Олохтоох хаһыат норуотун кытта биир буолуохтаах

Уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн Илья Колесов – Сылгыһыт уола Бэчээт күнүнэн ситимнэнэн олохтоох хаһыат тула, эрэдээксийэ туһунан санаалара.

Улуу Ленин революцияны «Искра» хаһыат нөҥүө оҥорбута. Сэбиэт былааһа баар эрдэҕинэ хаһыат төрдүс былаас дэнэрэ. Биһиги олохтоох хаһыаппыт улуус дьонугар сонунун ыһа олорбута олус ыраатта – сотору 85 сыллаах үбүлүөйэ буолуо.

Олохтоох хаһыат биһиги аҕаларбыт-ийэлэрбит, эһэлэрбит-эбэлэрбит күн аайы саҥаттан саҥа сонуннары билэ олорор доҕордоро этэ. Ол иһин биһиги аҕа көлүөнэбит доҕордоро буоларынан хаһыаппытын олус ытыктыах тустаахпыт. Таастаах Дьааҥы олохтоохторо биһиги төрүт олохтоох саха омук буоларбытын сүтэриэ суохтаахпыт, ол иһин билиҥҥи араас куйаар ситимэ олус элбээбитин да кэмигэр сахалыы сурукпутун-бичикпитин тутан хаалар сыалтан, олохтоох сахалыы тыллаах хаһыаппытын элбэхтик суруттаран ааҕа сатыах этибит.

Билигин күн-дьыл күүскэ уларыйа турар кэмэ, куйаар ситимэ олус күүскэ сайда турар. Дьон хаһыаты суруттарбат, аахпат буоллулар, дьон электроннай куйаар нөҥүө аан дойду, улуус сонунун истэ билэ олороллор. Нууччалыы эттэххэ, электроннай сыыппараҕа көһүү күүскэ барыы киин куораттарга, ол иһигэр Дьокуускайга буола турар. Ол гынан баран, биһиги тыабыт сиригэр интэриниэт ситимэ мөлтөх, билигин төһө да улуус хаһыаттарын куйаар биир порталыгар киллэрбиттэрин үрдүнэн сонун-нуомас нэһилиэнньэҕэ бытааннык тиийэр. Билиҥҥитэ олохтоох хаһыаттан ураты сонуну түргэнник дьоҥҥо тириэрдэр ханаал суох.

Билигин хаһыат үлэтэ олус ыарахан балаһыанньаҕа олорор, үлэһиттэр хамнастара олус кыра – билиҥҥи библиотекарь хамнаһынааҕар 2-3 төгүл кыра хамнаһы ылаллар. Ол иһин хаадыр уларыйа турар, суруйар идэлээх ыччаттарбыт бара тураллар, хата талааннаах үлэһит буоланнар киин сирдэргэ кэлэн үлэҕэ киирэн иһэллэр. Үчүгэйэ диэн биһиги хаһыаппытыгар олус уопуттаах Ольга Тетерина, эдэрчи Туйаара Чукрова, Мария Макарова курдук суруналыыстар бааллара үчүгэй дьаныардаах үлэлэринэн хаһыаппытын таһааран, дьоҥҥо сонуну тарҕата олороллор. Биһиги бары махтаныах эрэ тустаахпыт. Суруналыыстыка үлэтэ уопсастыба, норуот сайдарыгар улахан туһалаах, суолталаах. Олохтоох хаһыат үлэтигэр улуус, нэһилиэк салалталара олус күүскэ көмөлөһөн бэйэлэрин ыытар бэлиитикэлэрин, үлэлэрин олоххо киллэриигэ, сайыннарыыга дьону биир өйгө-санааҕа иитиигэ, аҕалыыга күүскэ туһана сатыахтаахтар. Аны олохтоох салалта былыргы баартыйа курдук, хаһыаты кытта бииргэ үлэлиир сыалтан, сыллааҕы халандаарынай үлэтин-хамнаһын хаһыакка оҥорон биэрэллэрэ олус үчүгэй буолуо этэ. Улуус дьылҕатын быһаарар улахан туһааннаах, суолталаах боппуруостары туруорарын хаһыат нөҥүө норуокка тахсан тиэрдэ сатыахтаах.

