Чурапчы сириттэн, уруккута Эрилик Эристиин аатынан аатырбыт миллионер сопхуос кииниттэн сылдьар хоһуун үлэһит Николай Васильевич Портнягин Дьааҥы сирэ-уота уонна от үлэтэ уратыларын тэҥнээн көрбүтүн туһунан сиһилии кэпсээн санаатын атастаһар.
Оту пресстээн оттооһун
Кини Дьааҥы куоратын «Тымныы чыпчаала» ТХПК тэрилтэҕэ үһүс сайынын кэлэн от үлэтигэр көмөлөһөр эбит.
Николай Васильевич от үлэтин үгэнигэр сылдьар, «Синтай» тыраахтарынан от пресстээн рулоннуур. Синтай биир таһаарыытыгар 30 киилэ оту пресстээн эрийэн рулоннуурун, 100 устуука рулоннаммыт от 3 туонна буоларын кэпсиир. Бу Синтай – 120 тыа хаһаайыстыбатын үлэлэригэр – кыра кээмэйдээх сири оҥорууттан саҕалаан от үлэтигэр олус туһалааҕын, биир чаас тохтоло суох үлэлээтэҕинэ 1 лиитэрэ сэлээркэ барарын уонна тыа киһитин күннээҕи үлэтигэр атын да туһата элбэҕин этэр.
«Ааспыт сылга Улахан Сыһыыга оттоон 50 туонна от рулоннанан тахсыбыта. Күн аайы, эбэтэр үстүү хоно-хоно ардыыр буоллаҕына, кэтэспэккэ, инчэҕэй оту туустаан баран пресстиибин. Ынах сиир тууһун сир суола баарына эрдэ аҕалтарбыттар, онон туус баар. Былырыын киһи сиир тууһа кутуллубута. Тууһу куттахха амтаннаах от сенаж (сиилэс) буолар», – диир.
Отчуттар кэпсэтиилэрэ
Улахан Сыһыы отчуттара омурҕаҥҥа тото аһаан-сиэн баран, отуу тула олорон сэһэргэһэллэригэр бириэмэ ортоҕуна, бырдахтан, ньаалахтан дэйбиирдэнэ-дэйбиирдэнэ сэлэһэ түһэллэр. Бэйэ бэйэлэрин төһө да ыкса билэтэллэр да от үлэтэ сомоҕолуур буоллаҕа. Маннык түгэҥҥэ от тиэмэтэ кэҥээтэр кэҥээн, көх-нэм буолан, кэпсэтии сиилэстээһиҥҥэ эргиллэн – «Урут Дьааҥы сопхуостарыгар үс да үстээх дьааманы маһынан ампаардыы ньыманан тутан баран, онно оҕуһунан от тиэйэн аҕалан кутан сиилэс оҥороллоро. Боронук хайатын аннынан уонна Кыһыл тумуһахха оччолорго сиилэстээбит сирдэрэ билигин да бааллар. Уонна уулаах сүөһүгэ оҕото улаатан хаалыа диэн сиилэһи сиэппэттэрэ. Оттон төрөөбүт ынах үүтэ эбиллэригэр биир ыйынан сиилэһи сиэтэҕин», – дииллэр олохтоох отчуттар.
«Онтон кэлин самосвал массыынанан аҕалан кутан сиилэстииллэрэ түргэн буолара, үрдээбитин кэннэ тыраахтарынан тэбистэрэн пресстииллэрэ», – диэн Николай Васильевич эбэн биэрэр, – «Сайдыы хаамыыта түргэн. Холобур окко, дьиэ таһынааҕы да үлэлэргэ көлүөһэлээх, хаама сылдьар чехословацкай косилка өссө үчүгэй, батыһа сылдьан салайан эрэ биэрэҕин. Урут уонча оннук косилканы Новосибирскай диэкиттэн аҕалан чааһынайдарга атыылаабытым, үлдьү бүтэрбиттэрэ, дьон абыраммыттара. Ол тэрил адьас сир кырсынан охсор, икки түргэннээх, захвата биир миэтирэ да буоллар таһаарара элбэх. Манна Дьааҥыга эмиэ ону тутталлар дииллэр».
