“Дьиэ кэргэн баарын тухары биир ньыгыл дойду аатын ааттата туруохпут турдаҕа”

Адыаччытааҕы «Кэскил» уһуйаан сэбиэдиссэйэ Константин Каженкин:

Кэлэр 2024 сыл Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ, оттон СӨ Ил Дарханын анал этиитигэр кэлэр сылы Оҕо саас сылынан биллэрдэ.

 

Онон, кэлэр сылга дьиэ кэргэҥҥэ улахан өйөбүл, оҕо бары эйгэҕэ сайдарыгар элбэх үлэ, саҥа сонун бырайыактар ыытыллыахтара диэн эрэнэбин. Дьиэ кэргэн баарын тухары, оҕо сөптөөх үөрэххэ, оскуолаҕа, уһуйааҥҥа сайдарын тухары эрэллээх, үйэлээх биир ньыгыл дойду аатын ааттата туруохпут турдаҕа.

Читайте дальше