Остуолба сирин Улахан сыһыытыгар күһүҥҥү от күрэхтэрэ бэрт тэрээһиннээхтик ыытылыннылар. Екатерина Алексеевна Портнягина салайааччылаах ТХПК «Полюс Холода» быйылгы дьылга 3 Күүлэйи үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытта. Балаҕан ыйын 2 уонна 3 куннэригэр ыытыллыбыт Күүлэйгэ барыта 6 хамаанда сайаапка биэрбититтэн 4 хамаанда кэлэн кыттыыны ылла.

Ол курдук Остуолбаттан, Адыаччы нэьилиэгин Алыһардааҕыттан   2 хамаанда уонна Верхоянскай куораттан биир хамаанда кытыннылар.

Икки куннээх тыҥааһыннаах киирсии тумугүнэн кыайыылаахтар ааттаннылар:

1-кы миэстэни Остуолба хамаандата 4,34 га сири охсон, харбаан 100 тыһыынча солкуобай харчынан бириэмийэлэннэ (хамаанда хапытаана Алексей Слепцов).

2-с  миэстэни Алыһардаах бастакы нүөмэрдээх хамаандата  3,32 га сири охсон, харбаан 80 тыһыынча солкуобай харчынан бириэмийэлэннэ (хамаанда хапытаана Зоя Потапова).

3-с миэстэни Алыһардаах иккис хамаандата 3,26 га сири охсон, харбаан 50 тыһыынча солкуобай харчынан наҕараадаланна (хамаанда хапытаана Владимир Слепццов).

Уонна,  4 миэстэни Верхоянскай куорат хамаандата 2.91 га сири охсон, харбаан 20 тыһыынча солкуобай харчынан наҕараадаланна (хамаанда хапытаана Герман Графов).

Маны таһынан бастыҥ отчуттары анал ааттарынан бэлиэтэннилэр. Ол курдук, Остуолба хамаандатын хапытаана Алексей Степанович Слепцов «Бастыҥ охсооччу» анал ааты ылан 10 тыһыынча солкуобай харчынан, эмиэ  Остуолбаттан «Бастын харбааччы» аатын ылан  Владимир Харитонов эмиэ 10 тыһыынча харчынан наҕараадаланнылар.

Оттон  биирдиилээн киирсиигэ Остуолбаттан Иван Стручков уонна оскуола үөрэнээччитэ Владимир Слепцов  гааттан ордук сири охсон, харбаан харчынан бириэмийэлэннилэр.

Күрэх икки күнүн тухары отчуттары тотоойу аһынан аһаппыт асчыттарга Дария Стручковаҕа, Анна Ефимоваҕа уонна Лена Богомоловаҕа тэрийээччилэр, отчуттар истиҥ тыллардаах барҕа махталларын эттилэр. Куйаар ситимин киэҥ араҥатыгар көстөр, рекламаланар минньигэс астар отчут сандалытыгар тэлгэннилэр.

Екатерина Портнягина:

«Алыһардаах хамаандаларын иилээн салайан аҕалбыт ОАО «Якутскгосопторг» Филиалын дириэктэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит. Ону тэнэ икки күн устата кэлэн көх-нам буолбут ытыктабыллаах бэтэрээммитигэр Христина  Петровна Старостинаҕа улаханнык махтанабыт. 88 саастаах киһи дьону-киһини көҕүлээн,  кэлэн сирбитин-уоппутун аһатан, алҕаан, күүс-уох уган, санаабытын кынаттаата. Улуус ытык киһитигэр Христина Петровнаҕа махтанан туран «Алгыс» ТХПК аатыттан 2023 сыллаах оҕус торбос бэлэхтээтибит.   Бу 3 Күүлэйгэ уопсайа 15 га сир охсулунна уонна харбанна. Быйыл от хойуутук үүммүт диэн бары да астыннылар. Онон,  кэлэн кыттыбыт, көмөлөспүт бары отчуттарга улахан махталбытын тиэрдэбит, кэлэр сылга кэлэн кыттаарыҥ диэн күүтэбит. Үрүҥ ас өллөгөйүнэн аһатар хороҕор муостаахтарбыт уһун тымныы кыһыннары этэҥҥэ туоруулларыгар улаханнык көмөлөстүгүт. Тыа дьонугар кытаанах доруобуйаны, өссө да сүөһүгүт элбии хаҥыы турдун. Ол инниттэн күүстээх үлэни, ситиһиини, табыллыыны, тулууру, дьулууру, дьолу багарабыт!».

«Биһиги бу кыайыыларбытын буолаары турар быыбардарга аныыбыт. Ол курдук быйылгы сыл Үлэ киһитигэр анаммытынан сибээстээн үлэнэн, үлэҕэ ситиһиинэн биһиги Ил Дархаммытын Айсен Сергеевиһы өйөөн, кини тула тулхадыйбаттык түмсэн туран элбэх куолаһы биэриэххэйиҥ, киниэхэ өссө итэҕэл, кыах, эрэл биэрэн инники олохпут уонна өрөспүүбүлүкэбит инники сайдыытын туһугар бары биир киһи курдук куоластыаҕыҥ! Уонна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Судаарыстыбаннай муннньаҕын Ил Тумэн дьокутааттарыгар хандьыдааттары Хоту дойду уолаттарын, Аартыка интэриэһин көмүскүөхтэрэ диэн эрэнэн туран Виталий Чикачеву уонна бэйэбит уолбутун Сергей Сивцевы өйүөххэйиҥ  диэн ыҥырабын».

Быйыл от өлгөмнүк үүнэн ынах, сылгы хаһаайыстыбалаахтар кыстыгы туоруулларыгар эрэл улаатта диэххэ сөп. Улуус тыатын хаһаайыстыбата сайдыытыгар сылын ахсын ыытыллар маннык күргүөмнээх күрэхтэр тэриллэллэрэ ыччаты сомоҕолоһууга, төрөөбүт дойдуну таптыырга сирдиир. Екатерина Алексеевна Портнягина курдук чахчы да барыга барытыгар актыыбынай позициялаах, инникигэ дьулуурдаах, дьүккүөрдээхтик үлэлиир киһилээх буоламмыт маннык күүлэйдэр, күрэхтэр тэриллэллэр, улуус үрүҥ аһынан хааччыллар.

Боотто АСХААРАП

Читайте дальше