Элгэс нэһилиэгэ инники күөҥҥэ

Дьааҥы улууһун Элгэс нэһилиэгэр өрүскэ эр дьон хамаанда тэринэн бэрт тэтимнээхтик уонна тэрээһиннээхтик «Муус күүлэй – 2023» күрэҕэр кытыннылар. Күрэх кыайыылааҕар 200 л бэнсиин, иккискэ булка аналлаах үрүсээх, үһүскэ балыксыт олорор анал устуулунан наҕараада илии тутуурдаах, өттүк харалаах үөрэн-көтөн дьиэлэригэр төнүннүлэр.

Кэрэ аҥаардар бэрт кэбэҕэстик уопсай тылы була охсон, эн-мин дэһэн, хайа да түгэҥҥэ  сандалы тула дьонун түмэн сыа-сым курдук тутан аһатарын кэриэтэ, бу да сырыыга сылбырҕатык туттан, сыыдамнык кэлэн-баран, үлэлээн-хамсаан хары үлэтиттэн астыммыт, сибиэһэй салгыҥҥа чэбдигирбит эр дьоннорун, ыал аҕаларын аамчылаан, убайдарын бырааттарын биэбэйдээн тото-хана аһаттылар. Тэрээһин кэнниттэн дьоннор добуоччу астыммыттарын, үчүгэй тэрээһин диэн биһирээбиттэрин эттилэр.

Алта хамаанда түөртүү киһилээх туттуммахтаан-хамсаммахтаан, тиритэ-хорута мөхсөн, күн уотугар алмаас таастыы күлүмүрдүү оонньуур мууһу кытыыга кэккэлэттилэр. Ылыллыбыт муус утары ханна, кимиэхэ тиэйиллэрэ аадырыһын хоту утаарыллан истэ. Дьон-норуот, нэһилиэк кырдьаҕас араҥата барахсан чахчыта даҕаны астыннахтара.

Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ. Элгэстэр киэҥ хамсааһыннарыттан киһи эрэ астынар уонна махтанар. Маннык халыҥ хамсаныылаах тэрээһиннэр ыытыллар нэһилиэктэрэ биир тэтим тыыннаах уонна тутуллаах буолар. «Эһиги бөлөх, биһиги бөлөх» диэн араарбат биир ньыгыл сыһыаҥҥа иитэр патриотическай тутулу былаах курдук күөрэччи тутан хаамар ирдэбил кэлбитин эрэйэр кытаанах кэмнэр ханна даҕаны кэлиэх курдуктар.

Күрэҕи тэрийэн ыыппыт Элгэс олохтоох дьаһалтата, Элгэс СК, спорт саалатын кэллэктиибэ дьон махталын чахчыта даҕаны инники өттүгэр итинник хабааннаах  тэрээһиннэринэн үөрдэ-көтүтэ ыла туруоҕун баҕарыллар. Дьон үлэтин сыаналаан, санаатын өрө көтөҕөн бэртээхэй бириистэри туруоран, норуот эгди буолан тарҕаспыта чуолкай.

Күрэххэ ылыллыбыт муус нэһилиэк ытыктабыллаах кырдьаҕастарыгар уонна Анал Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьонугар, о.д.а. ананна.

Галина Стручкова – ТАБАЙААНА

Читайте дальше