Николай Герасимович Божедонов – Дьааҥы олохтооҕо, Адыаччыттан төрүттээх, үлэ, тыыл бэтэрээнэ. Норуот үөрэҕириитин туйгуна, олоҕун 50-ча сылын оскуолаҕа анаабыт биллиилээх учуутал.
Кини 1932 c. ыам ыйын 22 күнүгэр – Ньукуолун таҥара күнүгэр чээл күөҕүнэн долгуннуран кэрэ сайын кэлэр дьиктилээх кэмигэр Адыаччы нэһилиэгэр Алыһардаахха Ынахсыт өтөҕөр элбэх оҕолоох дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Саха ыалын үгэһинэн тоҕуста оҕоломмуттарыттан эдьиийинээн Мария Герасимовналыын иккиэйэх хаалан киһи-хара буолбуттара. Николай оҕо эрдэҕинэ олус кыра-куйа киһи эбитэ үһү. Ийэтэ, Мария Петровна Яркова ыарыһах буолан, эбэлээх эһээтигэр иитиллэ бэриллибитэ, онно от сыарҕатыгар тиэллэн барарыгар оҕонньор куобах бэргэһэтин иһигэр батар киһи айаннаабыта үһү диэн ахтан күлэн ааһаллара. Оскуолаҕа киирэрин саҕана аҕатыгар кэлбитэ, ийэтэ кини үс саастааҕар өлбүтэ. Үлэһит киһиттэн үөрэхтээх киһи тахсар. Сэрии кэннинээҕи аҕа көлүөнэ кырдьык даҕаны түбүктээх үлэни билбит дьон. Николай Герасимович оҕо эрдэҕиттэн ханнык да үлэттэн туора турбатаҕа.
1939 с. оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Маҥнайгы учуутала Николай Федорович Неустроев, бэрт холку, сымнаҕас майгылаах, оҕо-аймах сөбүлүүр киһитэ этэ. Сэрии саҕаланан олох кытааппыта, ас-таҥас олус кэмчи этэ, аччыктааһыны киһи ааҕан сиппэт. Сэрии иккис сылыгар саас олус аччыктааһын кэмигэр нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Чириков Евграф Дмитриевич холкуостар бэрэссэдээтэллэригэр дьаһал биэрэн, хас биирдии үөрэттэрэр оҕотугар аһынан хааччыйарыгар сорудахтаан, ас бэриллэн киһи-хара буолбуттара. Учууталлара өстөөҕү кыайар туһугар үөрэххитин кичэйиҥ диэтэхтэринэ, оҕолор кыһаллан үөрэнэллэрэ. Сэрии үһүс сылыгар эдэр учууталлар Д.Х.Васильев уонна А.Д.Чирикова кэлэн үөрэппиттэрэ. Эдэр учууталлар буолан, переменаҕа оҕолору кытта тэҥҥэ оонньууллара. Математикаҕа элбэх билиини Петр Егорович Жирков биэрбитэ, бу предметы олус сөбүлээн үөрэтэрэ. Оҕолор математикаҕа анаан анал хаһыат таһаараллара. Учуутала Д.Х.Васильев Николайы инники олоҕун математиканы кытта ситимнииригэр баҕарара. Адыаччы оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан Кыайыы күнүн көрсүбүттэрэ, киһи барыта сирэйдиин-харахтыын сырдаан, бу үөрүүлээх күн үйэ тухары өйдөрүгэр хаалбыта. Оскуолаҕа миитин буолбута, киһи бөҕө мустубута. Дьон үөрэн «ураа» хаһыы буолбуттара. 1944с. алын сүһүөх начаалынай оскуоланы бүтэрэн Боруулаах оскуолатыгар салгыы үөрэнэ барбыта. Оскуолаҕа пионер саҕаттан төлөннөөх актыбыыс пионер этэ. Боруулаахха үөрэнэ сылдьан учууталларга көмөлөһөн оҕолору математикаҕа эбии дьарыктыыра. Николай Герасимович кыра эрдэҕиттэн математиканы олус собүлүүрэ, умсугуйан туран дьарыктанара. Салгыы Верхоянскай куорат орто оскуолатыгар үөрэммитэ. Бу сылларга албан ааттаах хомсомуол чилиэнэ буолан, Учком бэрэссэдээтэлэ буолбута. Оскуолаҕа бэйэни салайыныы үрдүк таһымнаахтык үлэлиирэ.
Үлэһит киһиттэн үөрэхтээх киһи тахсар. Сэрии кэннинээҕи аҕа көлүөнэ кырдьык даҕаны түбүктээх үлэни билбит дьон. Николай Герасимович оҕо эрдэҕиттэн ханнык да үлэттэн туора турбатаҕа.
1953 сыллаахха Саха Государственнай учительскай институтун физика-математическай факультетыгар үөрэнэ киирэр. Математика уонна физика предметтарыгар олус үчүгэйдик үөрэммитэ. Кини 1955 с. үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, төрөөбүт дойдутугар, үөрэммит Адыаччытын оскуолатыгар учууталынан үлэлии кэлбитэ. Адыаччы оскуолатыгар үйэ аҥаарыттан ордук кэм үлэлээбитэ. Ханнык да үлэттэн толлубакка барытыгар ымпыгар-чымпыгар тиэрдэр үгэстээҕэ.
