XVI-тыс өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕа от ыйын 1 уонна 2 күннэригэр Саха сирин эмиэ биир тымныытынан аатырбыт Өймөкөөн улууһугар бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллан ааста. Өймөкөөн Томторугар «Көмүс күрүө» сиригэр уопсайа биэс тыһыынчаттан тахса киһи «Айыы санаа айана» Олоҥхо Ыһыаҕар ыалдьыттаатта, түһүлгэлэринэн ыытыллыбыт киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэри көрдө. Ыһыах түһүлгэлэригэр 80-тан тахса араас тэрээһиннэр ыытылыннылар, «Дугуйа Бөҕө» испэктээк-олоҥхо премьерата туруорулунна, олоҥхону ааҕыы марафона, уустар, оһуохай, тойук күрэхтэрэ, ат толору киэргэлэ-симэҕэ көрдөрүлүннэ, саха төрүт спортивнай оонньууларын көрүҥнэригэр күүстээхтэр, сымсалар күрэхтэстилэр. Икки күннээх улуу тунах Ыһыаҕын онтон да атын түһүлгэлэригэр өрөспүүбүлүкэ, улуустар чулуулара кыахтарын көрдөрдүлэр. Дьааҥыттан 20 киһилээх дэлэгээссийэ баран кыттан кэллэ.
Төрүт өбүгэбит үйэлэргэ илдьэ кэлбит нэһилиэстибэтин, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиксэрбит уус-уран айымньытын – Олоҥхону толорууга 200-тэн тахса киһи кытынна, саастарынан бөлөхтөрүнэн араарыллан күрэхтэстэ: 4 — 17 саастаах оҕолорго 50-тан тахса оҕо, 35-гэр диэри саастаах эдэрдэргэ 28 ыччат кытынна, 35 үөһээ саастаахтарга 58 толорооччу кытынна. Олоҥхону толорууга оҕолор, ыччат уонна улахан дьон диэн арааран сыаналаатылар, сүрүн кыайыылаахар, кэскиллээхтэр ааттаннылар. Бастыҥнар ааттарын түмүктүүр түһүлгэҕэ наҕараадалары Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков туттарда.
XVI-тыс өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕын «Уруйдан улуу Олоҥхобут!» олоҥхону толоруу Кылаан кыайыылааҕынан Таатта улууһуттан Алексей Николаевич Николаев ылан Гран-при хаһаайынынан ааттанна, 700 тыһыынча суумалаах харчы сэртэпикээтинэн наҕараадаланна.
Лауреат бастакы үрдэлин кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан Василина Васильевна Баланова, лауреат иккис үрдэлин кыайыылааҕынан Уус Алдан улууһуттан Анфиса Павловна Авелова уонна үһүс үрдэлин кыайыылааҕынан Аллайыаха улууһуттан Максим Ильич Дуткин буоллулар.
Эдэр ыччат толорооччуларга Мэҥэ Хаҥалас улууһун олоҥхону толорооччута 22 саастаах Марфа Фёдорова кыайда, 300 тыһыынча солкуобай харчы сэртэпикээтин тутта.
«Уруйдан улуу Олоҥхобут!» оҕо олоҥхо толорооччулар түһүлгэтин күрэҕэр Дьааҥыттан Снежана Бурцева Кылаан чыпчаал буолла. Снежана «Күн түспэтэх көмүс хайатын үрдүгэр күөлэһийэн үөскээбит, ый түспэтэх алтан хайатын үрдүгэр дьаалытынан тараадыйан үөскээбит Күн Күөһэҥсэ бухатыыр» диэн Ийэ олоҥхоһут Дария Андреевна Томская – Чайка олоҥхотун толорон төрөөбүт Дьааҥыта олоҥхо толоруута кэскиллээҕин көрдөрдө. Уһуйааччыта Саха өрөспүүбүлүкэтин биир биллэр олоҥхоһута, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Мария Афанасьевна Стручкова –Томская. Снежана олоҥхонон дьарыктаммыта быйыл иккис эрэ сыла. Былырыын Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕар оҕо түһүлгэтин күрэҕэр иккис Үрдэл хаһаайына буолбута.