Дьааҥы сиригэр оттооһун туһунан
Киһи истэ олоруох курдук кэпсээнтэн кэпсээн сыыйыллар. Николай Васильевич үс сыл сайынын ахсын Дьааҥыга үлэлээн элбэҕи көрбүт-билбит киһи быһыытынан санаатын маннык үллэстэр: «Манна оттуурга ыарахаттара элбэх, быдан эрэйдээхтик оттонор эбит. Ол туһунан дойдубар видеонан, ватсаабынан нөҥүө кэпсэтэбит. Барытын хайдах баарынан устан ыытан көрдөрдөххө эрэ итэҕэйэллэр – бураан уунан оту соһон сордонон иһэрэ, дьоннор оту соһо-тиэйэ сылдьаллара уонна да атын көстүүлэри ыытабын. «Эрэйдээхтик оттуур дьоннор бу бааллар эбит», – дииллэр. Бэйэҥ оннукка үлэлээтэххинэ эрэ билэҕин, итэҕэйэллэр. Чиэһинэ эттэххэ, маннык дойдуга сүүһүнэн сүөһүнү тутарга ыарахаттара, кыһалҕалара элбэҕин көрдүм, биллим. Холобур киин улууска таапысканан сылдьан оттуугун, үс киһилээх звено оттуу баран 300 туоннаны оттуур – биир тиэхиникэ тиийэн охсор, кэнниттэн биир тыраахтар ону мунньар, үһүс пресстиир. Манна дьон соторутааҥҥыга диэри илии хотуурунан охсоллоро үһү, билигин илии косилкатынан охсорго үчүгэйдик үөрэммиттэр, хаама сылдьар курдуктар. Илии косилкатынан оттуур охсооччулар охсор быһахтарын бастаан кэлэн көрөн баран улаханнык соһуйбутум – урукку илии хотуурунан косилка быһаҕа оҥостоллор эбит, охсоллоругар кэлэ-бара 10 сантиметрынан барыһыраллар».
Айылҕатынан, суолунан-ииһинэн уратылара, таһаҕаһы тиэйииттэн, атыы-тутуу үрдэтиллибит сыанатыттан саҕалаан, олох-дьаһах хаһаайыстыбатыгар баар кыһалҕалары кытта иллэһэн олорор хоту дойду киһитэ төрөөбүт ийэ буоруттан тэйбэккэ улууһун сайдыытын туһугар токуруйуор диэри мөхсөр.
Оттон биир өрөспүүбүлүкэҕэ олорор, эмиэ туһунан кыһалҕалаах, үөрүүлээх, тутуллаах киин улуус, ол эбэтэр Чурапчы Дириҥиттэн сылдьар Николай Васильевич хоту дойду уонна киин улуус уратыларын илэ бэйэтэ көрбүтүн, эрэйдээхтик оттуулларын, кыһалҕаны да киһи үөрүөх түгэннэрин да сөҕө эттэҕэ.
Екатерина Портнягина саҕалааһынынан үгэс быһыытынан сылын ахсын ыытыллар от Күүлэйдэригэр отчуттарга анаан усулуобуйа кыалларынан тэриллэр. «Конкуренция улахан буоллаҕына киирсии кытаанаҕа буолар» диэн ыччат дьон үөрэ-көтө күрэстэһэллэр, улууһу үрүҥ аһынан хааччыйа олорор «Тымныы чыпчаала», «Алгыс» хаһаайыстыбаларыгар көмөлөһөллөр. Ол пресстэнэн рулоннаммыт оту систэр үрдүлэринэн Дьааҥы куоратыгар тиийэ тиэйэллэр.
Николай Васильевич: «3 туоннаны Камазка хайдах да батаран тиэйиллибэт буоллаҕына пресстэммит от тиэйиллиитэ барыстаах эбит, от тохтубакка тиийэр. Дьааҥы ходуһалара уу угуттаах эрэ буоллаҕына оту ылар буоллаххыт. Төрүт үгэһи тута сылдьар улуус эбитин истээччибин уонна чахчы биллим. Хоту улуус дьоно олоххо тардыһыылаахтара, туохтан да толлубаттара, булугас өйдөөхтөрө, айылҕаларын уратыларын бэлиэтээтим. Биһиэхэ алаас сирдэр буолан кураанахтар, бачыыҥка сиигирэр буоллаҕына киирбэппит», – диир.
Раиса Чирикова