Алыһардаах уолаттара — yрбаанньыт Александр Потапов уонна култуура дьиэтин үлэһитэ Христофор Потапов Алыhардаахтан Бөтөҥкөстүүр суолу күттэрэн тупсардылар.
«Уолаттар суолу үчүгэйдик астарбыттар, киhи кыра массыынанан таах барар буолла», – диэн иhитиннэрдэ «Адыаччы нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыга Вячеслав Слепцов.
Алыhардаахтан Бөтөҥкөскө диэри 30 килэмиэтир тэйиччи, суол тупсан чааска турбатынан сылдьар буолбуттар.
«Алыһардаах – Бөтөҥкөс – Баатаҕай 76 килэмиэтир тэйиччи да буоллар, массыына сырыыта үчүгэй. Саҥа дьыллааҕы ас-үөл ылына барарбытыгар суолбут айана биллэ түргэтээтэ. Онон, Галина Шахурдина «Халтарыта сырылаан, массыынабыт айаннаа» диэн ырыата элбэхтик ылланар буолла», – диэн олохтоохтор үөрэ кэпсииллэр.
Раиса Чирикова