Дьол ситимнэринэн холбоспут бигэ ыал

Учуутал уонна уһуйааччы сылынан эҕэрдэлээн туран, ытыктыыр дьоммор, күндү учууталларбар Горохов Трофим Васильевичка уонна Елизавета Николаевнаҕа истиҥник махтанабын, үтүө мааны баҕа санаабын тиэрдэбин.

Билигин кинилэр бочуоттаах сынньалаҥҥа Верхоянскай куоракка олороллор. Сааһырдах ахсын оҕо сааһыҥ доҕотторун, оскуолатааҕы кэмнэри, учууталларгын уратытык ахтаҕын. Биһиги учууталларбыт олохторо, Дьааҥыга эрэ буолбакка, кинилэр бүттүүн Саха сирин киэн туттар, холобурга сылдьар сахалыы саргылаах дьиэ кэргэнэ. Маннык дьоһун олохтоох ыал, дойдубут тирэҕэ буолара саарбахтаммат.

Елизавета Николаевна, Трофим Васильевич Гороховтар 50-тан тахса сыл бииргэ иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн буолан олороллор, «За любовь и верность» анал бэлиэ хаһаайыннара. Кинилэр түөрт кыталык кыыстаахтар, сиэннэр, хос сиэннэр тапталларынан арчыланан олороллор. Кыргыттар төрдүөн учуутал идэтин баһылаан, ийэлээх аҕаларын солообут суолларынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Улахан кыыс Акулина Трофимовна Боронук орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учуутала, Алина Трофимовна Верхоянскай орто оскуолатын алын кылааһын учуутала, Айталина Трофимовна идэтинэн алын кылаас учуутала, Айыына Трофимовна Намҥа математика учуутала.

Учууталбыт Елизавета Николаевна олоҕун 30 сылын үүнэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ анаата. Кини педагогическай үлэ бэтэрээнэ, сыралаах, ситиһиилээх үлэтэ сыаналанан, «Оскуола иннинээҕи саастаах оҕону кытта үлэҕэ кылаатын иһин» анал бэлиэнэн наҕараадаламмыта.

Кини Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэн, диплом тутан, педагогическай үлэтин 1966 сыллаахха Дулҕалаах аҕыс кылаастаах оскуолатыгар саҕалаабыта. Математика учууталынан 9 сыл үлэлээн баран, 1975 сылтан Дулҕалаахтааҕы дьааһыла саадка иитээччинэн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Иккиэн төһөлөөх көлүөнэ ыччакка өй-санаа сырдык уотун ыһан, чиҥ билии туһугар бары сатабылларын, кыһамньыларын ууран үлэлээбиттэрэ буолуой. Күндү учууталларым олохторо холобур буолар киэҥ ис хоһоонноох олох.

Елизавета Николаевна элбэх оҕолоох ыал улахан оҕото, элбэх быраат, балыс ийэ туттубут улахан эдьиийдэрэ. Кини сахалыы сымнаҕас мааны майгылаах, куруук сылаастык мичээрдии сылдьар үтүө киһи. Ааҕарын олус сөбүлүүр, киэҥ билиилээх, наһаа үчүгэйдик ыллыыр уонна, дьэ, элбэх хоһоону өйтөн ааҕан сөхтөрөрө. Кини үөрэппит оҕолоругар миэхэ, Раиса Васильевнаҕа, Антонина Васильевнаҕа дьааһыла саадка иитээччинэн үлэлиирбитигэр бастакы сүбэһиппит, наставникпыт этэ. Мин киниттэн элбэххэ үөрэммитим, кини холкутун, өйтөн ааҕар дьоҕурун сөҕөрүм. Елизавета Николаевна Оҕо көмүскэлин күнүгэр кулууп сыанатыгар куруук Эллэй «Оҕо баар буолан» хоһоонун ааҕан истээччини барытын долгутара. Елизавета Николаевна нарын куолаһынан олус иэйиилээхтик этэн, истээччигэ хоһоону арыйан, ылыннарыылаахтык ааҕара билигин да харахпар көстөр курдук. Кини хас биирдии оҕоҕо ийэлии амарахтык сыһыаннаһара, намыын куолаһынан куруутун ыллыы-туойа сылдьара. Соторутааҕыта буолан ааспыт детсад үбүлүөйүгэр бииргэ үлэлээбит коллегалара, ветеран үлэһиттэр кинини олус истиҥник ахтыбыттара. Елизавета Николаевна ыытар кэнсиэрдэрин, группа оҕолорун тула намыын куолаһынан остуоруйа кэпсиирин, концепция саҕана олоҥхону үөрэтиитэ уо.д.а араас түгэннэри үөрэ-көтө ахтан, кэпсэтэн, санаабытын дуоһуйа үллэстибиппит.

