Табалаах нэhилиэгин социальнай харалта тэрилтэтин үлэhиттэрэ бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэригэр Александр Егорович Слепцовка ыалдьыттаатылар. Бу бэлиэ күҥҥэ, түгэнинэн түбэhиннэрэн, улахан дьиэ кэргэн күн күбэй ийэтин Сардана Васильевнаны Арассыыйа ийэлэрин күнүнэн эҕэрдэлээтилэр. Уонна Слепцовтар дьиэ-кэргэн уолахан уолун, эhээтин аатынан ааттаммыт Егор Александрович Анал байыаннай дьайыыттан уоппускаҕа кэлбитин көрүстүлэр.

«Егор Украинаҕа буола турар ыар балаhыанньа саҕаланыаҕыттан Ийэ дойдутун иннигэр ытык иэhин толорон Анал байыаннай дьайыыга биир бастакынан хантараагынан барбыта. Буойун боотур уоппускатыгар бу иккис кэлиитэ. Сэрии уоттаах толоонугар хорсун быhыыларын иhин «За Отвагу», «За боевые заслуги» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕар «За Мужество» мэтээл бу барыытыгар туттарыллыахтаах.

Дьааҥы уола төрөөбүт дойдутун, ийэлээх аҕатын, бар дьонун туhугар, ыраас халлаан анныгар дьоллоох олох тохтообокко чэчирии сайдарын туhугар Ийэ дойдутун халыҥ хаххата буолан кыайыы көтөллөөх эргиллэригэр эрэнэбит», – диэн сырдатта АНО «Дьүөгэ» тэрилтэтин салайааччыта Клавдия Христофоровна Попова. Уонна буойун аҕаьыгар, сүүрбэттэн тахса сыл социальнай харалтаҕа кыhамньылаахтык үлэлии сылдьар кэллиэгэтигэр, Сыhыы Мэйииттэн тардыылаах биир дойдулааҕар Александр Егоровичка сэмэй бэлэҕин туттарда, «Александр чахчы да үтүө хаhаайын, дьиҥнээх Аҕа, дьиэ кэргэн халыҥ хаххата, суон дурдата. Аныгы үйэҕэ адьас тарбахха баттанар аҕа, ыччакка үтүө холобур буолар киhи», – диэн киэн тутта кэпсиир.

Табалаах нэhилиэгин элбэх оҕолоох ытык ыала – Слепцовтар дьиэ кэргэннэрэ ииттэр сүөhүлэриттэн үhэ ынах сүөhү. Оҕолоро кыра саастарыттан тыа сирин үлэтигэр сыстаҕастар – сайынын оттууллар, кыhынын муус ылаллар, тиэйэллэр, үлэни, үөрэҕи тэҥҥэ өрө туталлар.

Ыал улахан кыыhа Мэҥэ Хаҥалас улууhугар олорор, химия учууталынан үлэлиир. Иккис кыыс Ньургуйаана ХИФУ финансовай-экэнэмичэскэй факультетын устудьуона. Кыраларга, Табалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр, убайдара Егор уоппускаҕа кэлиитэ хаhан да умнуллубат үөрүүлээх түгэнинэн буолла.

Клавдия Христофоровна амарах санаа, иhирэх сыhыан, ис сүрэхтэн тахсар кыра да көмө кимиэхэ баҕарар наада буолбут кэмэ диэн туран, «Илии сылааhа» аахсыйаҕа кыттыспыт, күүс, тирэх буолбут дьонугар Николай Николаевич Юмшановка, Татьяна Константиновна Григорьеваҕа, Дария Ильинична Гатиловаҕа, Анастасия Иннокентьевна Гороховаҕа уонна Наталья Михайловна Слепцоваҕа махталын тиэрдэр.

Раиса Чирикова

Читайте дальше