Григорий Горохов: «Сөбүлүүр идэм – мин олоҕум»

Учуутал — норуот култуурунай уопсастыбаннай олоҕор, үүнүү, cайдыы хардыытыгар көлүөнэлэр алтыһыыларын ситимнээччи, историческай уопуту илдьэ сылдьааччы. Учуутал баар буолан дойдубут экономикаҕа, култуураҕа, духуобунаска, социальнай эйгэҕэ, технологияҕа саҥаттан саҥа идеялар олоххо эрэллээхтик киирэллэр. Тыа сирин сайдыытыгар учуутал сүҥкэн оруоллаах.

Дьааҥы улууһугар соторутааҕыта улуус нэһилиэктэриттэн, Баатаҕайтан элбэх учуутал, иитээччи кыттыылаах учууталлар балаҕан ыйдааҕы мунньахтара ыытыллан ааста. Суол-иис кыһалҕалардаах да буоллар, Григорий Григорьевич Горохов салайааччылаах Табалаах орто оскуолатын бөлөҕө мунньахха кыттыыны ылла.

Григорий Григорьевич Табалаах орто оскуолатыгар технология, черчение уонна кэнники сылларга информатика учууталынан, уопсайа 21 сылын учууталлыыр, быйылгы үөрэх дьылыттан, балаҕан ыйын 13 күнүттэн, оскуола дириэктэринэн ананна. Үөрэх дьылын сүрүн мунньаҕар сир суолунан, үрүйэлэри, өрүһү туораан айаннаан кэлбит бөлөх салайааччытыттан хайдах айаннаан кэлбиттэриттэн саҕалаан, үөрэх, үлэ-дьаһал тустарынан ыйытыктарбар хоруйдууругар көрдөстүм:

– Григорий Григорьевич, бөртөлүөт көппөт кэмигэр тугунан, хайдах айаннаан тиийдигит?

Суол-иис суох сиринэн вездеходтарынан тахсыбыппыт. Киэһэ Адыаччы үрэҕин Александр Александрович Ксенофонтов туоратан, салгыы массыынанан айаннаан Баатаҕайга 11 чааска тиийбиппит. Онон Табалаахтан Адыаччыга диэри аҕалбыт суоппарга, Дьулустан Семенович Потаповка уонна Александр Александровичка махталбытын биллэрэбит. Мунньахха кыттан элбэҕи биллибит, иһиттибит, үтүө көрдөрүүлээх учууталларбыт өр сыллаах, таһаарыылаах үлэлэрин учуоттаан наҕараадаланнылар, онон үөрүүбүт улахан. Ол курдук, алын кылаас учуутала Мария Владимировна Потапова «РФ Үөрэҕириитин эйгэтин туйгуна», физика учуутала Александра Христофоровна Эверстова «СӨ Үөрэҕириитин эйгэтин туйгуна», алын кылаас учуутала Лилия Гаврильевна Эверстова «СӨ Үөрэҕириитин эйгэтин бэтэрээнэ» үрдүк ааты ыллылар уонна технология учуутала Мария Николаевна Слепцова СӨ «Учууталлар учууталлара» бэлиэнэн наҕараадаланна. Маны таһынан, уруhуй учуутала Анна Львовна Горохова уонна Матрена Иннокентьевна Потапова СӨ Үөрэҕириитин министиэристибэтин Бочуот кырааматаларын туттулар.

Табалаах орто оскуолатыгар элбэх биллиилээх учуутал үлэлээн ааспыта, кинилэр хаалларбыт, биэрбит билиилэрэ, арыйыылара биһиэхэ куруук үтүө холобур буолар, кинилэр ытык ааттара оскуолабыт историятын сырдаталлар. Үгүс билиини иҥэрбит Ытык дьоммор — Учууталларбар сүгүрүйэ махтанабын.

– Быйылгы үөрэх дьылыгар хас үөрэнээччилээххитий, предметтэргэ учууталлар тиийэллэр дуо?