Онтон норуот күннээҕи кыһалҕатын, туох кыайтарбатын, туох үчүгэй улэ барбытын нэһилиэнньэ, биирдиилээн дьон туруорсуутун хаһыаттан билэ олордоҕуна эмиэ үчүгэй буолуо этэ, кыһалҕалаах боппуруостары миэстэтигэр түргэнник быһаарыллан иһиэ этилэр. Улууска төһө да куйаар ситимэ күүскэ сайда турдар, олохтоох хаһыаты ааҕар, сэҥээрэр уонна олохтоох үлэ-хамнас хайдах баран эрэрин чуолкайдык билэр сыалтан элбэх дьон хаһыаты суруттарыан баҕарар, ол гынан баран кэлиитэ кыайтарбат буолан сонуннара сойон хааларыттан, дьон сүгүн суруттарбат. Кырдьык хаһыат аҕалыыта-таһыыта улууска олох мөлтөх диэххэ сөп, ол иһин сорох нэһилиэктэргэ баара суоҕа 2-3 эрэ хаһыакка суруттараллар. Онтон сорох улуустарга олохтоох хаһыаты суруттарарга наһаа кыһанар эбиттэр, араас чэпчэтиилэри оҥороллор эбит. Ол курдук хаһыаты улуус оскуолалара, уһуйааннара, балыыһалара, библиотекалара уонна администрациялара бары суруттараллар эбит. Улуус бэтэрээннэрэ, бочуоттаах олохтоохторо эмиэ чэпчэтиилээх суруйууга тиксэллэр эбит.

Хаһыаты тарҕатыыны улуус салалтага нэһилиэктэргэ сүктэриэхтээхтэр. Нэһилиэктэр буоллаҕына почта сибээһэ баар сиригэр кинилэр нөҥүө, онтон суох сирдэригэр таксистары кытта уонна сорох чааһынай дьону кытта дуогабардаһан күүскэ ыыталлара эбэһээт наада. Сорох сирдэргэ маҕаһыыннары уонна килиэп буһарааччылары кытта күүскэ үлэлэһэллэр, ол курдук хаһыаты суруттарар, тарҕатар дьоҥҥо киин хаһыаттары босхо суруттаран биэрии, таһар дьоҥҥо олохтоох салалта уматыгынан көмөлөһөллөр эбит.

Улуус салалтата нэһилиэктэргэ кэрийэ, үлэлии бардахтарына суруналыыстары куруук илдьэ сылдьалларын өссө күүскэ сайыннарыахха. Нэһилиэк аайы баар уопсастыбаннай кэрэспэндьиэннэри кытта тыыннаах үлэни ыытыахха, кинилэр нөҥүө патриотическай иитиигэ аналлаах, үлэһит дьон туһунан, былыргы историческай матырыйааллары сырдатыыга, тыа хаһаайыстыбатын, оскуолалар үлэлэрин туһунан, успуорт, дьиэ кэргэн, оҕо-аймах туһунан нэһилиэк үлэтин-хамнаһын сырдатыытын күүскэ ыытан, хаһыакка тиһэн иһиэххэ.

Бу сонуннар барыта кэнники история буолаллар эбит, ол онно олохтоох хаһыат олус үчүгэй өҥөлөөх буоларын киһи барыта билэр. Дьааҥы дьоно сыыйа сахалыы ааҕар,суруйар буолан эрэрбит олус үчүгэй, Баатаҕайга, Верхоянскайга уһуйааннарга кырачааннары сахалыы үөрэтэн эрэллэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Саҥа салалта улууспутугар саха тылын үөрэтиитин көҕүлээбитэ олус үчүгэй. Саха киһитэ былыр былыргыттан киһини көрүстэҕинэ аан бастаан «туох сонун?» диэн ыйытар. Ол аата сонуҥҥа, сырдыкка, саҥаҕа уонна билиигэ тардыһыыбыт оннук күүстээх. Ону хаһыат нөгүө дьоҥҥо тиэрдэ сатыахха. Олохтоох хаһыат – бу улуус экономикатын бэриэччитэ. Бүтэһигэр, Дойдубут бэчээтин күнүнэн, сонуну киэҥник тарҕатар бары олохтоох хаһыат суруналыыстарын, үлэһиттэрин идэтийбит бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибит!

Сылгыһыт уола

Читайте дальше