«Красота спасет мир» оройуоннааҕы бэстибээл кыттыылаахтарын тус санаалара

Кулун тутар 21 күнүгэр Табалаахха ситиһиилээхтик буолан ааспыт «Красота спасет мир» оройуоннааҕы бэстибээл кыттыылаахтарын тус санаалара, этиилэрэ, иһитиннэриилэрэ.

Светлана Павлова, «Остуолба нэһилиэгэ» МТ дьаһалтатын баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга исписэлииһэ:

Улуус дьахталларын «Красота спасет мир» бэстибээлигэр Остуолбаттан 9 киһилээх дэлэгээссийэ баран кытынныбыт. Бэстибээл ыыппыт бары түһүлгэтигэр кытынныбыт. Улуустааҕы дьахтар саҥа Сэбиэтин актыыбын талыыга уонна кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ыллыбыт.  Ону таһынан, дьахтар түмсүүлэрин ыытар үлэтин презентационнай былаһааккатыгар, «Книжки в радость детям» благотворительнай аахсыйаҕа кыттан Табалаах бибилэтиэкэтин буондатын хаҥатарыгар кинигэлэри бэлэх ууннубут. Маннык аахсыйа нэһилиэк ахсын элбэхтик ыытыллыан сөптөөх. Уонна көрдөөх эстафетаҕа көхтөөхтүк кыттан бочуоттаах үһүс миэстэни ыллыбыт. «Блюдо Арктической кухни в современном мире» кулинарнай маастарыстыба күрэҕэр барыта бэйэбитигэр баар быйаҥмытын – Остуолба убаһатыттан, балыгыттан, отонуттан, үүт аһыттан эҥин элбэҕи астаан аҕалбыппыт. Тоҥ астарбыт, десертпыт, утахтарбыт үчүгэйдэр. Холобур, сыырдаах тэриэлкэҕэ мунду; фаршированнай ириистээх, оҕуруот астаах сордоҥ; клярга мунду; оҕурсуулаах, сыырдаах, иэдьэгэйдээх, туустаах бил балыктан тарталетка. Эттэн араас элбэх бүлүүдэ – хортуоскалаах кус, чыыбааҕы этиттэн бүлүүдэ. Десерткэ — палочкаҕа бисквиттээх пирожнай, кейк-попсы уо.д.а. Дьааҥыбыт сыалыһарыттан бүлүүдэ.

Оттон саха киһитэ былыр-былыргыттан сөбүлүүр аһа – тоҥ убаһа быара, сыата, чыыр, таба суорахата уо.д.а. тэлгэһэ уурдубут, амсайалларыгар күндүлээтибит. Аныгы саха дьахталлара аһы эгэлгэлээн астыыллар, менюлара араас, баһаам.

Дьүүллүүр хамыыһыйа дьүүллээһининэн күрэх 1-кы Үрдэлин хаһаайыннара буоллубут.

Биһиги нэһилиэкпитигэр биир дьахтар сүбэтигэр «Айылгы» эдэр ийэлэр, «Хотууна» аҕам саастаах ийэлэр, ол иһигэр иистэнньэҥнэр, үҥкүү, спорт, ырыа бөлөхтөрө киирэллэр. Быйыл эдэр ийэлэри кытыннардыбыт, көрөн уопут ыллыннар, саҥара үөрэнниннэр диэн. Бэстибээл тэрээһинэ ураты, аныгылыы форматынан ыытыллыыта сонун көстүү буолла.

Наталья Климовская, Элгэс орто оскуолатыгар нуучча тылын учуутала:

