Норуот зоотехнига Тыҥа Дьарааһын

Биһиги өбүгэлэрбит Сылгы уҥуоҕар сүгүрүйэн ааһар буолуҥ диэн этэллэрэ. Былыр сылгы сүөһүнү наһаа таптаан, көрөн-харайан, үчүгэй сылгыны үөскэтэ, элбэтэ сатыыр дьоннор бааллара. Ол дьон араас нэһилиэктэргэ сылдьан сылгыһыттар түмсүүлэригэр, ат сүүрдүүтүгэр сылдьан үчүгэй, бастыҥ бөдөҥ сылгыны көрдөхтөрүнэ харахтара уоттана түһэрэ.

Дьэ бу үчүгэй сылгыны атыылаһан дуу, атастаһан дуу аҕалан, бүөбэйдээн, көрөн-харайан, атыыр буоллаҕына үөргэ ыытан, ат буоллаҕына көлүнэ-миинэ сылдьан бөһүөлэк ортотунан дьон киһи көрдүн, ымсыырдын диэн бөтөрөҥүнэн сиэллэрэн-хаамтаран ааһаллара. Аны ат сүүрдүүтүн кыдьыгар ылларбыт дьон ыһыахтары эбэтэр идэһэ саҕана кэрийэ сылдьан наар үчүгэй сүүрүк сылгыны буллахтарына туох баардарын-суохтарын ууран биэрэллэрэ, өйдөрө-санаалара ити сылгыны атыыласпыт киһи диэн буолара. Оннооҕор 1 сүүрүк акка эбэтэр эдэр улахан төрүүр биэҕэ 5 ынаҕы кытта атастаһаллара эбитэ үһү.

Итинник бастыҥ  сылгыны тарҕатар дьон былыр нэһилиэк аайы бааллара биллэр. Бу дьоннор аныгылыы эттэххэ норуот зоотехниктара этэ. Мин биир оннук норуот зоотехнига туһунан Адыаччы нэһилиэгин киһитэ Герасим Николаевич Божедонов (Тыҥа Дьарааһын) туһунан кэпсээри гынабын. Биһиги аҕабыт Ылдьаа сылгыһыт буолан бу Дьарааһын куруук сылдьар ыала буолара. Өссө куруук кэмпиэт кэһиилээх кэлэр этэ, биһигини барыбытын төбөбүтүн имэрийэн ааһара. Оҕонньор кэллэҕинэ сыалаах эмис сылгы этэ буһара, дьэ уонна киэһэлик аһыы олорон наар үчүгэй сылгы туһунан кэпсэтэллэрэ, кимиэхэ үчүгэй сылгы баарын, сылгытын атыылыыр дуо диэн ыйыта олорор буолааччы. Аҕам ханна, кимиэхэ үчүгэй сылгы баарын билэр буолан уонна колхоз ханнык үчүгэй сылгыны быраактанан өлөрөрүн ыйыталаһааччы. Киэһэ биһиги дьиэбит кыараҕас буолан балтын Матырына аахха Горохов Дмитрийдээххэ (Баак Мииккэлээххэ) хоно барар этэ.

Кэнники  Дмитрий уола Михаил Дмитрьевич оройуон аатырбыт сылгыһыта буолбута, Остуолба плем ферматын салайбыта. Дьарааһын олох эдэр эрдэҕиттэн  куруук  Адыаччынан, Табалааҕынан, Чолбонунан, Элгэһинэн наар 1-2 сылгы сиэтиилээх сылдьааччы. Остуолбаҕа кэлэригэр куруук сылгы сиэтиилэх кэлэрэ, колхоз сылгытын далыгар хоннорорун көрөр этибит. Сорох киэһэлэргэ сылгыһыттар мустан Михаил Новгородовка (Усхаан), Иван Гуляев, Иннокентий Слепцов, Николай Юмшанов буолан хаартылыыр этилэр, онно эбэһээт үчүгэй сылгыны сүүйбүт эбэтэр атастаспыт буолара. Аҕам Дьарааһын үчүгэйдэппит диэн этэн ааһааччы. Дьэ бу сылгыларын били куруук сылдьар сирдэринэн тарҕатар эбит этэ. Оччолорго Чолбоҥҥо Виктор Потаповка НКВД сиэнчэр сылгыларыттан хаалбыт бөдөҥ-үчүгэй сылгыларын эмиэ нэһилиэктэринэн тарҕаппыта биллэр. Кэлин Остуолбаҕа сылгы  племенной ферматын тэрийбит аатырбыт зоотехник Гавриил Аммосов сылгы бэчээттии сылдьан, биһиги көрдөхпүтүнэ наһаа үчүгэй сылгыны бу сиэнчэр хааннаах сылгы диэн, быраактаан өлөттөрөн кээһээччи. Өссө бу Тыҥа Дьарааһын тарҕаппыт сылгыта диэн киэн тутта соҕус саҥарарын өйдөөн хаалбыттаахпын.

Дьарааһын бэрт сырыылаах, күлүүлээх-дьээбэлээх киһи быһылааҕа, ол курдук айаннаан иһэн автобуһу тохтотон, бу киһитэ аҕыйах эбит, бэйэ аттарбын кытта манна олорсон барыым дии, аттарын автобуска киллэрээри тардыалаһара эбитэ үһү. Аны санаатахха, сылгы иитиитигэр  Дьарааһын бу дьиҥнээх норуот зоотехнига эбит. Адыаччы совхоз кырдьаҕас сылгыһыттара бары билэр уонна убаастыыр киһилэрэ эбит этэ. Кэлин оройуоҥҥа киирэн үлэлии сылдьан Бөтөнкөскө Николай Герасимовичка музейын көрө сылдьааччыбын. Онно Николай Герасимович чэйдэтэ олорон 16 сааһыгар дьаамсыктаабытын, мин дьоммун, аҕабын үчүгэйдик билэбин, түһэрин кэпсээбитэ.

Салгыы кэпсээтэххэ, перестройка кэмигэр 2-3 сыл оройуоҥҥа комбикорманы быһа бааржаҕа уган Баатаҕайга аҕалтара сылдьыбытым, онно кыра Герасим Божедонов улаханнык көмөлөспүтэ. Кини онно саҥа бизнеһинэн дьарыктанар эрэр кэмэ этэ. Саатар ол курууспут наар кэлэн Аллараа Дьааҥыга эбэтэр Куйгаҕа хаалан хаалар этэ, ону кыһын ыытан массыынанан тиэйтэрэр этим. Онно улахан төлөбүрэ суох, олох үчүгэйдик дьаһайан комбикорманы, эбиэһи аҕалтарар этэ. Оччолорго от кыайан оттоммотох сылларыгар, элбэх сүөһү этэҥҥэ кыстыырыгар кэлии аһылык улахан төһүү күүс буолбута.

Дьэ, ити курдук, норуот зоотехнигын Тыҥа Дьарааһын туһунан уонна кини уолун норуот учууталын Николайы, сиэнин Герасимы  кылгастык кэпсээн аастахха.

Сылгыһыт уола


Читайте также…

Саамай бастыҥ сүөһүлэр

Киһи аймах үөскүөҕүттэн аһылыкка анаан араас сүөһүнү ииттэн барбыта биллэр. Саамай былыргы дьиэ сүөһүтүнэн ыт уонна таба буоларын билинэллэр…