От үлэтин хаамыыта

Дьааҥыга от үлэтин хаамыытын – быйылгы дьыл от ыйын 27 күнүнээҕи туругунан сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин үлэтэ хайдах баран иhэрин туhунан улуус тыатын хаhаайыстыбатын салалтатын начальнига Кэскил Ефимова кылгастык билиһиннэрдэ.

Кэскил Ефимова:

«От ыйын алтыс дэкээдэтин түмүктэрэ балайда ситиһиилээх буоллулар. Ол курдук улууспут бары нэһилиэктэрэ от хампаанньатын үлэтигэр көхтөөх үлэҕэ туруннулар. Дэкээдэ түмүгүнэн, уопсайа, от үлэтигэр билиҥҥи туругунан 1407 киһи кытта сылдьар. От охсууга былааммыт 2319 гектар эбит буоллаҕына 3074 гектар ходуһа сир охсулунна, ол эбэтэр от охсуутун былаанын 132,5% толорон иһэбит.

Биир сүрүн көрдөрүүбүт биллэн турар от кэбиһиитэ буолар – былааммыт 942 туонна от буоллаҕына, бүгүҥҥү күн туругунан 1716 туонна от кэбиһилиннэ, ол эбэтэр 774 туоннанан от ордук бэлэмнэннэ».

Кэскил Ефимова ааспыт дьылы кытта тэҥнээтэххэ көрдөрүүлэр бары өттүнэн үчүгэйдэрин, о.э. былырыын баччаҕа отчут ахсаана 397 киһи эбит буоллаҕына бу дэкээдэҕэ 1407 отчут ходуһаҕа оттуу сылдьарын эттэ. «Былырыын баччаҕа 444 га ходуһа сирэ охсуллубут буоллаҕына быйыл 3074 га охсулунна, кэбиһии 163 туонна от буоллаҕына быйыл 1716 туонна от бэлэмнэннэ», – диэн бэлиэтиир.

Онон, бу дэкээдэ түмүгүнэн, улуус үрдүнэн бары нэһилиэктэр биир тэҥ тэрээһиннээх өрө күүрүүлээх үлэни көрдөрбүттэрэ кыстыгы этэҥҥэ туоруурга эрэл баар диэххэ сөп. Бэлиэтээн эттэххэ, ааспыт сыл элбэх халаан уулаах буолан сорох ходуhалар уулара ыытыллан, от үүнүүтэ орто үчүгэй туруктаах.

«Сүрүн тирээн турар сорукпут от охсуутун улаханнык хаалларбакка биир тэҥник охсон харбаан түүрэ тутан кэбиһии буолар. От хаамыытын сводката көрдөрөрүнэн охсуллубутунан 4500 туонна от быһыллан сытар буолуохтаах, ол эбэтэр билигин ходуһаҕа 2780 туонна от кэбиһии баар буолуохтаах. Барыллаан, борогунуос көрдөрөрүнэн, атырдьах ыйын бастакы дэкээдэтигэр улахан сөҥүүлэр суохтар. Чуолуур буоллахха, саҥа дэкээдэҕэ сорудахтарбыт отчут ахсаанын тэтимин намтаппакка, 3189 гектар охсуу, 2167 туонна кэбиһиллиэхтээх», – диэн улуус тыатын хаhаайыстыбатын салайааччыта борогунуостуур.

Боотто Асхаарап


Читайте также…

Николай Портнягин: «Дьааҥыга оттооһун ураты ыарахаттардаах»

Чурапчы сириттэн, уруккута Эрилик Эристиин аатынан аатырбыт миллионер сопхуос кииниттэн сылдьар хоһуун үлэһит…