Мин Уһуйааччым – Христина Корнилова

Сайын, 2005 сыл. Оччотооҕу кэмҥэ мин онус кылааһы бүтэрбит уол оҕо сайыҥҥы кэмҥэ үлэ көрдөнөбүн. Бииргэ төрөөбүт убайым, ол саҕана үһүс кууруһу бүтэрбит устудьуон, төрөөбүт Адыаччытыгар сайын аайы кэлэн оҕо саадын лааҕырыгар уһуйааччынан үлэлиирэ. Оттон мин бу кэмтэн ситимин быспакка, лааҕырга оробуочай үлэһит быһыытынан үлэ-хамнас эйгэтигэр үктэммитим…

Бу ыраатта, аан маҥнай үлэлээбит дуоһунаспар икки сайын устата үлэлээбитим. Лааҕыр үлэһиттэрин, уһуйааччыларын кытта оҕо саадын сэбиэдиссэйэ, бөһүөлэккэ ытыктанар үлэһит, ааттаах салайааччы Корнилова Христина Егоровна тэҥҥэ сылдьыһар, үөрэтэр икки сүбэлиир буолааччы. Бу бэйэтэ туспа эйгэҕэ үөрэхтээх уонна үөрэнэ сылдьар дьон аҥаардас кинини кытта үлэлии сылдьар буолалларыттан, нэһилиэк хараҕар кинилэр кытта ытыктанар, чорбойор дьон буолан тахсааччылар. Бу дьон үлэтин ыраахтан көрөн, ким бу ырааһынан мааны, сырдыгынан ордук түмсүүгэ киириэн, үлэлиэн баҕарбат буолуой диэбит эрэ санаа киирээччи…

Икки сайын үлэлээн бүтээт, 2006 сылга Адыаччым орто оскуолатын түмүктээн, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университекка (оччолорго – Саха Государственнай университета) уйулҕа институтугар (оччолорго – факультет) туттарсан киирбитим. Маҥнайгы куурус кэнниттэн сайын дойдубар тиийиибэр Христина Егоровна сайыҥҥы лааҕырга үлэҕэ ыҥырар, бу сырыыга – уйулҕаһытынан. Ол эбэтэр аны оҕону кытта ыкса үлэҕэ баар буола түһэбин. Эдэр дьону кытта ааттаах бэккэ үлэлээн, кэлэр сайыҥҥы кэмнэргэ бу дуоһунаспар салгыы үлэлиибин. Сотору 2011 сылга үөрэхпин бүтэрээт, оройуон киинигэр Баатаҕай бөһүөлэгэр үлэлии хаалабын.

Үс сыл устата Баатаҕайга үлэлээбитим тухары, биир да өрөбүл күннэри аһарбакка, наар тура дойдубар Адыаччыга тахсарым. Ол курдук, күһүн 2014 сыллаахха эмиэ Христина Егоровна бу сырыыга оҕо саадыгар уйулҕаһытынан үлэҕэ ылар. Оҕо саадыгар үлэ сайыҥҥы лааҕыр үлэтиттэн тосту атын буолар эбит диэн бастакы күннэртэн өйдөөбүтүм. Бу сүрүн үлэм таһынан, аныгы үлэҕэ тиэхиникэни, куйаар ситимин баһылаабыт эдэр киһи буоларым быһыытынан, Христина Егоровнаҕа бастатан туран салайар үлэтигэр уҥа илиитэ буолбутум. Ол гынан, ханнык баҕарар үлэҕэ курдук, бастакы ыйдарга оҕону кытта алтыһыыттан саҕалаан, бииргэ үлэлиир дьон сыһыаныгар тиийэ араас ыарахаттары барытын кэриэтэ көрсүбүтүм да, этэҥҥэ туораабытым. Билигин санаатахпына, Христина Егоровна ол кэмнэргэ миигин салайар үлэҕэ төһө сөптөөхпүн анааран көрбүт буолуон сөп.