Ханнык да кэмнэргэ, Дойдуга билиҥни буола да турар балаһыанньанан дьахтар сомоҕолоһуута улахан. Дьахтар барыны барытын моһуоннуур, түстүүр, сомоҕолуур күүс буоларын быһыытынан улууска дьахтар бастакы бэстибээлэ киэҥ тэрээһиннээхтик, үрдүк таһымнаахтык ааста, киэҥ бырагырааманан ыытылынна. Элбэх нэһилиэктэн дьон кэлэн көхтөөхтүк кытынна. Араас хайысхалаах, ол иһигэр сокуон, дьарыктаах буолуу, оҕо иитиитэ, дьиэ-кэргэн, олоххо дьахтар оруола, түмсүүлэр үлэлэрэ диэн тиэмэнэн былаһааккалар ыытылыннылар, маастар-кылаастар үлэлээтилэр. Уонна Дьааҥы уран тарбахтаахтарын үлэлэрин көрдөрөр олус үчүгэй быыстапка тэриллибит. Саха дьахтара барыны барытын сатыыра бу да сырыыга көһүннэ. Аны туран, туох да дэлэгэй ас арааһа тардыллыбыт. Бу барыта аныгылыы, эрэстэрээн таһымынан оҥоһуллан улахан кэрэхсэбили ылла, көрөргө наһаа үчүгэй. Биһиги Элгэстэн аҕам саастаах ийэлэр, эбээлэр «Ситим» түмсүүбүтүттэн 11 Далбар Хотун саха таҥаһын тиктиини, күннээҕи олоххо кэтиини көҕүлүүр сыаллаах кэлэн кытынныбыт.  Манна даҕатан эттэххэ, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарын маастара, күннээҕи олоххо кэтиллэр саха таҥаһын тигиигэ дьарыктыыр, үөрэтэр биллиилээх маастар Дария Козлова 2021 сыллаахха манна – Дьааҥыга кэлэн нэһилиэктэринэн сылдьан саха таҥаһын тигиигэ маастар-кылаастары ыыппыта, сахалыы оноолоох, мааны, кытыылаах соннор выкройкаларын биэрэн барбыта. Ол выкройканан туһанаммын, 2021 сылтан саҕалаан, уопсайа сэттэ саха сон толору кэмпилиэгин, түөрт дьабаканы тиктим. Саха таҥаһа үөһээ өттө Айыылары кытта ситимниир суолталаах. Саха таҥаһын уратыта быһыытыгар-таhаатыгар, ойуутугар-дьарҕаатыгар, харысхалыгар тиийэ олус дириҥ суолталаах. Үрүҥ көмүстэн, мельхиортан да киэргэллэри иилинии харысхал буолар, тыаһаан-ууһаан киирэрэ куһаҕантан харыстыыр, ол былыр-былыргыттан кэлбит үгэс эбит. Дария Семеновна иис бөлөҕөр киллэрэн, кэтэхтэн үһүс сылбын киниэхэ дьарыктанабын. Баҕалаах дьоҥҥо тигэбин, кэмпилиэккэ соно, дьабаката, уостаах үтүлүгэ, хаттык таҥастара, түүнү, тириини аттарыыта барыта киирэр.

Маннык тэрээһиннэргэ элбэҕи, кэрэни, туһалааҕы, кэскиллээҕи көрөн-истэн киһи элбэххэ үөрэнэр, арыллар.

Любовь Горохова, «Адыаччы нэhилиэгэ» МТ олохтоох библэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ:

Биһиги Адыаччыттан бу бэстибээлгэ актыбыыс дьахталлар — үөрэҕирии тэрилтэтиттэн, олохтоох дьаһалтаттан, култуура үлэһиттэрэ, эдэр ийэлэр, уопсайа 16 киһи, улууска бастакытын ыытыллар дьахтар бэстибээлигэр дэлэгээссийэ буолан кэлэн кытынныбыт. Тэрээһин саҕаланыаҕыттан барыта сүрдээх үчүгэйдик, сонуннук ыытылынна. Табалаахтар олус үчүгэйдик көрүстүлэр. Былаһааккаларынан үлэлэр сэргэхтик, ыытылыннылар. Маны таһынан, бибилэтиэкэҕэ 30 сыл үлэлээбит киһи буоларым быһыытынан саамай сэҥээрбитим диэн, «Табалаах нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыга Анна Рожина көҕүлээһининэн «Книжки в радость детям» диэн оройуоҥҥа бастакытын үтүө санаа аахсыйата тэрилиннэ. Бэстибээлгэ кэлбит хас биирдии ыалдьыт, муниципальнай тэриллии актыбыыс дьахталлара оҕолорго – дьиэ-кэргэнинэн ааҕарга анаан кинигэлэри Табалаах олохтоох модельнай бибилэтиэкэтигэр туттардылар. Биһиги уопсайа 15 киһи бу аахсыйаҕа кыттыһаммыт саха классик суруйааччылара сиэннэригэр анаан кэпсээбит кэпсээннэриттэн саҕалаан билиҥҥи Майнкрафт (Minecraft) диэн аныгы оҕо сүрдээх сэҥээрэн оонньуур оонньуутун, остуол оонньууларыгар тиийэ хомуйаммыт бэлэх быһыытынан туттардыбыт. Уонна бэйэбит суруйааччыларбыт ааҕыы уонна кинигэ туһунан этиилэрин кэлбит ыалдьыттар иннилэригэр иһитиннэрбиппитин сэҥээрдилэр, ытыс тыаһа бөҕө буолла. Бу олус суолталаах аахсыйа салҕанарыгар эрэннибит.

