«Аартыка үөрэҕириитин инники сайдыыта» Форумҥа 1989 cыл муус устар ый 16 күнүгэр РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Уурааҕынан тэриллибит Эбээн-Бытантай национальнай улууһуттан 25 дэлэгээт кэлэн кытынна. Дэлэгээссийэ элбэх былаһааккаларга, дискуссияларга, маастар-кылаастарга кыттан уопут атастаста. «Дьааҥы аартыга» хаһыат саайтыгар улуустарын үөрэҕириитин, кылгас кэмҥэ көһө сылдьан үөрэтэр кочевой оскуола туһунан кэпсээтилэр.
Петр Григорьевич Потапов, Эбээн — Бытантай улууһун Үөрэҕириитин салалтатын начальнига:
Форум буоларын туһунан былырыын «Форум Арктических районов Севера» диэн тэрээһиҥҥэ истибиппит. Онно улууспутугар тэрийэргэ тыл көтөхпүппүт. Ол эрээри Аартыка улуустарын икки ардылара олус ыраах-ыраах сыталларыттан, үс кластер оҥорон баран, биһиги Дьааҥы суонатыгар киирэрбитинэн, учууталлар быйылгы олунньутааҕы мунньахтарыгар Дьааҥы улууһугар оҥоруохха диэн этии киирбитэ. Үөрэҕирии министиэристибэтигэр түмсэн Феодосия Габышева кыттыылаах мунньахтаабыппыт. Форуму ыытарга бириэмэ да ыгым этэ, Бырабыыталыстыба отчуоттара сылдьар кэмнэрэ түбэстилэр. Онон дьону төттөрү-таары илдьиигэ, айаныгар мэһэйдэр тахсыахтарын сөптөөҕө.
Бу үс нэдиэлэ иһигэр бэрт түргэнник бэлэмнэнэ охсон, Феодосия Васильевна бырайыагын министиэристибэҕэ бигэргэтэн, бирикээс таһааттаран, Дьааҥы улууһугар ыытар гына чопчу даататын ылыммыппыт. Ити Арктическай Форумҥа Эбээн Бытантайтан 5 киһи баран кыттыбыппыт. Айан ороскуотугар үбү булуу уустуктардаах этэ. Холобур, 25 киһини Дьокуускайга илдьэр буоллахпына, кэлэ-бара 1 мөлүйүөн 300 тыһыынча харчы ороскуоттанар.
Бу форумҥа кыттыыга бастаан сайаапка түһэрэрбитигэр элбэх этибит, ол эрээри, кэлээри туран, сорох дьон ыалдьан, ону таһынан икки массыынабыт алдьанан хаалбыта. Кыттыан баҕалаахтар кэтэхтэн кыттар буолбуттара. Үөрэх, иитии тэрилтэлэриттэн барытыттан кэллилэр, арай тырааныспар кыаллыбатаҕыттан Кустуур уһуйааныттан эрэ кыайан кэлбэтилэр.
Биһиги дэлэгээссийэбитин Дьааҥы улууһа олус итиитик, сылаастык көрүстэ. Массыыналарбытын «Аартыка суоллара» тэрилтэ гарааһыгар туруордулар, кыргыттары оробуочай хаадырдары бэлэмниир «Аартыка» киинин уопсайыгар, эр дьону улуустааҕы оҕо Киинин тэрилтэтигэр олохтообуттара.
Икки күн устата ыытыллыбыт тэрээһин Баатаҕай орто оскуолатыгар, култуурунай чааһа Баатаҕайдааҕы култуура уонна спорт киинигэр ыытылыннылар. Форум бары хайысхатыгар барытыгар олус үчүгэйдик кытынныбыт. Онон «Дьааҥы оройуона» муниципальнай тэриллии баһылыгар Владислав Ивановка, Үөрэҕирии салалтатын начальнигар Иннокентий Юмшановка, кураторбытыгар, улуус үөрэҕириитин салалтатын исписэлииһигэр Сергей Слепцовка Эбээн Бытантай улууһун уонна биһиги дэлэгээссийэбит ааттарыттан истиҥник махтанабыт. Уонна Форуму ыыппыт саамай улахан тэрийээччибитигэр Феодосия Габышеваҕа, кини хамаандатыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Дьааҥыга 25 киһи биэс чааһынай дьон массыыналарынан кэлэн кытынныбыт. Массыыналар кэлэр-барар бензинин биһиги үөрэхпит салалтата уйуммуппут, улууспут дьаһалтата үбүнэн көмөлөспүтэ. Түгэнинэн туһанан, суоппардарбытыгар Алексей Антоновка, Евгений Корниловка, Айгуля Слепцоваҕа, Вячеслав Ивановка, Дмитрий Колесовка уонна Дьарҕаалаах оскуолата массыынатынан хааччыйбытыгар үөрэҕирии салалтатын аатыттан махтанабыт.