Даҕатан эттэххэ, Олоҥхо – саха норуотун баайа, норуот өйүн-санаатын чыпчаала буолан иитэр кыаҕа ураты күүстээх, үөрэнээччини кыра сааһыттан толкуйдуур, истэр-көрөр дьоҕурун сайыннарар, өйү-санааны хаҥатар кыахтаах. Олоҥхо нөҥүө саха олоҕун устуоруйатын анаарыы көстөр, киһилии сиэргэ-майгыга, үтүөҕэ иитэр суолталаах. Бу улуу айымньы уобарастара киһи олоҕун устата буолар олох философиятын көрдөрөллөр. Олоҥхону толорооччу олоҥхо тылын кубулуйбат халыыптарынан, ол эбэтэр олуктарынан хаамтаран кэпсиир. Таарыйан эттэххэ, ааспыт, былыргы кэмнэргэ олоҥхоһут ыҥырыыга сылдьар ытык ыалдьыт буоларын туһунан истэбит – кини хастыы да күннээх олоҥхотун саҥаран-иҥэрэн, ыллаан-туойан толоруута уһулуччу ураты буолан истээччи сэргээн «Ноо!» диэн аллайдаҕа. (Оччолорго киинэ, кинигэ, тэлэбиисэр суох (өйгө да суох) кэмнэригэр дьон ойуулаан көрөр кыаҕа күүскэ сайдыбыт да буолан олоҥхону истэллэрэ киинэ кэриэтэ буоллаҕа). Аныгы кэм истээччитин ылыннарар гына турукка киирэн олоҥхолооһуну чахчы да айылҕынан бэриллибит кыахтаах киһи толорор.
Олоҥхо Ыһыахтарын биир ирдэбилин көстүүтэ – олоҥхо толорооччуларга олоҥхоһуту көрүү, олоҥхоһут аатын үйэтитии. Күрэх түмүгүнэн Чыпчаал кыайыылааҕа, Үрдэллэр, Анал ааттар бэлиэтэниилэрэ Өбүгэ хаалларбыт нэһилиэстибэтин – Улуу айымньы үйэлээҕин, кэскиллээҕин бигэргэтэллэр.
«Уруйдан улуу Олоҥхобут!» күрэх кыайыылаахтарын таһынан олоҥхо толорооччулар «Олоҥхо сэһэнин сүнньүн тутааччы», «Олоҥхо этиитин тэтимэ», «Олоҥхо ырыатын дэгэтэ», «Уһун тыыннаах», «Дорҕоон тойуктаах», «Кылыһах ырыалаах», «Түһүлгэлээх олоҥхоһут», «Кэскиллээх олоҥхоһут», «Удьуор утумун тутар», «Түөлбэ олоҥхоһут», «Олоҥхо тылын ууһа» уонна «Истээччи биһирэбилэ» диэн анал ааттарынан наҕараадалаатылар. Г.Г. Колесов аатынан уонна Олоҥхо Ассоциация анал бириистэринэн наҕараадаланнылар. Таастаах Дьааҥыттан олоҥхо күрэҕэр сылтан сыл олоҥхо толорооччу ахса эбиллэрэ үөрдэр. Ол курдук, үөһээ этиллибитин курдук оҕо олоҥхо толорооччу Кылаан чыпчаал кыайыылааҕа Снежана Бурцева улууска улахан үөрүүнү аҕалла.
Улахан дьоҥҥо Прасковья Николаевна Антонова «Көрөөччү биһирэбилэ» анал аатынан бэлиэтэннэ, Саргылана Семеновна Слепцова күрэх таhынан кыттан харчынан наҕараадаланна.