Оскуолабытыгар быйыл 131 оҕо үөрэнэ сылдьар, онтон 24‑дэ хотугу аҕыйах ахсааннаах норуот оҕолоро. Кэнники сылларга оскуола үөрэнээччитэ аҕыйаата. Үөрэххэ киирии үчүгэй, ол эрээри БКЭ-ни туттарыы ирдэбилэ үрдээн оҕолор тохсус кылаас кэнниттэн барыылара элбии турар, холобур, быйыл 11‑с кылааһы биир эрэ оҕо бүтэрдэ. Быйыл оскуолаҕа 11 оҕо киирдэ. Нуучча тылыгар биир учууталлаахпыт уонна психолог миэстэтэ вакантнайга турар.

– Оскуолаҕыт тутуллубута син ыраатан эрэр буолуохтаах. Билиҥҥи туруга хайдаҕый?

1975 сыллаахха тутуллубут оскуола. Биир аҥара акылаата эргэрэн, эмэҕирэн, хара муостатын буора дэлби сиҥнэн өрөмүөҥҥэ турар, ол эбэтэр тиэндэр аукциона оонньонноҕуна, биир-икки ыйынан өрөмүөнэ бүтүөҕэ диэн сабаҕалыыбыт.

Оскуолабыт өрөмүөн күүһүнэн улууска тарбахха баттанар үчүгэй оскуолалар истэригэр киирэн турар. Людмила Иннокентьевна Юмшанова дириэктэрдиирин саҕаттан оскуола иһин-таһын сылытан, тас көстүүтүн тупсаран, евро-түннүккэ көһөрөн, о. д. а. улахан үлэлэр ыытыллыбыттара. Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын сылын ахсын көһө сылдьан ыытар отчуотун сиэринэн тэрилтэлэри, үлэни-­дьаһаҕы көрөн-­истэн бараллар, Табалаах оскуолатын үчүгэй туруктаах оскуола диэн көрөллөр, эргэрбит оскуола диэбэттэр. Ис иһигэр киирдэххэ оскуола акылаата, баалката адьас улаханнык мөлтөөтө, син эргэ тутуу буоллаҕа.

– Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар оҕолоругар туhааннаах ханнык үлэ барарый?

«Кочевая школа» бырайыакпытынан үлэ тохтоон турар. Ол да буоллар, аҕыйах ахсааннаах омук (КМНС) түөлбэлээн олорор нэһилиэгэ диэн Өрөспүүбүлүкэ инновационнай бырайыагар баарбыт. Эбээн тылын үөрэтии былырыыҥҥыттан киирбитэ. Оҕолор саас эрдэ ыстаадаҕа дьонноругар «Дьиэ-кэргэн» лааҕырыгар баран сайылыыллар, сынньаналлар, оскуола аһыллыан иннинэ күһүн бөртөлүөтүнэн кэлэллэр. Быйыл алта оҕо баран сайылаата.

– Үөрэх таһынан ханнык дьарыктар баалларый?

Оҕолор иллэҥ бириэмэлэрин туһалаахтык атааралларыгар, кинилэр интэриэстэрин учуоттаан элбэх дьарык, үлэ — «уруогу таһынан дьарык» диэн ыытыллар. Ол курдук, спорт араас көрүҥүгэр, үөрэхтээһиҥҥэ — билиигэ-­көрүүгэ, кэрэ эйгэтигэр, ону кытта БКЭ-ҕэ бэлэмнэниигэ сүрүн болҕомто ууруллар.

– Инники былааннаргытыттан сырдата түһүөххүт дуо?

