бүддьүөттэн субсидия бэриллибитэ.
Түгэҕэ көстүбэт, киэҥ далааһыннаах, көнө ньуурдаах, ааттыын «Улахан Сыһыы» диэн Остуолба сирин маанылаах ходуһатын көрбүт, манна оттообут дьон-киһи «Улахан Сыһыыга оттообутум» диэн, чахчы да, киэн тутта кэпсиэҕин кэпсиир. Бу 700-кэ га иэннээх Улахан сыһыытыгар Остуолба нэһилиэгин сиригэр урукку сопхуостар саҕаттан бүтүн нэһилиэк оттоон кэлбит улахан сыһыыта буолар. Сылын ахсын ыытыллар от күүлэйигэр улуус араас нэһилиэктэриттэн хотуур тутуурдаах, кыраабыл кыбыныылаах, аныгы мотокосилка сүгүүлээх дьон кэлэн күрэхтэһэн илин-кэлин түсүһэн, үлэ дьонун сиэринэн тото аһаан, билсиһэн бараллар.
От ыйын 21-22 күннэригэр «Күүлэй — 2023» улуустааҕы от күрэҕэ тэриллэн ыытылынна. Быйылгы күрэх биир уратыта – улуус салалталарын салайааччылара кэлэн күрэҕи таһынан кытыннылар. Салайааччылар от үлэтин быыһыгар быыс булан санааларын үллэһиннилэр.
Владислав Иванов, «Дьааҥы оройуона» муниципальнай тэриллии баһылыга:
«Манна кэлиҥҥи сылларга Верхоянскай куорат «Тымныы чыпчаала» СХПК салайааччыта Екатерина Алексеевна Портнягина тэрээһининэн, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүнүнэн хаһыс да сылын Күүлэй күрэҕэ ыытыллар. Быйылгы күүлэйгэ түөрт хамаанда кэлэн кытынна. Кыттааччы киһи аҕыйах диэбэппит, дьон бэйэ хаһаайыстыбаларыгар оттоно сылдьаллар. Бу күүлэй кэннэ өссө икки күүлэй тэрийиэхтээхпит – атырдьах ый ортотугар ыччат Күүлэйэ уонна хомуйааһыныгар, кээһиитигэр. «Тымныы чыпчаала» СХПК улууспут биир сүрүн кэпэрэтиибигэр күүс-көмө буоларбыт хайаан да наада. Улууспутун төгүрүк сыл үрүҥ аһынан хааччыйар кэпэрэтиип салайааччыта дьаныардаах үлэтинэн быйыл хас да граны ылла.
Күүлэй күрэҕин хамаандаларыгар ирдэбил быһыытынан үстүү харбааччы, иккилии охсооччу туруорулунна, ону таһынан личнэйгэ (биирдиилээҥҥэ) биир харбааччы, биир охсооччу кытынна. Күүлэй кыттааччыларын күҥҥэ үстэ аһаттылар, шашлыктан саҕалаан саха төрүт аһа – сүөгэй, ис миинэ, хаан уонна да атын ас дэлэй. Екатерина Алексеевна маны таһынан бензининэн бэйэтэ хааччыйда, сүрүн бириистэрин туруорда, оттон анал ааттары үс бириистэрин тыа хаһаайыстыбатын салалтата туруорда.
Күрэх дьонуттан таһынан улуус тэрилтэлэрин салайааччылара конкуруска киирсибэккэ кытынныбыт. Ол курдук улуус үөрэҕин салалтатын салайааччыта Иннокентий Юмшанов, үп-харчы салалтатын салайааччыта Алексей Харбин, киин бухгалтерия дириэктэрэ Алексей Чириков, ресурснай салалта дириэктэрэ Виктор Потапов, тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччытын солбуйааччы Иннокентий Рожин уонна улуус дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Дабаан Котельников оттоотубут. Эһиил үчүгэй бэлэмнээх кэлэн кыттыахпыт. Оттуур тэрилбит арыый аҕыйах эбит – икки мотокосилкабыт хаппырыыстыы сырыттылар, үлэ тэриллэрин ылыы наада эбит.
Быйыл от үүнүүтэ ханна да үчүгэй курдук, халлааммыт да туран биэрдэ, бэйэбит сыаналаан көрдөхпүтүнэ орто үчүгэй. Холобур бу Улахан Сыһыы уута үчүгэйдик барбыт. Манна мелиоративнай үлэлэри Герасим Горохов оҥорор. Өрөспүүбүлүкэ мелиорациятын кытта хаһыс да сылын үлэ ыытар уонна Остуолба олохтоох дьаһалтатын баһылыга Саргылана Бурцева күүс-көмө буолар.