Олоҥхону толорооччулар олоҥхо персонажтарынан оруолланан Орто Дойду олоҕун үтүөтүн, мөкүтүн, үрүҥүн, хараҥатын ханнык баҕарар истээччигэ тиэрдэр гына киэҥник, дириҥник ойуулаан кэпсээн, ыллаан-туойан толороллор. Олоҥхо күрэҕин иккис түһүлгэтинэн олоҥхону бөлөҕүнэн толоруу ыытылынна. Күрэх түмүгүнэн Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин «Дьохсоҕон олоҥхоһуттара» бөлөх Лауреат бастакы Үрдэлинэн наҕараадаланнылар. Лауреат иккис Үрдэлэ – «Умсулҕан бөлөх», Чурапчы улууһа, лауреат үһүс Үрдэлэ – «Ай-тыл» бөлөх, Нам улууһа ыллылар.
Бөлөҕүнэн толоруу анал ааттара: «Олоҥхо тылын ууһа» – «Кылыһах» бөлөх, Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэ; «Удьуор утумун тутан» – «Дьолуо бөлөх», Таатта, Ытык Күөлэ; «Истээччи биһирэбилэ» – «Оллоон бөлөх», Амма улууһугар; «Кылыһах ырыалаах» – «Уйусхан» бөлөх, Ньурбаларга; «Түөлбэ олоҥхоһут» – «Куйаар дьүрүскэнэ» бөлөх Өймөкөөн улууһугар; «Олоҥхо сэһэнин сүнньүн тутааччы» – «Түһүлгэ түһүмэхтэрэ» бөлөх, Таатта улууһун олоҥхоһуттарын бөлөҕөр иҥэрилиннилэр. Ону тэҥэ «Олоҥхо ырыатын дэгэтэ» – «Тааһагар олоҥхоһуттара» Бүлүү бөлөҕөр, «Түһүлгэлээх олоҥхоһут» – Уус Алдан олоҥхоһуттарыгар, «Олоҥхо этиитин тэтимэ» – «Күн сандаар» бөлөх, Дьокуускай куорат бөлөҕөр уонна В.О. Каратаев аатынан анал аат «Аар Дьаҕыл» Бүлүү куоратын олоҥхоһуттарын бөлөҕөр иҥэрилиннилэр.
Оттон талан ылбыт тиэмэҕэ тута хоһуйуу түһүлгэтигэр Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Уус Алдан олоҥхо олорооччулара үс бастакы Үрдэл хаһаайыттарынан буоллулар. Онтон атын кыттааччыларга эмиэ анал ааттар иҥэрилиннилэр.
Онон быйылгы XVI-тыс өрөспүүбүлүкэтээҕи «Айыы санаа айана» Олоҥхо Ыһыаҕын олоҥхо толорооччуларын саҥа ааттара Олоҥхо Ыһыаҕын устуоруйатыгар киллэрилиннилэр.
Ыһыах түмүктүүр кэтэһиилээх түһүлгэҕэ Өймөкөөн улууһун баһылыгын э.т. Александр Иванов Ытык Дуоҕаны эһиил Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар Амма улууһун баһылыгар Степан Кузьмиҥҥа туттарда.
Дьааҥылар «Айыы санаа айана» XVI-тыс өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕын бары түһүлгэлэригэр көхтөөхтүк кыттан алта ый тымныылаах, орулуур кыһыннаах Таастаах Дьааҥы саха улуутуйан үөскээбит Дойдута буоларын чахчы да чиэстээхтик кэрэһэлээбиттэринэн улуус дьоно-киһитэ киэн тутунна.
Раиса ЧИРИКОВА
Читайте также…
Окко киирии саҕаланна
Бу сааhы быhа төhө да тыалырдар, ходуhаларга олорон хаалбыт былырыыҥҥы мотуох уута куурбатын, быйыл да оттуурга кэккэ ыарахан сайын кэлбитин…