Күндү түүлээҕи көрөн-истэн

Галина Иннокентьевна Алексеева, Мария Гаврильевна Слепцова, Варвара Семёновна Григорьева Табалаах бөһүөлэгин «Эрэл» түөлбэтин ытыктанар кырдьаҕастара. Бу үс кырдьаҕаспыт «Саһыл» ферматын бэриниилээх үлэһиттэрэ. Уопуттаах кыыл иитээччилэрэ, үһүөн пятилетка былаанын толорбут бастыҥ дьоммут.

Эдэр, кыайар-хотор кэмнэрин, үлэлэрин-хамнастарын, ситиһиилэрин астына ахталлар. Табалаахпыт совхоһа аатырар да этэ, ханнык баҕарар тэрилтэҕэ үлэһит бастыҥнар элбэхтэр этэ диэн сэһэргииллэр. В.И.Ленин мэтириэттээх грамотанан наҕараадаламмыттар, хурустаал арааһынан, самовар, иһит, ложка набора бэлэх туппуттарын үөрэ кэпсииллэр.

Күндү түүлээххэ үлэлиир олус эппиэтинэстээҕэ. Саһыл аһын буһарааччы поварынан үлэлээбит Екатерина Николаевна Винокурова, эмиэ бу түөлбэ олохтооҕо этэ.

Нерюнгриттэн, Беркакиттан тиийэ саһыл аһын тиэйэллэрэ. Араас балык арааһын, бараан иһигэр тиийэ, халбаһыы, бочкалаах комбежир, ынах иһэ, араас сүөһү тобоҕо барыта кэлэрэ. Күүстээх мясорубканан илдьи эрийтэрэллэрэ.

Мария Гаврильевна күндү түүлээҕи көрөн-истэн 28 сыл толору үлэлээбит. Галина Иннокентьевна бастыҥ үлэтинэн босхо бырайыаһынан иккитэ Москубаҕа баран сынньанан, күүлэйдээн кэлбит. Варвара Семёновна эмиэ Улуукан Арассыыйабыт тэбэр сүрэҕин Москубаны, илэ хараҕынан көрөр дьолго тиксибит. Ытыктанар дьоммут үһүөн нэһилиэк Бочуоттаах олохтоохторо, үлэ бэтэрээннэрэ, араас элбэх ааттаах ийэлэр уонна эбээлэр.

1994 сылтан бараллаан, Табалаах совхоһугар саһыл иитэр ферма сабыллыбыт. Үлэлээбит, элбэх дьоннуун алтыспыт фермалара ыһыллан урусхалланан турарыттан сонньуйаллар эрэ.

Үлэ киһитэ сайдар, санаалыын сырдыыр. Ыччаттарбыт идэ ылан дойдуларыгар тардыһан үлэлииллэрэ буоллар, эдэр да кырдьаҕас да өттө сэргэхсийэ түһүө этэ диэн баҕа санааларынан уонна ытык дьоммутугар доруобуйаны, бары үтүөнү баҕаран туран түмүктүүбүн.

 «Эрэл» түөлбэ салайааччыта Клавдия Эверстова

Читайте дальше