Улууспут үөрэҕириитин систиэмэтин туһунан кылгас иһитиннэриини эттэххэ: Улууспутугар быйылгы сылы Тыа хаһаайыстыбатын сылынан биллэриллибитэ. Оҕо сылыгар биир улахан үөрүүбүт диэн, Баатаҕай Алыытаҕа (Саккырыырга) быйыл 220 миэстэлээх саҥа оскуола үлэҕэ киирдэ. Онон урукку оскуолабытын өрөмүөннээн баран тустуу зала оҥороору сылдьабыт. Арочнай спортивнай саала — Оҕо спортивнай оскуолатын саалата туспа баар. Саҥа оскуолабыт бэйэтэ спортивнай заллаах. Онон спорт сайдыытыгар бары усулуобуйа тэриллэр. Урукку икки этээстээх зданиебытыгар, өрөмүөн кэнниттэн, «Хаарчаана» оҕо уһуйаана киириэҕэ, билигин үс сиринэн үлэлии олороллор.
Ханна да баарын курдук, биһиэхэ хаадыр тиийбэт боппуруоһа турар. «Земский учитель» бырагырааматынан быйыл биир биолог учууталы ыллыбыт, учууталлар олороллоругар икки дьиэҕэ сайаапка түһэрэн турабыт.
Аны икки сылынан Форум Дьааҥыга ыытыллыа диэн буолла, онно кэлиэхпит. Манна оҥорор табыгастаах, усулуобуйалаах.
Матрена Алексеевна Горохова, Иннокентий Николаевич Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолатын дириэктэрэ:
«Биһиги оскуолабыт 2015 сыллаахтан Өрөспүүбүлүкэ агрооскуолаларын сойуустарыгар киирбиппит. Ол кэмтэн оскуолабытыгар агро хайысхатынан үлэ ыытыллан барбыта. Оскуолабытыгар икки тэпэлииссэлээхпит, кыра хаһаайыстыбалаахпыт. 2017 сыллаахтан тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥкатыгар баран кыттан бырайыакпытын көмүскээммит 2018 сылтан сезоннай кочевой оскуола арыллыбыта. Бу оскуолабытыгар ортотунан 12 оҕо тахсар. Бастакы тэриллиитигэр 20-тэн тахса оҕо эбит буоллаҕына, бу сайын 6 эрэ оҕо тахса сылдьыбыта. 2024 сылга билигин 10-тан тахса оҕону испииһэктээн олоробут. Оҕолорбут ыстаада кыстыыр сиригэр тиийэн 4-с чиэппэргэ миэстэтигэр муус устар, ыам ыйыгар үөрэнэллэр, онтон бэс ыйыттан күһүҥҥэ диэри ыстаада аһылыгын батыһан айанныыр. Маны таһынан, 2022 сыллаахха оччотооҕу улууспут баһылыга Гаврил Горохов оскуолабытыгар от оттуурбутугар 8 га сир биэрбитэ. Ол сирбитигэр учебнай производственнай бааса оҥостубуппут – үөрэххэ, научнай-чинчийэр үлэҕэ, экспедицияҕа байыаннай-патриотическай хайысхалаах үлэни ыытарга 2023 сылтан онно эбийиэк туттан бүтэрэн эрэбит. Бу баасабытыгар аан маҥнай тугу гыныахпытын сөбүй диэммит волонтерскай этэрээппитин тилиннэрдибит. 2016 сылларга онус кылааска үөрэммит оҕобут Кыталыына Борисова «Сохранение генофонда якутского скота» диэн волонтерскай этэрээт бырайыагын оҥорон үлэлэппитэ. Бу бырайыагынан үлэлээбит волонтерскай этэрээппит сүтэн-оһон барбыта, ону 2023 сылга сөргүтэммит сайын оҕолорбутун кытта оттуубут, ол оппутун саха ынаҕыгар диэн туттараммыт оҕолорбутун хамнастыыбыт. Бу сайын эмиэ оттуохтаахпыт.