Бииргэ үлэлиир дьон буоламмыт алтыһарбыт, кэпсэтэрбит күнтэн-күн кэҥээн, элбээн испитэ. Ардыгар үлэ чааһа бүттэ диэбэккэ, өрөбүлү билиммэккэ элбэхтик үлэ үөһүгэр үктэммиттээхпит. Манна Христина Егоровна салайар тэрилтэтин туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьара, кыһанара илэ көстүбүтэ. Ол да иһин нэһилиэккэ эрэ буолбакка, оройуон таһымын үөрэҕин эйгэтигэр ордук ытыктанар дьонтон биирдэстэрэ буолуон буоллаҕа. Ити курдук, күн бүгүн үлэҕэ бэриниилээх буолуу хаачыстыбатын мин киниттэн ылыммыппыттан, иҥэриммиппиттэн улахан дьоллоохпун.

Салгыы 2017 сыл олунньу ыйга оройуон киинигэр СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирин кытта көрсүһүүгэ Христина Егоровна тыл этиитин саҕаланыытыгар сотору Адыаччы оҕо саадыгар саҥа салайааччынан миигин аныырын туһунан иһитиннэрдэ. Ол гынан, бу сыл уонна толору кэлэр сыл оройуон салалтата кинини салгыы салайааччынан үлэлэтэргэ быһаарар. Туох да уларыйыыта суох уруккубут курдук эйэ дэмнээхтик салгыы бииргэ үлэлиибит. Бу кэмнэргэ нэһилиэк төрөппүттэрэ буоллун, оройуон салалтата буоллун, мин кэлэр саҥа салайааччы буоларбын ылынан, үөрэнэн испиттэрэ. Ити курдук, күннэр-дьыллар түргэнник ааһа охсууларын кытта 2019 сыл тохсунньу ыйыгар мин оҕо уһуйааныгар сэбиэдиссэйинэн ананабын.

Оҕо уһуйаанын бэһис сылын салайыыбар Христина Егоровнаны кытта ситиммитин өрүү быспаппын. Кини мындыр өйө-санаата, сүбэтэ-амата биһигини өрүү сөптөөх суолга сирдиир уонна кынаттыыр. Ону кытта бэйэтэ күн бүгүнүгэр диэри оҕо уһуйаанын үлэтин-хамнаһын биһигини кытта тэҥҥэ өрүү истэ, сэргии олорор.

Киэҥ далааһыннаах оҕо уһуйааныгар үлэҕэ бастакы хардыыларбар эргиллэн махтаныах тустаахпын СӨ Үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитигэр, РФ Үөрэҕириитин туйгунугар, СӨ Үөрэҕириитин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнигэр, үтүө санаа уонна идэҕэ бэриниилээх буолуу бэлиэ хаһаайкатыгар, СӨ учууталларын 12 уонна 13, дьахталларын 13 сийиэстэрин дэлэгээтигэр, Дьааҥы оройуонун уонна Адыаччы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕор, олоҕун 60 сылын ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ анаабыт, ол иһигэр 35 сыл оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэрин эҥкилэ суох салайбыт Дьааҥы Далбар Хотунугар – Корнилова Христина Егоровнаҕа. Кэлээри турар оҕо уһуйаанын үлэһиттэрин күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэ, өрүү ситиммитин быспакка, ситиһиилээхтик өссө да ыраахха, өссө да киэҥ далайга биһигини, биир идэлээхтэргин кынаттыы, сирдии тураргар баҕарабыт.

 

Дьааҥы Далбар Хотуна

Христина Егоровна Корниловаҕа

 

Оо, эйиигин билэллэр…

Аат толору илигэр.

Оо, эйиигин истэллэр…

Таастаах Дьааҥым сиригэр.

 

Күн сырдыгын даҕаны

Халлаан сөпкө хаамтарбат,

Дьон үтүөтүн даҕаны

Киһи бары аахайбат.

 

Дьоһун санаа кытары

Саха уран тойуга,

Сиэрэ суоҕу утары

Дьааҥы Далбар Хотуна.

 

Эн көрүөхтээх оһуоргун

Айыыһыт Хотун биэрбит,

Эн чаҕылхай сүүс суолгун

Үрүҥ Аар Тойон сиэппит.

 

Оо, эйиигин билэллэр…

Оо, эйиигин истэллэр…

Дьааҥы Далбар Хотуна –

«Киристиинэ» дэһэллэр.

 

Константин Каженкин

Читайте дальше