Сэтинньи 10 күнүгэр Дойду үрдүнэн Ис дьыала үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэннэ. Үлэлэригэр бэриниилээх, дойдуну көмүскээччилэр, биһиги олохпут нус-хас буоларын араҥаччылааччылар, ураты дьиссиплиинэ дьоно, мэлдьи бэрээдэк харабылыгар – полиция үлэһиттэрэ.
Бүгүҥҥү нүөмэргэ ааҕааччыларбытыгар Госавтоинспекция Верхоянскайдааҕы салаатын начаалынньыга, ыстаарсай лейтенант, бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Максим Бережневу билиһиннэрэбит.
Максим Гаврильевич Бережнев Дьааҥы улууһугар 2023 сылтан ыстаарсай инспиэктэринэн ГАИ салаатыгар үлэлээбит. Быйылгыттан начаалынньыгынан анаммыт. Верхоянскайдааҕы ГАИ салаата икки улууһу, Дьааҥыны уонна Эбээн-Бытантайы, хабар, үс үлэһиттээх: начаалынньык уонна икки инспиэктэр.
Салайааччы иһитиннэрэринэн, бу сыл 10 ый түмүгүнэн, госавтоинспекция салаатынан 250-тэн тахса суол быраабылатын кэһии тахсыбыт. Ити иһигэр 16 итирик туруктаах суоппар тутуллан, ыытар бырааба тохтоллубут. Мантан биирдэстэригэр, быраабын былдьатан баран, уруулга хаттаан итирик олорбутун иһин, холуобунай дьыала тэриллибит. Итини сэргэ биир киһи албын ыытар бырабаалааҕа биллэн, эмиэ холуобунай дьыалаҕа түбэспит.
ГАИ үлэһиттэрэ суолга бэрээдиги араҥаччылыылларын таһынан, массыыналары учуокка туоруораллар, суолга бэрээдэги кэһии тахсыбатын туһугар рейдэлэри, операциялары оҥороллор, профилактическай үлэ ыыталлар, бырааптара быһыллыбыт суоппардары кытта үлэлэһэллэр.
– Тоҕо полиция идэтин баһылаабыккыный? Бу үлэ ыараханын билэбит, киһи эрэ барыта тулуйбат ээ?
– Эр киһи идэтэ диэн санаалаахпын. 2009 сыллаахха Дьокуускайдааҕы ИДьС ППС батальонугар милииссийэ үлэһитинэн киирбитим. Оскуола кэнниттэн аармыйаҕа сулууспалаабыт буоламмын анал үөрэҕим суох этэ, 2010 с. Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар юрист-правовед идэтигэр үөрэнэ киирбитим, 2013 с. бүтэрбитим. 2015 сыллаахха Уус-Алдан улууһун ГИБДД салаатыгар ДПС инспиэктэринэн переводтаммытым. Кэлин, манна ананыам иннинэ, 2018 сылтан СӨ ИДьМ ГИБДД Дьокуускайдааҕы анал батальонугар ДПС инспиэктэринэн үлэлээбитим. Иккитэ Кавказка баран кэлбитим. 2014 с. уонна 2016 с., командировка быһыытынан. Идэбит ыарахан, эр киһи идэтэ. 15-тэн тахса сыл үлэлээбитим тухары биирдэ даҕаны кэмсиммэтэҕим.
Кыра сылдьан анаан ис дьыала үлэһитэ буолуом этэ диирбин өйдөөбөппүн эрээри, аҕам бииргэ төрөөбүт быраата милииссийэ этэ. Баҕар, кини холобура сабыдыаллаабыт буолуон сөп.
– 15-тэн тахса сыл сулууспаҕа анаабыт эбиккин. Эн санааҕар, полиция үлэһитин сүрүн хаачыстыбата туох буолуохтааҕый?
– Полиция үлэһитэ эппиэтинэстээх, дьиссиплиинэлээх, сокуону билэр, тулуурдаах буолуохтаах.
– Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаргын сөбүлүүгүнүй?
– Иллэҥ кэммэр сынньанабын (күлэр). Айылҕаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн. Түгэн көһүннэҕинэ бултуубун, саас куска, хааска сылдьааччыбын. Бииргэ төрөөбүттэрим, төрөппүттэрим үлэбин өйдүүллэр, ол өттүгэр сыһыаммыт үчүгэй.
– Кэпсэтиибит түмүгэр биир идэлээхтэргэр баҕа санааҥ.
– Дьааҥы улууһугар иккис сылбын үлэлиибин, кэллэктиип үчүгэй, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү, өйөбүл баар.
Биир идэлээхтэрбин уонна Ис дьыала уорганнарын бэтэрээннэрин ааспыт полиция күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин. Сыралаах үлэҕит-хамнаскыт таһаарыылаах буоллун, бука барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, дьоллоох-соргулаах олоҕу, бары үтүөнү баҕарабын.
Надежда Горохова