Биһиги урут-уруккуттан улууспутугар оттоон кэлбит дьон – салайааччылар ыччаттарга холобур буолан туран ыччаты тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлэтэр бигэ эрэллээхпит. Эбэн эттэххэ, Боруулаахтааҕы «Көдөй» оҕо сайыҥҥы сынньанар лааҕырыгар биир эмэ өрөбүл күн тиийэн от кээһиитигэр көмөлөһөр баҕа санаалаахпыт».
Иннокентий Юмшанов, үөрэх салалтатын салайааччыта:
«Мин манна дойдубар окко бүтэһигин 90-с сылларга киирбитим. Кэлин Бүлүүгэ кэргэним аҕатыгар баран хаста да оттоспутум. Холобур, мин Чурапчыттан кэлбит киһи көрүүбүнэн – манна улахан, киэҥ көнө сыһыылааҕын хайгыы, сөҕө көрдүм, Дьааҥы хайаларынан тулаламмыт киэҥ да киэҥ иэннээх, оттоох сыһыыны көрө-көрө оттуурга үчүгэйин киһи эппэт. Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит ынах сүөһү ииттэн, оттоон-мастаан кэллэхтэрэ. Ол үгэстэри салҕаан, оҕолору, ыччаты окко сыһыаран, оттуурга тиэхиникэ улаханнык сайдыбатах сиригэр мотокосилканан, хотуурунан оҕустаран – ол улахан туһаны аҕалыах этэ».
Алексей Харбин, улуус үпкэ-харчыга салалтатын начальнига:
«Быйыл саас үп-харчы салайыытыгар хантараактаһан үлэлии кэлбитим. Дьааҥы улууһугар урут сылдьа иликпин, онон бастакыбын үлэлии сылдьабын. Бэйэм Өлүөхүмэ улууһуттан төрүттээхпин, тэҥнээн көрдөххө, маннык улахан сыһыылар Өлүөхүмэҕэ суохтар, айылҕата атын. Хоту Аартыка сиригэр Дьааҥы ынах-сүөһү, сылгы ииттэр биир улахан улуус буоларын, үрүҥ үүт ас арааһа дэлэгэйин, ураты кэрэ айылҕалаах улуус буоларын истэр этим. От хампаанньатын күргүөмнээх үлэтин эппинэн-хааммынан билэн, оттоһо сылдьарбыттан киэн туттабын, наһаа үөрдүм».
Иннокентий Рожин, тыа хаһаайыстыбатын салалтатын үлэһитэ:
«Мин дьонум «Дьөһөгөй» диэн бааһынай хаһаайстыба тэринэн мантан чугас, үһүс Кумах диэн сир сыһыыларыгар оттооччубут, билигин куортамҥа турар сирдээхпит. Этиллибитин курдук, Улахан сыһыы диэн киэн тутта ааттаныллар Остуолба сиригэр Екатерина Портнягина Күүлэй тэрийэн, икки күннээх тэрээһин кэнниттэн түмүк таһаардыбыт, кыайыылаахтар наҕараадаланнылар. Күрэх кыттааччылара, отчуттар, көмөлөһөөччүлэр көхтөөхтөр. Баһылык эппитин курдук, ыччат Күүлэйэ ыытыллыаҕа. Уонна кээһиигэ кыттыахпыт. Инники өттүгэр маннык тэрээһиннэри элбэхтик ыытыахпыт диэн былаанннаахпыт. Быйылгы от үүнүүтэ ортоттон ордук, «Штиль» диэн от охсор косилканан оҕустардыбыт уонна харбааһынын субуулуу тардан истибит».
Кэлээри турар кыстыкка бэлэмнэнии тыа сирин саамай тутуллар тутааҕа буоларынан от хампаанньатын үлэтэ күүскэ ыытыллар. Салайааччылар үтүө холобурдара, кэскиллээх көрүүлэрэ, былааннара олоххо киириэҕэ. Атырдьах ыйын ортотун диэки өрөбүл күннэргэ ыччат күүлэйэ ыытыллыыта элбэх эдэр дьону Улахан Сыһыыга түмүөҕэ. Бу киэҥ сыһыыга бары бииргэ мустан хоту дойду кылгас сайынын уйгулаах-быйаҥнаах туонатыгар окко күрэх ыытыллыыта кыстыгы этэҥҥэ туоруурга, ыччат сомоҕо буолуутугар туһаайыллыаҕа.
Улахан Сыһыы Дьааҥы ыччатын кэтэһэр!
Раиса ЧИРИКОВА