Эрхаан Слепцов ийэтин дойдутугар Дьааҥы Табалааҕар сайылыырын олус күндүтүк саныыр. Уол улаатан, билигин режиссер идэтин баһылыыр санаалаах, киинэҕэ оруоллара да ботуччу. Соторутааҕыта күөх экраҥҥа тахсыбыт режиссер Дмитрий Давыдов “Чума” киинэтигэр сүрүн оруолу толорбута. “Чума” норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлгэ Фипресси үрдүкү наҕарааданы ылан, аан дойдуга, күөх экраҥҥа тахсыан инниттэн, сураҕырбыта.
Бүгүҥҥү нүөмэргэ ааҕааччыларбытыгар киинэ артыыһа Эрхаан Слепцовтуун кэпсэтиибитин билиһиннэрэбит.
– Бастатан туран, Дьааҥыҥ дьонугар-сэргэтигэр бэйэҕин билиһиннэрэ таарыйа, дьиэ кэргэниҥ туһунан саҕалыахха.
– Миэхэ саамай күүстээх өйөбүлүм — төрөппүттэрим буолаллар. Аҕам, Константин Слепцов, Саккырыыртан төрүттээх, булдунан, тутуунан дьарыктанар тэрилтэлээх, Дьааҥыга былыр биллибит Ырыа Мэхээлэ сыдьаана буолар. Ийэм Анна Слепцова (уруккута Потапова) Дьааҥы улууһун Табалаах нэһилиэгиттэн төрүттээх. Табалаахха кыра эрдэхпиттэн элбэхтик эбээбэр сайылаан, сынньанан ааспытым. Эбээм Зоя Иннокентьевна Потапова, СӨ Култууратын туйгуна, үйэтин тухары үҥкүү кэрэ эйгэтигэр оҕолору, ыччаты, аҕам саастаахтары үөрэтиигэ анаабыта. Ийэм да, аҕам да өттүнэн, үгүс талааннаахтар дойдулара — Дьааҥыттан силис тардыылаахпын.
– Мин билэрбинэн, киинэ эйгэтигэр саҥа саҕалааччы буолбатаххын, кыра сааскыттан уһуллаҕын.
– 12 саастаахпар аан бастакытын уһуллубут киинэм — «Кэрэни көрбүт» («Не хороните меня без Ивана»), режиссер Любовь Борисова. Манна маһы сүгэ сылдьар аргыс уолчааны оонньообутум. Улахан масштабтаах киинэҕэ кыттан ааспыппыттан үөрэбин.
– Киинэ эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний, туохтан саҕаламмытай?
– Биһиги дьиэ кэргэн Эбээн-Бытантай улууһун Саккырыыр нэһилиэгиттэн 2018 с. куоракка көспүппүт. Бэһис кылааска үөрэнэрбэр эбит. Нөҥүө сылыгар Саха академическай театрын иһинэн «Күн оҕолоро» актерскай устуудьуйа баарын истибиппит. Бастаан миэстэ суох диэн аккаастаабыттара, онтон устуудьуйа салайааччыта, Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены бүтэрбит, Саха тыйаатырын артыыската Нюргуяна Шадрина ыҥырбыта, онно тугу сатыырбын көрдөрбүтүм, ол кэннэ ылабыт диэн буолбута.
Устуудьуйаҕа дьарыктанар оҕолор испэктээктэргэ оонньуур этибит, актерскай искусство араас хайысхатыгар бэлэмнииллэрэ. Бу сылдьан Нюргуяна Николаевна уолаттары барыбытын «Сахафильм» уораҕайыгар «Там, где танцуют стерхи» киинэ кастиныгар илдьибитэ. Онно аҕыйах уол талыллан, тута Аммаҕа айаннаабыппыт. Тиийээт икки нэдиэлэлээх актерскай маастарыстыба лааҕырыгар бэлэмнэнэн, өссө төгүл кастинг ааһан, сүрүн оруолларга тиксибиппит. Онон, бу сылга премьераламмыт, киэҥник ньиргийбит, режиссер Михаил Лукачевский «Кыталыктаах кырдалым» киинэтигэр ыал улахан оҕотун Валераны оонньообутум. Киинэбит киэҥ эйгэҕэ тахсарын 4 сыл күүппүппүт. Киинэлэр үлдьү тахсан испэттэр, олус күүтүүлээх буолаллар.
– Дьэ, аны аан дойдуга иһиллибит, улахан бэстибээлтэн наҕараадалаах, соторутааҕыта күөх экраҥҥа тахсыбыт «Чума» киинэҕэ киириэххэ. Манна эн сүрүн оруолу толордун. Уһулларгар туох интэриэһинэй түгэни кэпсиэххин сөбүй?