Ковид дьаҥын кэмигэр тохтотулла сылдьыбыт тэрээһиннэрбитин сөргүтүөхпүт. Ол курдук, биир дойдулаахпыт, бэйээт, прозаик, спортсмен Степан Юмшанов аатынан сылын аайы ыытыллар улуустааҕы «Юмшановскай ааҕыылар» үгэс быһыытынан салгыы ыытыллыахтара. Алын кылаастар учууталларын көҕүлээһиннэринэн кыра кылаастарга аналлаах улуустааҕы «Интеллектуальнай марафон» ыытылла сылдьыбыта, ону салгыыр баҕалаахпыт. Дьыалабыай уопут атастаһыытыттан саҥа идиэйэлэр үөскүүллэр. Маннык сонун хамсааһыннар олоххо киириилэригэр уонна оҕолор икки ардыларыгар үөрэх-­билии нөҥүө салгыы сайдалларыгар аан аһыллар. Үөрэхтээһин сүрүн баасата оҕо кыра сааһыгар, ол эбэтэр алын кылаастан саҕаланар. Оҕо научнай-­чинчийэр үлэлэргэ, «Инникигэ хардыы» олимпиадаларыгар кыттыыта үтүө түмүктээх буолар. Ахтан аһарар буоллахха, урукку өттүгэр манна «Оскуола дириэктэрдэрин марафона» ыытыллыбыта. Улуус үөрэҕириитин салалтата кэлэ сылдьыытыгар ол туһунан этиллибитэ, Иннокентий Сергеевич Юмшанов сэргии истибитэ, ол үлэ салҕанарыгар болҕомтотун ууруох буолбута. Мин оннук икки тэрээһиҥҥэ сылдьыбытым, уопут атастаһан элбэҕи билбитим, туһалаах тэрээһин этэ.

– Учуутал быһыытынан кэтээн көрүүгүнэн билиҥҥи оҕолор урукку оҕолортон туох уратылаахтарый?

Билиҥҥи оҕо тастан ылар информацията олус түргэн, улахан. Тэтим үйэтин оҕото буолан, тутара кыра быһыылаах, ол эбэтэр урукку оҕо практическай өттүнэн ылыныыта улахан, олоххо бэлэмнээх эбит буоллаҕына, көмпүүтэри, суотабай төлөпүөнү туппутунан улааппыт оҕо адьас атын, эт-хаан өттүнэн сайдыыта кытта мөлтүүр.

– Табалаахтан төрүттээх үгүc көлүөнэ дьон спорт араас көрүҥүгэр биллэр ситиһиилээхтэр, ол оскуола саҕаттан иитиллэн тахсар дьарык буолара саарбахтаммат.

Оннук. Оскуола оҕолоро спортка сыстаҕастара кинилэр өрөспүүбүлүкэ, улуус туоналарыгар кыттыбыт ситиһиилэриттэн көрөбүт. Физкультура учуутала Дмитрий Емельянович Эверстов бу соторутааҕыта үс оҕону, 4 кылаас үөрэнээччилэрин Айнура Потапованы, Давид Эверстовы уонна 6 кылаас үөрэнээччитин Павел Стручкову өрөспүүбүлүкэ оҕолорун икки ардыларынааҕы «Хотугу многоборье» күрэҕэр кытыннаран кэллэ. Павел Стручков 1‑кы миэстэни ылан оскуолатыгар кыайыыны аҕалла. Физкультура учууталлара атах оонньууларыгар кыахтаах дьон. Семен Иванович Горохов национальнай ыстаҥаҕа спорт маастарыгар хандьытаат. Оскуолабыт типовой уһун көрүдүөрдээх, онон атах оонньуутугар дьарыктанарга үчүгэй усулуобуйалаах. Улуус күрэхтэрэ манна ыытыллааччылар, ол спортка, ордук атах оонньууларыгар — ыстаҥаҕа, куобахха куһаҕана суох түмүктэри аҕалар. Даҕатан эттэххэ, оскуола спортивнай саалатыттан ураты, нэһилиэк спортсаалатыгар ыччат, дьон-сэргэ тиһигин быспакка дьарыктанар. Ааспыт сылтан Токуматтан төрүттээх тренер Спиридон Михайлович Старостин кэлэн тустууга дьарыктаан эрэр, онон тустууга оҕолорбут ситиһиилэнэн эрэллэр.

– Дьиэ кэргэниҥ, үгэстэргит туһунан кылгастык кэпсиэн дуо?