Учууталбыт Трофим Васильевич Дулҕалаах оскуолатыгар, интернатыгар отуттан тахса физкультура учууталынан үлэлээбитэ. Сахалыы үөрэтии концепцията киирэригэр «Үрүҥ Уолан» предмети үөрэтэн, үгүс саҥаны олус хорсуннук киллэртэ. Кини «Дуулаҕа Уолан» диэн авторскай программаны айан, суруйан үлэлээбитэ. Олохтоох усулуобуйа, айылҕа уратытын, төрүт түөлбэ бултуур үгэстэрин, кистэлэҥнэрин, ньымаларын, үгэстэрин наардаан суруйбута: балыктааһын, бултааһын, сылгыны иитии. Уолаттары кыстыкка турар убаһаны иитии сатабылларыгар үөрэтэрэ, дьарыктыыра, үлэҕэ үөрэппитэ, ииппитэ.

Сайынын 1985-1990 үөрэх сылларыгар оҕолорго «Кустук» диэн сайыҥҥы үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырын үлэлэппитэ. Оҕолор лааҕырга оттоон, сопхуоска 1-2 миэстэлэргэ тиксэллэрин ситиспитэ.

Кини эдэр эрдэҕиттэн энтузиаст, олоххо көхтөөх учуутал этэ. Биһиги үөрэнэр кэммитигэр хайыһар, хаҥкы, тустуу, теннис, дуобат, кэлин ГТО туттарыыта барыта кини илиитинэн, үөрэҕинэн-такайыытынан ааспыта. Биһигини ахсыс кылааска диэри үөрэппитэ, физкультура маннык эбит диэн билбиппит. Кини майгыта сайаҕас, кэпсэтиилээх, күлүүлээх, оонньуулаах буолан олус сөбүлүүрбүт. Оҕоҕо – оҕо,кырдьаҕаска – кырдьаҕас буолан, дьоҥҥо сөбүлэтэрэ. Кини күллэриилээх, омуннаах кэпсээннэрин истэрбит, дуоһуйа күлэрбит.

Биһиги дьиэ кэргэн Трофим Васильевичка махталбыт улахан, кини салалтатынан оскуолаҕа тустуу секцията үлэлээбитэ. Мин убайдарым Михаил, Василий, бырааттарым Моисей, Валентин тустууга дьарыктанан, күрэхтэһиилэргэ сылдьан, бастакы кыайыы-хотторуу үөрүүтүн-хомолтотун билбиттэрэ. Кини уолаттар эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар, тулуурдаах, дьаныардаах буолууну, тустууга кыайыыга дьулуур суолун арыйбыт үтүөлээх. Михаил, Василий, Моисей тустууга спорт маастара буола үүммүттэрэ. Маҥнай тустууга үөрэппит, дьарыктаабыт учууталларын Трофим Васильевиһы куруук махталынан ахталлар.

Үөрэнээччилэр, спортсменнар эт-хаан өттүнэн сайдыылара, чэгиэн чэбдик туруктара, ситиһиилэрэ, бастакы айаннара, бэлэмнэниилэр, дьарыктар учууталтан, тренертэн балайда сыраны, үлэни, бириэмэни, болҕомтону ыллахтара. Маны таһынан, Трофим Васильевич ыччаты, нэһилиэнньэни оройуоҥҥа ыытыллар спортивнай күрэхтэргэ үгүстүк илдьэн кытыннаран, кыайан-хотон кэлэллэрэ.

Билигин да 83 саастаах учууталбыт олох үөһүгэр сылдьар. Верхоянскай куоракка дуобат кулуубун чилиэнэ, 2012 сылтан «Саха сирэ» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, Нвк-ҕа «Тэтим» радиоҕа Дьааҥы Дулҕалааҕыттан Доропуун өрүү олохтоох, сытыы ыйытыылаах, этиилээх кыттар. Трофим Васильевич чөл-чэбдик олох пропагандиһа. Кыһыннары-сайыннары скандинавскай хаамыы, айылҕалыын алтыһыы – кини күннээҕи дьарыга. Верхоянскай куорат төрүттэммитэ 385 сылыгар аналлаах ахсынньыга ыытыллыбыт «Түмүү-Үүнүү-Иитии» 2 Гражданскай форумҥа актыыбынайдык кыттан, сөхтөрдө, үөртэ. Экстремальнай марафоҥҥа 3 км сүүрэн, дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан ылла.

Трофим Васильевич педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириигэ туйгуна, «В.И.Ленин 100 сааһынан килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллээх, 50 сыл ыал буолбуттарын бэлиэтэ «За любовь и верность» анал бэлиэ хаһаайына.

Истиҥник саныыр, ытыктыыр дьоммун Елизавета Николаевнаны, Трофим Васильевиһы быйылгы Учуутал уонна Уһуйааччы, Үлэ сылынан истиҥник эҕэрдэлиибин! Баҕарабын саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, олоххо дьулууру, оҕолоргут, сиэннэргит тапталларынан арыалланан уһуннук, дьоллоохтук олороргутугар!

Лариса Васильевна Ноговицына, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