Билиҥҥи кэмҥэ саамай сытыытык турар — «ааҕыы хаалла» диир үйэлэригэр сүрдээх үчүгэй аахсыйа тэриллибитигэр махтанабын. Бу аахсыйа улуус улахан тэрээһиннэригэр ити курдук салгыы ыытыллара, ааҕыыга аналлаах секциялардаах буоллаҕына, ону таһынан көҕүлээһин өрөспүүбүлэкэҕэ тарҕанара буоллар олох үчүгэй буолуо этэ дии саныыбын. Көмпүүтэр уонна гаджет үйэтигэр ааҕыы үйэлэргэ сүппэт өйдөбүл буолуохтаах.

Биһиги олохтоох бибилэтиэкэбитигэр дьон бэйэлэрин ис санааларыттан, этиппэкэ, саамай күндү кинигэлэрин бэлэх ууналлар, ол анал тэтэрээккэ суруллан иһэр уонна сыл аайы нэһилиэнньэҕэ отчуоттаан иһэбит.

Бэстибээл биир мааны былаһааккатыгар — «Дьахтар сатаабатаҕа суох» быыстапкаҕа Адыаччыбыт иистэнньэҥ, иис-уус дьахталлара — Лена Анисимова, Лена Цыпандина, Инга Цыпандина, Виктория Архипова үлэлэрэ быыстапкаланнылар. Кинилэр илиинэн оҥоһуктарын, иистэрин көрөн киһи эрэ иистэниэх санаата көҕүйэр, чахчы киһи хараҕын үөрдэр, үчүгэй оҥоһуктар турдулар. Биһиэхэ 2023 сыл бүтүүтэ тэриллибит эбээлэр «Алгыс» түмсүүлэрэ нэhилиэккэ ыытыллар туох баар улууhунан, өрөспүүбүлүкэ мастааптаах тэрээhиннэргэ барытыгар кытталлар, инники күөҥҥэ сылдьаллара нэһилиэккэ сэргэхсийиини таhаарда.

Түмүккэ, Табалаахха бу ыытыллыбыт улуус дьахталларын бэстибээлигэр, саастарынан арааран көрөр эбит буоллахха, көлүөнэнэн дэлэгээссийэлэр кэллилэр. Улууска дьахтар хамсааһына хайдах үлэлиирин көрөн эдэр ийэлэр, кыргыттар улахан уопут ылаллар дии саныыбын. Инникитин маннык хамсааһын улууска улахан суолтаны биэриэ диэн эрэнэбин.

2015 с. улууска «Сыл бастыҥ Киһитэ» аат хаhаайката, 2016 с. СӨ бастыҥ бибилэтиэкэтэ, 2019 с. «СӨ култууратын туйгуна», «СӨ бастыҥ бибилэтиэкэрэ», 2023 с. Адыаччы нэһилиэгин «Сыл бастыҥ Киһитэ» аат хаhаайката Любовь Контваровна Горохова кинигэ суолтата улаханын, «Книжки в радость детям» аахсыйа кэскиллээҕин туһунан санаатын үллэһиннэ. Саха таҥаһа норуот үгэһин салгыыр суолун тута сылдьар Элгэс мааны кийиитэ Наталья Афанасьевна Климовская, «Ситим» эбээлэр бөлөхтөрө саха таҥаһын таҥныыны көҕүлээһиннэрэ билиҥҥи саҥа үйэ кэмигэр Дьааҥыга дьоһун көстүү буолла.

«Красота спасет мир» дьахтар бэстибээлэ улуус бастыҥтан бастыҥ, туйгун үлэһит, актыбыыс дьахталларын түмпүтэ сарсыҥҥы күҥҥэ дьоһун хардыылары түстүүр кыаҕы арыйда.

Боотто АСХААРАП

Читайте дальше