Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэрин чэрчитинэн, алтынньы 7 күнүгэр Боруулаах туонатын Томтор уонна Токума нэһилиэктэрин дьоно үгэскэ кубулуйбут көрсүһүүлэрэ Хаҥалас (Токума) сиригэр ыытылынна.
Олохтоох дьаһалта (баһылык Е.Н. Божедонов) транспорынан хааччыйда. Онон сарсыарда 11 чаастан мустан айаҥҥа турунан, аара «Алтан» хайа тэллэҕэр тохтоон хаартыскаҕа түһэн, күһүҥҥү айылҕа кэрэтин кэрэхсээн, чэбдик салгыны астына «ыймахтаан», Токумаҕа айаннаатыбыт. Дьоммут нэксиэлээх айантан кыратык сынньана ыалларынан тарҕастылар. Олохтоох кулууп үлэһиттэрэ үөрэ-көтө көрүстүлэр, итии чэйинэн, сылаас астаммыт аһынан күндүлээтилэр.
Болдьохтоох кэммитигэр тэрээһиммитин саҕалаатыбыт. Боруулаахтааҕы сынньалаҥ киинэ (сал. С.С. Неустроева), олохтоох бибилэтиэкэ, Токума кулууба (сал. А.М. Божедонова) буолан сэргэх тэрээһини тэрийдибит. Истиҥ-иһирэх эҕэрдэ этиллэн, эриэккэс ырыа ылланан, бырааһынньыктыы тэтим бэрилиннэ. Салгыы араас күрэхтэрбит түһүмэхтэринэн саҕаланан истилэр. «Көмүс сандалы» күрэххэ 4 кыттааччы этилиннэ: Томтортон: В.Н. Слепцова, У.Н. Новгородова, Токуматтан: М.М. Юмшанова, М.Е. Старостина. Асчыт хаһаайкалар бэйэлэрэ ииппит кустарын этиттэн, үүннэрбит оҕуруоттарын аһыттан, ас эгэлгэтин астаабыттар: духуопкаҕа буспут кустарын этэ минньигэһэ, моркуоптан туорт амтана эриэккэһэ, бүскүтэн буһарбыт дьабарааскы этэ амтаннааҕа. Дьүүллүүр сүбэ ааттаах асчыттары бириистэринэн бэлиэтээтэ, муҥутуур кыайыылааҕынан Токуматтан Майя Егоровна Старостина ааттанна.
Салгыы «Ырыа түһүлгэтэ» күрэххэ 4 кыттааччы баара билиннэ: А.Я. Потапова, С.С. Рязанская, М.И. Юмшанова, М.Е. Старостина, кыттааччыларбыт сахалыы саймаархай ырыалары бэркэ толордулар. Бу күрэххэ кыайыылааҕынан чөллөркөй куоластаах Майя Егоровна ааттанна. Онон икки түһүмэх тухары кыайыылаах үрдүк аатын сүктэ.
Үһүс түһүмэхпит «Кэхтибэт кэрэ», индийскэй үҥкүүгэ күрэх этэ. Бу күрэспит бэрт тэтимнээхтик ааста. Дьүүллүүр сүбэ түмүгэр, кыайыылааҕынан Томтортон Ульяна Новгородованы ааттаата. Ульяна Николаевна 3 оҕо ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбэтэ. Сүөһү-ас тутар. Олоххо олус көхтөөх, аламаҕай киһи. Токуматтан «кэхтибэт кэрэлэр» Матрена Иннокентьевна, Светлана Еремеевна, Дарья Гаврильевна эмиэ олус көхтөөх дьон, иэримэ дьиэ амарах хаһаайкалара, мааны ийэлэрэ, эбээлэрэ, кинилэргэ киһи 60-70 сааһы хайдах да биэрбэт, оннук кэрэлэр, иирэ талахтыы имигэстэр. Светлана Еремеевна уола СВО-ҕа ыҥырыллан барбыта сылтан орто, оҕобутун, ыччаппытын Аар айыыларбыт араҥаччылыы сырыттынар!
Туһугар эмиэ тыҥааһыннаах күрэхтэрбит түмүктэннилэр, күрэхтэр быыстарыгар ылбаҕай ырыаларынан тэрээһини олус киэргэттилэр: Майя Иванова, Айталина Неустроева, Юрий Божедонов, Эдгар Саввинов.
Маны таһынан Токума далбар хотуттара «Араҕас сэбирдэх ардаҕа» сэлээппэлэрин айылҕа матырыйаалыттан киэргэтэн бэртээхэй дефиле бэлэмнээбиттэрин көрөөччүлэр астынан, көхтөөх ытыстарын тыаһынан доҕуһуоллаатылар.
Маны сэргэ күһүҥҥү айылҕа, саһарбыт сэбирдэх суугунун быыһынан пааркаҕа сынньана сылдьары санатар үчүгэйкээн фотозонаҕа хаартыска түһүүтэ барыбыт болҕомтотун тарта.
Талба талааннаах хаһаайкалар туруорбут быыстапкалара: мулине сабынан быысапкаламмыт хартыыналар, оҕуруо симэхтэр, таҥас кырадаһаныттан аттарыллыбыт таҥастар истиҥ көрсүһүү эйгэтин ситэрэн, тупсаран биэрдилэр. Онон бу дьоро күҥҥэ түмсүбүттэр ыллаан-туойан, астына сэһэргэһэн, уруккуну-хойуккуну ахтыһан, санаа үллэстэн, инникини торумнаан астынан тарҕастыбыт.
Киһи киһинэн олорор диэн мээнэҕэ эппэттэр. Олох оргуйар үөһүгэр дьону кытта тэҥҥэ алтыһан, кыах баарынан барыга кыттан, санаа атастаһан, тэҥҥэ үөрэн-көтөн хаамсар үчүгэйин!
Түмүккэ махтаныа этибит олохтоох дьаһалта баһылыгар Егор Николаевич Божедоновка, суоппардарбытыгар Спиридон Анатольевич Старостиҥҥа, Михаил Павлович Рожиҥҥа, тырахтарыыс Иван Петрович Стручковка.
Бэртээхэй бириистэри Боруулаахтааҕы сынньалаҥ киинэ туруорда.
Жанна Слепцова, олохтоох бибилэтиэкэр, Боруулаах нэһилиэгэ.