Үлэлии олорор оскуолабыт усулуобуйата ыарахан. 2021 сыллаахха оскуолабыт умайан хаалан икки дьиэнэн, икки симиэнэнэн үөрэнэ олоробут. Оскуола умайан элбэх кыһалҕалары үөскэттэ, ол курдук элбэх ыал көһөн үөрэнээччибит ахса биллэ аҕыйаата – урут 120 үөрэнээччилээх буоллахпытына билигин 80 оҕо үөрэнэр. Быйыл 9-с кылааһы сэттэ оҕо, 11 кылааһы биэс оҕо бүтэриэхтээхтэр, билиҥҥи борогунуоһунан күһүн 14 оҕо оскуолаҕа киириэхтээх. Улууспутугар биһиги оскуолабыт педагогическай хаадырынан 100% хааччыллан олорор. Земскэй учуутал бырагырааматынан Калмыкияттан биология, химия учуутала кэлэн быйыл үһүс сылын үлэлиир. Федеральнай бырайыактарынан оскуолабытыгар «Точка роста», «цифровая образовательная среда» киирбиттэрэ, үлэ утумнаахтык салҕанар.
Производственнай үлэбитинэн элбэх бырайыакпыт үлэлэрин саҕалаатыбыт. Ол курдук, билигин агро уонна оҕону байыаннай-патриотическай хайысхаҕа иитиигэ 11 бырайыак үлэлии турар. Бу Форумҥа кэлиэхпит эрэ иннинэ 15 оҕолоох «Отряд юных армейцев» этэрээт тэрийдибит. Улуус дьаһалтата көмөлөһөн үбүлээн уонна оскуолабыт үбүлээн этэрээт оҕолорун таҥастарын-саптарын барытын хааччыйдыбыт. Маны таһынан, «Юный дорожный инспектор» этэрээтигэр 6 кылаас оҕолоро киирдилэр. Оҕолорбут үөрэххэ киириилэрэ 100%. Мониториннаан көрүүбүтүнэн ордук орто үөрэххэ киирэллэр, ол кэнниттэн үрдэтинэллэр. Уонна быйыл бэлиэтээһиммитинэн кочевой оскуоланы бүтэрэн барбыт оҕолорбут ыстаадаҕа төттөрү кэлэн үлэлээн эрэллэр.
Кустуур оскуолатын бүтэрбит Альберт Колесов үлэ общиналарын тэринэн «Кочевник 1», «Кочевник 2» диэн ыстаадалары үлэлэтэр, кочевой оскуола арыллыбытыгар үөрэммит оскуолатыгар көмөлөһөн, дуогабардаһан, 50 табаны анаабыта. Былырыын табабыт ахсаанын эбэн 54 оҥордо. Сыл устата ыытыллар тэрээһиммитигэр идэһэ киллэрэр, онон киниттэн куруук өйөбүл ылабыт. Оттон оҕолорбутугар итии аска чааһынай урбаанньыттары кытта үлэлэһэммит эт аһынан хааччыллабыт уонна быйыл саха ынахтаахтары кытта дуогабардаһаммыт оҕолорбутун саха ынаҕын этинэн аһаттыбыт. Урут «Меркурий» бырагырааматынан эрэ көҥүллээх эрэ буоллаххына эти, үүтү хааччынаҕын диэн этэ. 2023 сыллааҕы үөрэх дьылын өбүгэбит үгэһинэн – ыһыаҕынан түмүктээбиппит. Улууспутугар «Бытантай сахалара» биһиги нэһилиэкпитигэр бааллар. Онон олохтоох – эбээннии, сахалыы үгэстэри тутан олоробут. Саха ынаҕын аҕыйах хаһаайыстыба да буоллар нэһилиэк тутан олорор. Биһиэхэ үүт аһы оҥорон таһаарар сыах суох буолан үүт аһылыкпыт кэмчи, кэлии үүтү иһэбит. Сайыҥҥы өттүгэр ыам саҕаланнаҕына хаһаайыстыбалаах дьон үүт, сүөгэй син атыылыыллар.
Аартыка үөрэҕириитин сайдыытыгар аналлаах Форум Бырайыагын ыыппыттарыгар биһиги оскуолабыт Аартыкаҕа үөрэҕирии сайдыытыгар күүскэ үлэлэһэ олорор эбиппит диэн улаханнык сэргээбиппит, биһирээбиппит. Форумҥа Кустуур оскуолатыттан үс киһи кэлэн бары хайысхаларыгар кытынныбыт. Төрүт эбээн тылын үөрэтэр Мария Степанова эбээн тылын үөрэтии маастар-кылааһын ыытта. Оҕону таба иитиитигэр, үлэҕэ иитии уһуйааныгар үлэлиир практик Валентина Колесова кочевой оскуолатын үлэтин туһунан, оттон мин оскуолабыт туһунан кэпсээтибит».
