Отчуттар санаалара. Күрэх кыттааччыларын түмүктэрэ, ис санаалара, үөрүүлэрэ, отчут оҕолор махтал тыллара

Күүлэй-2023 араас саастаах кыттыылаахтарын кытары аһаҕас кэпсэтии, кинилэр санаалара, күрэххэ тустаах этиилэрэ – бу балаһаҕа

Улахан Сыһыы ходуһата көппөх аннынан уулаах да буоллар, олохтоох дьон: «Урукку сылларга холоотоххо быйыл кураанахха оттоотубут», – дэһэллэр. Кэмнэр хардаһыыларыгар баар уларыйыылары көрөн-билэн ааспыт дьон ханнык да эйгэҕэ тэҥнээн көрүүлэрэ баар. Наар манна оттуур буолан атын сирдэри билбэттэрин Остуолба отчут уолаттара этэллэр. Уонна от тиэмэтигэр бэрт сэргэхтик кэпсэтэ түстүлэр, бэйэлэрэ этэллэринии – куорат эдэр отчуттарын кытта олохтоох отчуттар.

Николай Горохов, Остуолба нэһилиэгин тыатын хаһаайыстыбатын исписэлииһэ:

«Оччолорго Янскай сопхуоска, бу Улахан Сыһыыбыт бүтүннүү оттонор этэ, биирдэ эмит ПМК, ДРСУ курдук улахан тэрилтэлэр субуотунньугунан кэлэн оттооччулар. Остуолба нэһилиэгин киһитин ахса уруккутуттан улаханнык көҕүрээбэтэ, арай сүөһү иитээһинэ ахса сылтан сыл аччыы турар, ыччат ынах сүөһү иитиитигэр чугаһаабат, хаһаайыстыба тутар дьон кырыйдылар. Билиҥҥи туругунан уопсайа, төбөтүнэн 58 ынах сүөһү баар, онтон ыанара 26 ынах баар».

Кэтэх хаһаайыстыбалаах уот ыстаансыйатын үлэһитэ, «Бастыҥ охсооччу» анал аат хаһаайына Дмитрий Гуляев:

«Биһиги салаабыт окко 900 туонна былааннаах буолааччы, онтон биирдии киһиэхэ 25 туонна былаан түһэриллэрэ. Ыччат биригээдэтэ, бөһүөлэк биригээдэлэрэ, онтон да атын биригээдэлэр бааллара. Ол уонтан тахсалыы турбут эр дьонноох күүстээх биригээдэлэр буолаллара. Оччолорго билиҥҥи курдук улахан тэрил суох, матассыыкыл, бензин буолунай, суола да үчүгэй буолан дьиэттэн сылдьан оттооччубут. Улахан сыһыыны таһынан Тэктэҥэнэн, Арбайынан эҥин оттууллара. Манна Улахан сыһыыга биир гектар сиртэн туонна от тахсар. Сири өттөппөт буоланнар от дэлби луоҕаланар, ол курдук оттоммокко хаалан иһэр. Бу сыһыыттан хайдах да баһаар тахсыбат сирэ, ону өттөппөттөр, сир бөҕө ити курдук хаалар. Остуолба хамаандатын уолаттара «Остуол анныттан тахсыахтарыттан» оттууллар, урут убайдара оттооччулар, билигин кинилэри салҕыыллар».

Остуолба хамаандатын отчут уолаттара, «Күүлэй – 2023» күрэх бастакы миэстэтин хаһаайыттара:

«Урут Остуолбаттан үс хамаанда турааччы, биһиги убайдарбыт күрэхтэһээччилэр. Быйыл хамаанда аҕыйах буолан конкурент аҕыйах. Дьон бэйэлэригэр оттоно сылдьар буоллахтара, биһиги эмиэ бары бэйэбит хаһаайыстыбалаах дьоммут, «Алгыс» СХПК-ны кыстыгы туоруур оттоннун диэн көмөлөһөн кытынныбыт диэххэ сөп. Үлэлиир бириэмэбит түөртүү чаас – ол олус уһун. Халлааммыт туран биэрэн оттоотубут».

