Дьааҥы улууhун дьаhалтатын көҕүлээhининэн уонна өйөбүлүнэн сэтинньи ый 4 күнүгэр Дьокуускай куоракка үөрэнэр уонна үлэлиир Дьааҥы ыччаттарыгар аналлаах «Хайа сахата» диэн ыччат түмсүүтүн аатынан бэрт үчүгэй тэрээhин ыытыллан ааста. Тэрээhин «Үлэ кыбаартала» кластер уораҕайыгар ыытылынна. Бу киэҥ бырагыраамалаах тэрээhини Дьааҥы түмсүүтэ иилээн ыытта.
Урукку өттүгэр ыччаты кытта көрсүhүү үгэскэ киирбит «Дьааҥы күннэрэ» тэрээhин чэрчитинэн ыытыллар эбит буоллаҕына, бу тэрээhин уратыта – бүүс бүтүннүү ыччакка ананна.
Былырыын сэтинньи ый бүтүүтэ Хотугу Илиҥҥи өрөгүйүөҥҥэ аан бастакынан арыллыбыт «Үлэ кыбаартала» кластер киэҥ уораҕайыгар уопсайа 200-кэ ыччат, киhи муhунна. Дьааҥы ыччатын кытта көрсүhүү түhүлгэтигэр оройуон баhылыга В.М. Иванов үөрүүлээх тэрээhин бастакы түhүмэҕэр үөрэххэ, спорка, култуура эйгэтигэр бастыҥ көрдөрүүлээх ыччаттары улуус дьаhалтатын аатыттан эҕэрдэлээтэ. Дьааҥы иннигэр кылааттарын киллэрбит уонна Ийэ дойдуларын иннигэр хорсун быhыыларын иhин анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар Адыаччы нэhилиэгин ыччатыгар Денис Арьяновка, Дулҕалаахтан Айаал Ермолаевка, Боронуктан Дмитрий Гороховка, Боруулаахтан Максим Алексеевка, Табалаах ыччаттарыгар Евгений уонна Владимир Потаповтарга, Верхоянскай куораттан Евгений Мироновка уонна ХИФУ Наукаҕа уонна инновацияҕа дэпэртээмэнин дириэктэригэр Нинель Малышеваҕа, Олоҥхо тыйаатырын артыыһыгар Мария Михалеваҕа «За вклад в развитие района» бэлиэлэри туттарда. Саха сиригэр уонна Арассыыйа иhинээҕи араас таhымнаах спортивнай күрэхтэргэ бастыҥ көрдөрүүлээх спортсменнар Махтал суруктарынан уонна Бочуот кырааматынан наҕараадаланнылар.
Тэрээhиҥҥэ СӨ Суолга хаhаайыстыбатын Бочуоттаах үлэhитэ Сергей Афанасьевич Сивцев уонна «Дьааҥы сирин уратылара» диэн лиэксийэтинэн СӨ култууратын Үтүөлээх үлэhитэ Виктор Павлович Стручков уонна улуус дьаhалтатын, куоракка олорор биир дойдулаахтар түмсүүлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, тэрийээччилэр кыттыыны ыллылар.
«Хайа сахата» аатынан биллэр Дьааҥы ыччатын түмсүүтүн кыттыылаахтара Арассыыйа суруйааччыларын сойууhун чилиэнэ, «Айыы Кыhата» гимназия саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Рустам Каженкин бэлэмнээбит олус сэргэх «Квиз-плиз» диэн интеллектуальнай оонньуутугар көхтөөхтүк кытыннылар. 9 камаандаттан суордаахтар бастакы миэстэни, чөрүмчэлэр иккис уонна Дьааҥы куоратын ыччатын хамаандата үhүс бочуоттаах миэстэни ылбыттарын, кыттааччылар, хамаандалар кубоктарынан, анал кырааматаларынан, харчынан наҕараадаламмыттарын туhунан Дьааҥы улууhун дьаhалтатын аатыгар уонна биир дойдулаахтарын түмсүүтүгэр махтанан туран, Суордаах нэhилиэгиттэн сылдьар АГАТУ (урукку Тыа хаhаайыстыбатын академията) «Теплотехник» идэтигэр III кууруска үөрэнэ сылдьар устудьуон Владимир Васильев иhитиннэрдэ.
