Дулҕалаахха Билии күнүн саҥа өрөмүөннээх, аныгылыы модернизированнай оскуолаҕа көрүстүлэр. Бу сайыны быһа олохтоох урбаанньыт Степан Чукров салайыытынан биригээдэ күннэри-түүннэри үлэлээн туруоруллубут болдьохторун ситистилэр.
Атырдьах ыйын бүтүүтгэр оройуон бэрэбиэркэтэ кэлэн оҥоһуллубут үлэ бары ирдэбиллэргэ эппиэттиирин тоһоҕолообута. Хаарбах салҕааһыны бүтүннүү саҥардыннылар, саҥа уот тардылынна, түннүктэр, ааннар турдулар.
«Точка роста» кэбиниэт аһыллан быйыл оҕолор үөрэнэллэригэр, үөрэх кэннэ дьарыктаналларыгар өссө үчүгэй усулуобуйа үөскээтэ. Онон, Дулҕалаах оскуолатын оҕолоро, учууталлара бу үөрэх сылын өрөгөйдөөхтүк арыйан үөрүүлэрэ сүрдээх. Олохтоохтор улуус баһылыгар Владтслав Ивановка, урбаанньыт Степан Чукровка уонна кини биригээдэтигэр улахан махталларын тиэрдэллэр.
Бэй. кэр.