«Көдөй» сирэ – Боруулаах нэһилиэгин үгүс дьоно-сэргэтэ үлэҕэ үөрэммит, дьоллоох оҕо саастара ааспыт, күндүтүк саныыр, киһи кута-сүрэ тохтуур айылҕа биир маанылаах дойдута.
Оҕо дьарыктаах буолуутугар үлэнэн иитии бэлиитикэтэ биһиги оскуолабытыгар тэрээһиннээхтик ыытылла турар. Саас-күһүн манна иитэр-үөрэтэр үлэ тиһигин быспакка барар. Ол курдук, айылҕаны кэтээн көрөллөр-үөрэтэллэр, араас хайысхалаах кылгас болдьохтоох төрүт дьарыктар ыытыллаллар. Уол оҕолор учууталларын кытта тэҥҥэ сылдьан күрүө тутуутугар-өрөмүөнүгэр, ходуһаны нүөлсүтэр үлэҕэ кыттыһаллар.
Уурбут-туппут курдук аныгылыы оҥоһуулаах олорор дьиэлэр, киэҥ улахан остолобуой, хаһаайыстыбаҕа аналлаах тутуулар, ыраас уулаах таас үрүйэ чахчы да оҕо үлэлииригэр-сынньанарыгар, үүнэригэр-сайдарыгар табыгастаахтар. Дьону кытта алтыһан күргүөмнээх уопсай үлэҕэ такайыллыбыт оҕо хаһан баҕарар олоххо күүстээх тардыһыылаах, үлэҕэ көхтөөх буолар. Оскуолабытыгар «Сатабыл» бырагырааманан оҕону иитиигэ үлэ лааҕырдара, биригээдэлэрэ тиһигин быспаккка үлэлииллэр.
Номнуо от ыйа түмүктэннэ, ходуһаҕа от үлэтин үгэнэ салҕанар. «Көдөй» үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар 6 үлэһит уонна 20 оҕо үлэлиир. Быйылгы сезоҥҥа 40-ча га сиргэ от охсон-мунньан кээһэр былааннаахтар. Бүгүҥҥү күн туругунан 8 кээһиилээх от турбут. Быйыл отчуттар хотуурдарын ааспыт сыллааҕар эрдэ түһэрбиттэрэ. «Чиргэл» спортивнай лааҕырын базатыттан салгыы от ыйын 10 күнуттэн үлэ саҕаламмыта. Лааҕыр начаалынньыгынан оҕо сынньалаҥын-үлэтин тэрийиигэ, салайыыга уопуттаах, Боруулаах орто оскуолатын физкультураҕа учуутала Илья Николаевич Попов, иитээччинэн дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Надежда Андреевна Слепцова үлэлииллэр. Минньигэс, тотоойу аһылыгынан повар Галина Васильевна Горохова күндүлүүр.
Оҕолорбут үгүстэрэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ыччаттара, хамнас аахсан дьонноругар улахан төһүү буолаллар, итиэннэ оскуола хаһаайыстыбатыгар оттоон бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр. Лааҕырга үгүстэрэ хаһыс да сылларын сөбүлээн сылдьаллар. Олортон 11 кылаас үорэнээччитэ Мирослав Поповтан, 10 кылаас уөрэнээччитэ Дарина Юмшановаттан лааҕыр туһунан санааларын этэллэригэр көрдөстүм:
«Лааҕырга быйыл 6-с уонна 3 сылбытын сылдьабыт. Үлэбит эрэсиимэ диэн биһиги күн аайы сарсыарда 10 чаастан киэһэ 5 чааска диэри үлэлиибит. Күнүс 2 чаас эбиэттээн сынньанан ылабыт. От үлэтин араас көрүҥнэринэн арахсан үлэлиибит, бары даҕаны олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһабыт. Кээһиилээх оппут күннэтэ элбээн, барыбыт үлэбит түмүгэ көстөрүттэн үөрэбит. Манна күҥҥэ 5-тэ аһыыбыт. Үлэ чааһын кэнниттэн биһиги иитээччилэрбит араас тэрээһиннэри ыыталлар, онно көхтөөх кыттыыны ылабыт. Лааҕырга сылдьарбытын олус сөбүлүүбүт», – диэн кэпсээтилэр.
Салгыы 8 кылаас үөрэнээччилэрэ Света Прудецкая, Ира Титова, Настя Ибрахимова кэпсээннэрэ:
«Биһиги үс дьүөгэлиилэр тутуспутунан бастакы сылбыт, от үлэтигэр саҥа үөрэннибит. Сарсыарда эрдэ турарбытын маҥнай ыарырҕатар этибит, ол эрэн кэлин үөрэннибит. Айылҕаҕа олорон доҕотторбутун кытта үөрэ-көтө үлэлиир олус үчүгэй. Аһылыкпыт наһаа тотоойу, минньигэс. Бэйэбитигэр элбэх саҥаны арыйдыбыт, сайынныбыт, манна сылдьан кэллэктиип көхтөөх үлэтигэр, бириэмэни таба туһанарга үөрэннибит. Уонна биир саамай астыга – бүтэрбит үлэҥ түмүгүн көрөр. Үлэ кэнниттэн бары түмсэн оонньуубут, күрэхтэһэбит, сэлэһэбит.
Үлэлээбит хамнаспытын туһалаахтык туттуохпут, төрөппүттэрбитигэр көмөлөһөн саҥа үөрэх дьылыгар тэринэрбитигэр туһа буолуо» – дэстилэр дьүөгэлиилэр.
Сайыҥҥы куйаас күн ходуһаҕа тыраахтар бирилиир, охсооччулар мотуордарын тыаһа куугунуур, харбааччылар хойуу оту мунньан тэппэ бөҕөтүн кэккэлэтэллэр. Кээһиигэ сылдьааччылар эрчимнээхтик хамсанан бугуллары чөмөхтүүллэр. Бу курдук Көдөйгө үлэ күөстүү оргуйар. Лааҕырбыт үлэтэ үтүө түмүктээх буолуоҕар эрэнэбит. Кэбиһиилээх оту кэккэлэтэр, үлүскэннээх үлэҕэ кыттыһар, куйааска итиигэ буһар-хатар оҕолорго уруй-айхал буолуохтун!
Отчуттарга күүрээннээх үлэни, үрдүк көрдөрүүнү, кыайыыны-хотууну баҕарабыт.
Анастасия Юмшанова