Владимир Васильев: «Бу ааспыт тэрээhин туhунан кэпсиир буоллахха, Дьааҥы ыччатыгар туhунан диэн аан маҥнайгытын ыытыллар эбит. Улууспут землячествота олус учүгэйдик тэрийэн ыытта – кэнсиэр көрдөрөн, аhатан, оонньотон. Онон бары дуоhуйа сынньанныбыт.
Бэйэм биир сыл курдук Дьааҥы улууhун «Хайа сахалара» эдэр ыччат түмсүүтүн салайааччыта буола сылдьыбытым. Билигин даҕаны араас тэрээhиннэргэ улууhум аатын доргуччу ааттата сылдьабын. Ковид кэмнэригэр түмсүү диэн суох буола сылдьыбыт эбит этэ, үс сыл курдук. Эдэр ыччат хайаан да түмсүүлээх, мустуулаах булуоҕун наада диэн, биир дойдулаахтарбын түмэн, иккис тыын биэрбитим диэххэ сөп. Бэйэм тустуунан, хапсаҕайынан, футболунан, многоборьенан уонна быраабылата суох киирсии көрүҥэр утумнаахтык дьарыктана сылдьабын.
Кыра эрдэхпиттэн географияны уонна историяны олус интэриэhиргиибин. Оскуолаҕа 9 уонна 11 кылаастарга эксээмэннэрбин туттарбыт предметтэрим буоланнар, күрэх ыйытыктарын үксүн билэр этим. Хамаандабар наадалаах очукуолары аҕалтаатым дии саныыбын. Маннык тэрээhиннэр ыытыллаллара улууспут манна үөрэнэр, үлэлиир ыччатын сомоҕоhуулаах буоларга тирэхтиир. Онон тэрийээччилэргэ барыларыгар Дьааҥы ыччатын аатыттан улахан махталбын тиэрдэбин!»
М.К. Аммосов аатынан Хотугу Илиҥҥи Федеральнай үнүбүрсүтүөт педагогическай үнүстүтүүтүн бастакы кууруһун устудьуона Анастасия Чирикова санаатын үллэстэр:
«Биир дойдулаахтар ыччаттарыгар аналлаах көрсүhүү таhымнаахтык ааста. Дьааҥыттан сылдьар ахтыбыыстары, араас эйгэҕэ ситиhиилээх дьону көрөн, элбэх да киэн туттар дьоннордоохпут диэн астынным. Маннык тэрээhиннэртэн киhи мотивация ылан, төрөөбүт улууhун доргуччу ааттыан, үөрэххэ, үлэҕэ элбэҕи ситиhиэн баҕарар эбит. Кылгатан эттэххэ, «Хантан сылдьаҕын?» диэн ыйыттахтарына төрөөбүт улууhум туhунан киэн тутта кэпсиэҕим.
Тэрээhиҥҥэ улахан аҥаарбыт араас үөрэххэ быйыл киирбит бастакы куурус устудьуоннара этибит. «Квиз-плиз» диэн хамаанданан күрэххэ кытынным. Бу күрэхтэн Дьааҥыбыт туhунан элбэги иhиттибит, биллибит. Тэрээhиҥҥэ элбэх билэр оҕолорбун көрсөммүн дойдубар сылдьар курдук санаммытым. Маннык тиэмэлээх, туhалаах элбэх тэрээhиннэр уонна улууска үлэлиир ыччакка аналлаах ыччат форума ыытыллыахтарын баҕарабын».
Дьокуускайга үөрэнэр уонна үлэлиир Дьааҥы ыччатыгар аналлаах «Хайа сахата» диэн үтүө ыллыктаах тэрээhин ыытыллыбытыттан ыччаттар «Дойдубар сылдьар курдук санаатым» диэн санааларын үллэhиннилэр. Ыччат дьонноох Дьааҥы сирэ үлэhит дьонунан киэн туттар. Дьокуускайга олорор, үлэлиир ыччат дьон улуус инники сайдыытыгар биллэр кылааты киллэрэн суол тэлэр кыахтаахтарын бу тэрээhин ис тыына кэрэhэлээтэ. Даҕатан эттэххэ, бүгүн төрөөбүт улуустарын тыатын хаhаайыстыбатыгар, олох-дьаһах хаhаайыстыбатыгар, үөрэх, култуура, доруобуйа харыстабылын – үлэ бары эйгэтигэр үгүс ыччат үлэлиир, кинилэр үүнэр көлүөнэҕэ куруук үтүө холобур буолаллар. Ол туhунан устудьуоннар этэн аhарбыттара хайҕаллаах.
Раиса Чирикова