– «Чума» киинэ уһуллубута 2 сыл буолан баран, киэҥ эйгэҕэ таҕыста. Талааннаах режиссер Дмитрий Давыдов арай биир күн «пробаҕа кэлэн кытын» диэн төлөпүөннээн ыҥырбыта. Онно наһаа үөрбүтүм. Арааһа, хайа баҕар киинэ артыыһыгар саамай дьоллоох түгэн буолуо — убаастанар режиссер бэйэтинэн киинэҕэ ыҥырара. Тута холонон, сүрүн оруолга тиксибитим. Аммаҕа биир ый кэриҥэ уһуллубуппут. Ол быыһыгар ыалдьан Амма балыыһатыгар укуолланан, эмтэнэн тахсыбытым. Олус тымныы күһүҥҥү ый этэ. Идэтийбит киинэҕэ устар хамаандаҕа уһуллар диэн дьол. Төһө да оонньуур сыаналарбыт ыарахаттарын иһин, съемка күннэрэ бэрт сэргэхтик ааспыттара. Бу кэннэ режиссер Михаил Лукачевскай «Триумф» киинэҕэ ыҥыран, Егор Пудов диэн спортсмен оҕо сааһын оонньоон ааспытым. Тренер Коркин уонна кини үөрэнээччилэрин тустарынан киинэ Чурапчыга уһуллубута.
– Киинэҕэ уһуллар диэн хайдаҕый, эн санааҕар? Ыарахан дуо?
– Киинэҕэ уһуллар, биллэн туран, чэпчэкитэ суох. Турукка киирии олус уустук түгэннэрэ бааллар. Харах уута кэлиэхтээх кэмигэр кэлбэккэ, уһуннук турукка киирии — съемка бириэмэтин уһатыан сөп. Эбэтэр тымныы күҥҥэ-дьылга чараас футболкалаах эрэ таһырдьа туран, араас туругу көрдөрөргөр, тоҥмутун мэһэйдиэн сөп. Мин сарсын ханнык сыана буолуохтааҕын эрдэттэн билэн, сарсыардаттан бэйэбин бары өттүнэн бэлэмниибин. Ол турукка сөптөөх музыка наһаа көмөлөһөр, наушникпын холбоон ырыа истэбин.
– Инники былааныҥ? Арааһа, өссө саҥа интэриэһинэй оруоллары күүтэр буолуохтаахпыт.
– Быйылгы сыл киинэ эйгэтигэр үгүс ситиһиилээх сылым буолла. Үс оонньообут киинэм күөх экраҥҥа тахсыбыт эбит буоллахтарына, өссө эбии 3 киинэҕэ уһулуннум. Семен Ермолаев «Сибэкки бэлэхтээри» диэн пьесатынан Василий Слепцов режиссердаах киинэҕэ сүрүн дьоруой Оҕо эрдэҕинээҕитин оонньообутум уонна үгүс биһирэбили ылбыт “Хапсыһыы” киинэ режиссера Никандр Федоровка сүрүн оруолга эдэр ойуун уолун оонньуубун. Бу киинэ жанра постапокалипсис. Саха киинэтигэр ураты жанр. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Наахара диэн дириҥ устуоруйалаах нэһилиэк былыргы сиригэр-уотугар буолан ааспыта. Сиэри-туому толорон баран биирдэ уһуллан саҕалаабыппыт. Миэхэ ийэм харысхал анаабыта, ону илдьэ сылдьыбытым. Билигин Дьулусхан Андросов диэн эдэр режиссер «Айхал» диэн рабочай ааттаах киинэтигэр уһулла сылдьабын, 2000 сыллардааҕы арахсыылар тустарынан, мин санаатахпына, “Слово пацана” диэн киинэҕэ маарыннатыахха сөп. Бу киинэҕэ сүрүн оруолу толоробун, ол иһин колледжпыттан үс нэдиэлэҕэ көҥүллэтэн сылдьабын. Быйыл режиссер буолар баҕабын толорор сыалтан култуура колледжыгар актерскай-режиссерскай маастарыстыба идэтигэр туттарсан киирдим. Хас да сыл буолан баран саҥа арыйдылар, биһиги бөлөхпүт этнохайысхалаах буолар. Бүтэрдэхпинэ салгыы режиссер идэтин баһылыы үрдүк үөрэх кыһатыгар, Москва эбэтэр Питер диэки үөрэнэр баҕалаахпын.
– Киинэ таһынан тугунан дьарыктанаргын сөбүлүүгүнүй?
– Былырыҥҥыга диэри боксанан дьарыктанар этим, билигин колледжка үөрэнэр уонна киинэҕэ уһуллар буолан, бириэмэм тиийбэккэ тохтотон турабын. Пиньята диэн аныгылыы оонньууну оҥорор өҥөлөөхпүн, дьоҕус да буоллар үлэлиир. Аҕабын кытта Саккырыырга тахсан, айылҕаҕа сылдьарбын, бултуурбун, балыктыырбын сөбүлүүбүн. Кыра сааспыттан эбээлээх эһээбин батыһан тыаҕа куруук сылдьан улааппытым.
Итини сэргэ тыйаатырга сылдьарбын сөбүлүүбүн. 10 сааспыттан Саха тыйаатырын испэктээктэрин үгүстүк көрөбүн. Соҕотох да сылдьарбыттан кыбыстыбат этим. Оонньуур артыыстар толорор маастарыстыбаларын, элбэх да тиэкиһи үөрэтэллэр эбит диэн сөҕөрүм. Саха тыйаатырын иһинэн оҕо устуудьуйатыттан куорсун анньынан киинэ эйгэтигэр үктэммитим. Онон сөбүлүүр, ис дууһабынан ылынар эйгэбэр сайдан-үүнэн иһэрбиттэн дьоллоохпун.
– Эрхаан, санаабытыҥ сатанан истин, өссө үрдүк үрдэллэри дабайан ис диэн баҕарабыт!
Надежда Горохова