Николай Слепцов самовар-оһох оҥордо

Соторутааҕыта, Дьокуускайга Аартыка улуустарын олоҕор-дьаһаҕар аналлаах, рюкзакка уган сүгэ сылдьарга сөптөөх тупсаҕай оҥоһуулаах оһох сүрэхтэниитэ буолан ааспытын туһунан бырайыак ааптара, Дьааҥыттан төрүттээх Николай Дмитриевич Слепцов иһитиннэрдэ.

Тэрээhиҥҥэ уопсастыбаннас, куорат тулатынааҕы территорияны сайыннарыы боппуруоhугар «Дьокуускай куорат» уокуругун баhылыгын солбуйааччы, тыа хаhаайыстыбатын уонна урбааннааhын сайдыытын боппуруоhугар Владимир Аржаков, «Водоконал» АО генеральнай дириэктэрэ Анатолий Кырджагасов, ООО «Хоту Тент» генеральнай дириэктэрэ Афанасий Махатыров кытыннылар.

Николай Дмитриевич уһун тымныы кыһыннаах дойдуга бу сылааһы өр тутар, таҥаһы куурдар, ону кытта өссө шашлык мангалын туттуохха сөптөөх быһыылаах чэпчэки ыйааһыннаах хомуллар оһоҕу сыбааркалааһын сүрүн улахан үлэтигэр көмөлөспүт «Водоконал» АО генеральнай дириэктэригэр Анатолий Кырджагасовка уонна тэрилтэ сыбаарсык уолаттарыгар Гаврил Третьяковка, Роман Морозовка махтанар.

СӨ наукаҕа уонна үөрэҕириигэ Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньаҕын бастайааннай кэмитиэтин бэрэсэдээтэлэ Антонина Григорьева оhох туундараҕа таба ыстаадатын общиналарыгар, булчуттарга уонна Анал байыаннай дьайыыга туттулларыгар бары өттүнэн тупсаҕайын бэлиэтээн туран тэрээһин бары кыттыылаахтарыгар махтанна. Ону таһынан куорат Губинскай оройуонун бэтэрээннэрин Сэбиэтин чилиэннэригэр «Илии сылааhа» аахсыйаҕа көхтөөх кыттыыларын иhин махтаннылар. Парламентарий Таастаах Дьааҥыттан төрүттээх хоту дойду физик-учуонайа айбыт оhоҕо Анал байыаннай дьайыыга сылдьар саха сириттэн барбыт буойуттарга ордук туhалаах буоларын тоhоҕолоон бэлиэтээтэ. (Ил Түмэн пресс-сулууспатыттан тылбаас).

Ааптар Николай Петрович айаҥҥа, булка илдьэ сылдьарга аналлаах оhоҕун «Самовар-оhох» диэн ааттыыр. Оhох экспериментальнай көрүҥ быhыынынан оҥоhулла сылдьарын этэр. Онон оhох өссө тупсарыллан хаппаҕа уларытыллыахтаах, уу оргутар, ас буhарар ёмкостаах, былааҥҥа оhох икки ойоҕоhунан уу кутарга аналлаах хочуоллардаах эбит.

«Анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьон сүгэ сылдьарга сөптөөх көтүрүллэр, холбонуллар (разборнай) оhоххо наадыйаллар эбит, кинилэргэ, 3 — 5 оhоҕу ыытын дэбиттэрэ, онно сакаас оҥоhулла сылдьар», – диир Николай Дмитриевич.

Кини «Дьэбиннирбэт ыстаал, тимир диэн манна адьас суох эбит, баар тимир икки миллиметртэн үөhэ халыҥнаахтар, биhиэхэ 1,5 миллииетрдээх наада. Ас буhарарга аналлаах дьэбиннирбэт матырыйаал сыаната улахан. Бырайыак быhыытынан оhох турбата көнө, 4 муннуктаах, үрдүгэ 50 см. Маҕаhыын төгүрүк турбатын олордон турбаны уhатан бэриэххэ сөп оҥоhуулаах. Бу оhох турбата оhох ортотугар турар, онон икки өттүнэн оттуллар буолар. Көннөрү, биир турбалаах оhоххо оттуллубу уота барыта турбанан тахсан баран хаалар. Оттон ортотугар турбалаах оhох сылааhы биэрэр көдьүүhэ улахан буолар», – диэн оhох оҥоhуутун туhунан сырдатта.
«Тыа, тайҕа туундара дьонугар чахчы наадалаах, аналлаах биир да тэрил бачча тухары оҥоhуллан тахсыбата, ол иhин оҥоро сатыыбыт. Куорат олохтоохторугар олохторун-дьаhахтарын тупсаралларыгар табаар арааhа буолунай, ойуур-тыа дьонугар чаанньыктаахтар эрэ», – диэн этэрэ олохтоох.

Николай Дмитриевич бырамыысалыннай табаары айан, оҥорон олоххо киллэрэргэ мантан салгыы дизайнҥа күрэх ыытыахтааҕын иhитиннэрэр. Онон ылсыбыт дьыалата – олоххо-дьаhахха, билиҥҥи балаhыанньаҕа олус наадалаах үлэтин түмүгэ санаа хоту сатаннын, самовар-оhох туhата улааттын.

Раиса Чирикова