Валентина Николаевна Колесова, Кустуур орто оскуолатын учуутала:
«Мин кочевой оскуолаҕа үлэлиэм иннинэ, о.э. 2017 сыллаахха оҕо сүлүөтэ оҥорбуппут, онно 17 оҕо кыттыбыта. Ыстаада табаһыттарын кытта үлэлэһэн, уучахтаах табалары, сыарҕалары ыстаадаттан киллэттэрбиппит. Хас да көрүҥнээх хотугу норуоттар күрэхтэрин ыыппыппыт. Кустуур нэһилиэгин бары олохтоохторо, үөрэнээччилэрбит кыттыбыттара. Улууспут кииниттэн Саккырыыртан, Дьокуускайтан тиийэ элбэх ыалдьыт мустубута. Ол туһунан Томас Ландете ааптардаах Аан дойдутааҕы туйахтаах дьиикэй кыыллар Ассоциацияларынан Аан дойду 13 судаарыстыбатыгар 13 араас тылынан тахсар сурунаалыгар «Аартыка оҕолоро авторалли курдук ралли оҥороллор эбит» диэн матырыйаал тахсыбыт этэ.
Матрена Горохова уонна Светлана Черепанова өрөспүүбүлүкэҕэ педярмаркаҕа кыттан бырайыактарын көмүскээннэр, ол чэрчитинэн 2018 сыллаахха 133 N-дээх уураах тахсан, Кустуур орто оскуолатын иһинэн кочевой оскуола тэриллибитэ. Оҕолор ыстааданы олус сөбүлүүллэр, баҕаран туран тахсаллар. Бу дьиэ-кэргэн экономикатыгар наһаа туһалаах дии саныыбын. Иккиһинэн, оҕолорбут билиилэрэ-көрүүлэрэ биллэ кэҥиир – сирдэрин-уоттарын үрэхтэрэ, күөллэрэ, араас сирдэрэ, хайалара элбэҕин олус үчүгэйдик үөрэтэн билэллэр. Саамай чугас сытар ыстаадабыт, Альберт Колесов ыстаадатын кыстыга бөһүөлэкпититтэн 10 көстөөх сиргэ баар. Кини бастакы ыстаадатын тэрийээт Кустуур орто оскуолатын кытта үлэлэспитэ, онон дуогабар түһэрсэн баран билигин икки ыстаадалаах. Улууска таба ахсын элбэтэргэ бырагыраама үлэлиир, хонтуруоллуур мониторинг биллэриллэн турар.
Ыстаадаҕа араас саастаах оҕолор тахсан икки ыстааданан сылдьаллар. Оскуолабыт төрөппүттэри кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир, кинилэртэн көҥүл эрэ ылылыннаҕына оҕолор ыстаадаҕа тахсаллар, оҕолору хамнастыырга дьарыктаах буолуу тэрилтэтин кытта үлэлэһэбит. Табаһыттар оҕолоруттан ураты, эр киһи иитиитэ оруоллааҕыттан, өссө, соҕотох ийэлэр уол оҕолорун уонна тулаайах хаалбыт оҕолору ыстаадаҕа таһаара сатыыбыт, баралларыгар элбэх докумуон толоруллар, төрөппүттэр санитарнай-гигиеничэскэй нобуордарын биэрэллэр, оскуола оҕо онно үөрэнэр кэмигэр муус устар, ыам ыйдарынааҕы кураанах паектарын хааччыйар, онтон салгыы табаһыттар бэйэлэрэ аһаталлар. Антах табаһыттар сэрэхтээх буолуу тиэхиникэтин барытын тутуһан туран оҕолору үлэҕэ барытыгар үөрэтэллэр – табаны миинэргэ, ыҥыырдыырга, сыарҕанан сүүрдэргэ, хайалаах сир буолан таас үрэхтэрин хайдах туоруурга, бултуурга, балыктыырга, тиэхиникэни хайдах туһанарга, ону өрөмүөннүүргэ үөрэнэллэр. Онон оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын олус үчүгэйдик атаараллар, элбэх билиини ылаллар, коллективизмҥа, бэйэ бэйэҕэ көмөлөһүүгэ үөрэнэллэр, гааһы хайдах туттарга кытта үөрэнэллэр. Альберт Александрович гааһы саас эрдэ массыынанан илдьэн ыстаадалар сирдэринэн быраҕаттыыр.