2003 сыллаахха И. К. Винокуров аатынан Намнааҕы технология уонна дизайн педагогическэй коллеһын бүтэрэн кэлиэхпиттэн үөрэммит оскуолабар үлэлиибин. Кэргэним Анна Львовна Горохова уруһуй учууталынан 20‑с сылын үлэлиир. Үс уол оҕолоохпут. Улахан уол быйыл үөрэҕин бүтэрдэ, кэргэннээх. Быйыл ахсынньыга игирэ уол сиэннэнэн эһээ, эбээ буоллубут. Орто уол 8‑с, кыра уол 1‑кы кылаас үөрэнээччилэрэ. Өбүгэ үгэһин салҕаан, 2015 сылтан хаһаайыстыба тэринэн билигин 8 төбө сылгылаахпыт. Аймахтарбытыттан бэлэх хаалбыт 8 галаах Илин Сыһыы сиригэр балаҕан туттубуппут. Хас сайын ахсын онно дьиэнэн тахсабыт, атырдьах ый 22‑гэр диэри туох баар күүспүтүн окко уурабыт. Кэлиҥҥи сылларга сирбит ууга баран, 4 гата оттоммот. Тыа киһитэ ииттэр хаһаайыстыба туттаҕына эрэ дьиэ кэргэнин иитэр кыахтаах, аһыыр аһыҥ бэйэҕиттэн.

Сөбүлүүр идэм, дьиэ кэргэним, ииттэр хаһаайыстыбам, өбүгэм сирэ-уота — бу олоҕум.

Улахан дьиэ кэргэҥҥэ бэһис оҕонон төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт аҕыспыт — Табалаахха түөрт, сорохтор атын нэһилиэктэринэн, улуустарынан, куоратынан олороллор, үлэлииллэр, бары үлэлээх, туспа оҕолоох-­уруулаах ыал дьон. Ийэм Марина Ивановна үйэтин тухары ыанньыксытынан үлэлээбитэ, аҕам Григорий Максимович дизелистээбитэ, Элгэстэн төрүттээх. Кыра сааспытыттан от-мас үлэтин үлэлээн улааппыппыт, оҕолорбутун эмиэ тыа сирин үлэтигэр, үгэстэригэр сыһыарабыт.

– Григорий Григорьевич, «Табалаах нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии дьокутааттарын ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата, ону таһынан нэһилиэк, улуус уопсастыбаннай үгүс тэрээһиннэрин сүрүн кыттааччыта, көҕүлээччитэ, тэрийсээччитэ уонна үүнэр көлүөнэ инники кэскилигэр улахан эппиэтинэстээх үлэни толоро сылдьар учуутал, салайааччы киһи үлэни уонна дьиэ кэргэн олоҕун хайдах дьүөрэлиигин?

Эппитим курдук, сөбүлүүр идэ, үлэ, дьарык — мин олоҕум бүгүҥҥүтэ уонна сарсыҥҥыта. Дьиэ кэргэним — тыылым. Тыам сирин олоҕо-­дьаһаҕа — дойдум саргыта, кэскилэ. Туох барыта бэйэттэн тутулуктаах — уруулга бэйэҥ олороҕун. Оттон учуутал буолуу — норуот, дойдуҥ иннигэр ытык эппиэтинэһи сүгүү диэн ылынабын.

– Учууталларга, кэллиэгэлэргэр, уһуйааннар иитээччилэригэр тугу баҕарыаҥ этэй?

Бары учууталлары, кэллиэгэлэрбин, миигин үөрэппит учууталларбын Учуутал күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Баҕарабын учугэй, истигэн үөрэнээччилэри, кинилэр ситиһиилэринэн кынаттанан үлэҕитигэр саҥаттан саҥа идиэйэлэр, бырайыактар олоххо киирэн истиннэр. Эдэр учууталлар, талан ылбыт идэҕитигэр бэриниилээх буолуҥ. Тус олоххутугар, дьиэ-кэргэҥҥитигэр бараммат үөрүүнү, дьоллоох, уһун үйэлээх, айымньылаах олоҕу баҕарабын!

Григорий Григорьевич, үлэ, дьаһал быыһыгар быыс булан кэпсэппиккэр махтанабын. Кэлэн иһэр Учуутал күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!

Раиса Чирикова

Читайте дальше