«Күүлэй — 2023» күрэх 2-с миэстэлээх хамаандатын хамандыыра Герман Графов:

«Верхоянскай куораттан уопсайа икки хамаанда турбута, биир биһиги – Алгыстар, иккис хамаанда – куорат хамаандата. Биһиги «Алгыс» ТХПК хамаандата кытынныбыт, хамаандабытыгар үс оскуола оҕото, икки улахан киһи, ону таһынан биирдиилээн харбааһыҥҥа биир киһи кытынна. Күрэх түмүгүнэн хамаанданан күрэххэ иккис бочуоттаах миэстэҕэ тигистибит, биирдиилээн харбааһыҥҥа от харбааччыбыт анал аат ылла, онон түмүктээхтик кытынныбыт. Оскуоланы бүтэрэн барааччыларбытын сайыстарбыт да хайыыр да кыах суох, үчүгэйдик үөрэниэхтэрэ диэн эрэллээхпит, уолаттар үлэҕэ, үөрэххэ, араас күрэхтэргэ ситиһиилэрэ элбэх. «Штиль-250» мотокосилканан оҕустардым. Былыр дьоммут илии хотуурунан оттууллара ыарахан үлэ эбитэ буолуо».

«Алгыс» ТХПК хамаандатын отчута Витя Ильченко махталлаах санаатын тиэрдэр:

«Мин сэттис кылаастан, уопсайа үс сыл сайын ахсын оттуубун, от күүлэйигэр эмиэ хаһыс да сылбын кытынным. Быйыл Верхоянскай орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрдим, үөрэнэ барыахтаахпын, докумуоннарбын ыыппытым, онон оттоон бүтэбин. Сайын ахсын манна кэлэн оттообуппун, күүлэйгэ кыттыбыппын хаһан да умнуом суоҕа, Екатерина Алексеевна Портнягинаҕа оҕолору сайыҥҥы сынньалаҥнарын дьарыктаахтык атааралларыгар күүс-көмө буоларыттан улаханнык махтанабын. Ыччаттарга уонна улахан кылаас үөрэнээччилэригэр өбүгэҕит үгэһин хаһан да умнумаҥ диэн тиэрдиэх этим».

Эдэр отчут, Верхоянскай орто оскуолатын үөрэнээччитэ Миша Ткаченко:

«Мин быйыл онус кылааhы бүтэрдим, ахсыс кылаастан сайын ахсын маннык оттуубун. Оттообуппутугар хамнас төлүүллэр, онон хаhан сайын кэлэрин кэтэhээччибит. Дьонум урут чааhынай хаhаайыстыбалаахтара, сүөhү ииттээччибит, онон кыра сааспыттан бу дьарыгы, оттооhуну, ынах иитиитин үлэтэ хайдаҕын билэбин. Сүөhү ииттэр ыарахан үлэ – сайынын кыстык оту оттооhун, кыhынын ону тиэйии. Бензин сыаната ыарыы турар, онон тыа хаhаайыстыбатынан дьарыктанар, тыа сиригэр маhынан оттунан олорор дьиэлээх дьоҥҥо кыhалҕа үгүс. Хамнаска да буоллар «Алгыс» кооператив хаhаайыстыбатыгар кыра да буоллар көмө оҥоробут. Быйылгынан оттоон бүтэн баран крановщик үөрэҕэр барар санаалаахпын. Бу оттуу сылдьар оҕолор – мин, Витя Ильченко уонна Коля Шадрин бары үөрэх туттарса бараары сылдьабыт».

Чороччу улаатан эрэр оҕону үлэҕэ үөрэтии – оҕо инники олоҕор туhалаах. Биирдиилээн да, улахан да хаhаайыстыбалар, тыа хаhаайыстыбатыгар сүөhү ииттэр тэрилтэлэр оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын сөптөөхтүк атааралларыгар, оҕо дьарыктаах буолуутугар болҕомтолорун уураллар. Оттуу үөрэммит оҕо үлэни сыаналыы, дьон үлэтин ытыктыы үөрэнэр. Урукку кэм оҕото үөhэ этиллибитин курдук «остуол анныттан тахсыаҕыттан» оттуур эбит буолла5ына, билиҥҥи саҥа, атын кэм оҕото үксэ да от буолуохтааҕар, ходуhа диэн тугун билбэт буолуохтарын сөп. Онон «Тымныы чыпчаала» уонна «Алгыс» тыа хаhаайыстыбатын тэрилтэлэрэ оҕолорго үтүө кэскиллээх ааны арыйалларын чуолаан бэлиэтиир наада. Оҕо махтанара диэн ис сүрэхтэн тахсар дьиҥнээх махтаныы буолар. Ыраах суоллаах-иистээх, үгүс кыhалҕалардаах хоту дойдуга икки сүүhүнэн ынах сүөhүнү кыстатан таhаарыы улахан сыраттан, дьүккүөрдээх үлэттэн тахсар. Ол да иhин, былыр былыргыттан биир айан суоллаах Остуолба дьаhалтата, тыатын хаhаайыстыбата, хоhуун отчут ыччаттара, дьоно Дьааҥы куоратын хаhаайыстыбатыгар куруук өйөбүл, күүс-көмө буолаллар.

Боотто АСХААРАП