СахаЭнерго тэрилтэтэ 100 тыһыынча харчынан көмөлөһөн оҕолорбутугар оһохтоох сылаас ураһа-балааха ыллыбыт. Онно тиэйэ сылдьарга уон раскладушка ылбыппыт. Ону таһынан СӨ Аартыка министиэристибэтэ түргэн интэриниэт толору кэмпилиэгин биэрдэ. СӨ үөрэҕириитин министиэристибэтин кыттан видео-кэмпириэнсийэ нөҥүө тахсан, үлэлээммит, ыстаада оҕолоро үөрэнэллэригэр аналлаах толору хааччыллыылаах блочнай дьиэ биэрдэ, онно эмиэ интэриниэттээх. Бу ситиһии биллэн турар элбэх суруктан, кэпсэтииттэн, ВКС-тан, үлэттэн тахсар. Мин практик буоларым быһыытынан, ыстаада оҕолоро хайдах усулуобуйаҕа олороллорун көрдөрө учууталларбын саас ыстаадаҕа илдьэ тахсабын. Бастакы таһаарарбар оскуола завучтарын кытта дириэктэрин таһаарбытым.
Табаһыттарбытыгар «Дадим теплую одежду оленеводам» диэн аахсыйа ыыппыппыт. Ол аахсыйабыт өрөспүүбүлүкэттэн тахсан Арассыыйа таһымыгар тахсыбыт этэ. Иккис аахсыйабыт «Дадим тепло» диэн – оскуолабыт кэллэктиибэ үөрэнээччилэрбитин кытта, бары мас эрбиир дружбалаах, ыстаадаҕа биир күн тиийэн кыстыыр оттор мастарын бэлэмниибит. Сайын ол мастара куурар, онон кыстыгы туоруур мастаналлар. Үһүс аахсыйабыт ыстаада дьиэтин тиийэн ханапаакылыырга диэн этэ, ону кыһыҥҥы суол билигин олус мөлтөөбүтүттэн тохтотон туруорабыт. Ыстаада дьоно биир күн өрөөбөккө үлэлииллэр, уоппуската да суохтар бааллар. Ол иһин көмө кинилэргэ куруук наада. Үс родовой общинаҕа билиҥҥи туругунан 4000-тан тахса баар. Оскуолабытыгар төрдүс сылбытын баҕа санаабыт – көһө сылдьар лааҕыры тэрийиэхпитин баҕарабыт. Түөртүү сыл буола-буола ыытар сүлүөппүт коронавирус пандемиятын саҕана ыытыллыбатаҕа, ол иһин табаһыттары кытта сүбэлэһэн баран, ыстаадаҕа күрэхтэһии оҥорон, оҕолорбутун илдьэн күрэхтэһиннэрбиппит. Бу күрэххэ Булуҥ улууһуттан алта оҕо төрөппүттэрин уонна оскуолаларын дириэктэрин кытта кэлэн кыттыбыттара, Сакырыыртан үс оҕо тиийэн кыттыбыта. Ол күрэхпит чэрчитинэн кылгас кэмҥэ көһө сылдьар оскуолалары тэрийии туһунан маастар-кылаастары ыыппыппыт. ТАСС иһитиннэрэр хампаанньа Московский NEW интернет сайтыгар интервью ылбыттара. Ону таһынан Ыраах Илин өрөгүйүөҥҥэ олорор аҕыйах ахсааннаах норуоту үөрэтэр Светлана Евгеньевна Долгуш диэн кэлэ сылдьыбыта. Макаренковскай кэмпириэнсийэҕэ «Воспитание производством» диэн үлэнэн кыттаммыт бастакы миэстэни ылан мэтээлинэн бэлиэтэммиппит. Ол саҕана үөрэҕирии бырабылыанньатын Лигатын чилиэнэ Михаил Алексеевич Кушнир онлайн үөрэҕэр эмиэ кыттыбыппыт. Онон ыытар үлэбит киэҥник биллибитэ дии саныыбын. Оскуолабыт үлэлиир хайысхата элбэх, медиа кииммит үлэлии турар. Оскуолабытын бүтэрбиттэртэн, бэйэлэрин баҕаларынан уонна мобилизациянан уопсайа 18 уол Анал байыаннай дьайыыга барбыта. Оскуолабыт дириэктэрин көҕүлээһининэн сиэткэ, чүмэчи оҥорон ыыттыбыт, барытынан көмөлөһө сатыыбыт».
Ыалдьыттары кытта кэпсэттэ Раиса Чирикова