1955 сылтан Адыаччыга палеонтологическай музей тэрийэргэ сорунар. Дойдутун тыаларын, кэлин улууһун атынан, сатыы кэрийэр, отун-маһын үөрэтэр. Инник сырыыларга сылдьан араас кыыл уҥуохтарын, муостарын булар. Онтун хомуйан аҕалан үөрэтэр. Кэлин оҕолору угуйар.
1958с. бастаан музей муннуга тэриллэр. Ийэ айылҕабыт тыынннаах мөссүөнүн, кэрэ тыынын этигэр-хааныгар иҥэринэн, сүрэҕэр – быарыгар киллэринэн, өйүнэн санаатынан ылынан, сылаас тыыныгар сууланан, бу олоххо туох кэрэни, саҥаны билбитэ, туохха үөрэммитэ барытыгар Аар айылҕаҕа махтанар, сүгүрүйэр, итэҕэл оҥостор. Музей муннуга сылтан сыл тэнийэн, байан, аатыран испитэ. Николай Герасимович аныгы техническэй прогреһы өтө көрбүт курдук Эһэ-Хайа шахтатыгар, автобазаҕа, 418 нүөмэрдээх обогатительнай фабрикаҕа оҕолору сүүмэрдээн сааскы каникулга экскурсияҕа илдьэрэ, үөрэх сыла бүтүүтэ айылҕаҕа нэдиэлэнэн сылдьаллара. Палеонтологическай хайысхалаах оскуола музейыгар экспонат хомуйтарара, көмөлөһөөччүлэрэ актыыбынай комсомолецтар этэ. Сэдэх булуулар – зоргелия кыыл уҥуохтара көстүбүттэр. Зоргелия 400 тыһыынча сыл аҥараа өттүгэр үөскүү сылдьыбыт. Бу кыыл уҥуоҕун маҥнай ниэмэс ученайа Зоргель Среднэй Пруссияҕа булбут. Төбөтүн, сото уҥуохтара Адыаччыга булуллубуттар. Сорох уҥуохтарын Москва музейыгар ыытыллыбыт. Москва уонна Германия музейдарын кытта суруйсубута. Саха сиригэр, Арассыыйаҕа, аан дойдуга палеонтологическай экспонаттарынан биллэр музей буоларыгар күүһүн-күдэҕин, сыратын уурбута.
Кини олохтоох партийнай кэмитиэт сэкирэтээринэн, дьокутаатынан, пропагандиһынан, быыбар хамыыһыйатын чилиэнинэн өр сылларга үлэлээбитэ. Николай Герасимович күн бүгүнүгэр диэри сэһэҥҥэ, номоххо киирбит оҕо-аймах таптыыр, сөбүлүүр учуутала. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Айылҕа харыстабылын Бочуотун Грамотатынан, Махтал суругунан бэлиэтэммитэ. Кини Саха сиригэр биллибит уһуйааччы, эколог, кыраайы үөрэтээччи, Дьааҥы чаҕылхай патриота.
Адыаччыга биэс сиргэ кыра ГЭС-тэри, биир сиргэ кытыкка тутарга өссө 1937-38сс. былааннаабыттар эбит. Ленинградтааҕы гидрометеорологическай сулууспа бырайыактыыры туруорсан үлэлээбитэ. Биһиэхэ ГЭС тутуллар сураҕа бастаан 1961с. иһиллибитэ. Мас кэрдиитэ саҕаламмыта. Нэһилиэкпитигэр биир да тутууну ыыппатахтара.
Адыаччы төрдүгэр ГЭС тутуллар бырайыага оҥоһулла сылдьарыттан нэһилиэнньэ аймаммыта. Адыаччы, Боруулаах нэһилиэктэрин сирэ бүтүннүүтэ муораҕа тимириэхтээҕэ. 1988с. Моисей Ефимов «Дууһам аймалҕана» поэмата бэчээттэммитэ. Ити сыл балаҕан ыйын 22 күнүгэр нэһилиэк мунньаҕа ыытыллыбыта. Кулууп саалатыгар толору киһи мустубута. Онно Моисей Ефимов поэматыгар олоҕуран, «төрөөбүт айылҕабытын харыстыахха» диэн Николай Герасимович туруорсубута. Мунньаҕы иилээн – саҕалаан ыыппыт Н.Г.Божедонов уот – кылыс тыла – өһө уонна улахан утарсыылаах, киһи сүрэҕин долгутар үгүс тыл этиллибитэ.
«Биһигини төрөөбүт сирбититтэн огдолутуунан эрэ ити бүппэт, самаан сайыммытыттан букатын мэлийэбит. Ити үөскүөхтээх муора кыһын өргө диэри тоҥмокко туманынан алгыйа сытыа, тулалыыр эйгэ бүтүннүү мууһунан сабыллыа. Ол, Дьааҥы курдук, эрдэ кэлэр кыһыннаах дойдуга уулбата биллэр», — диэн ылыннарыылаах тыллары эппиттэрэ. ГЭС тутулуннаҕына айылҕаҕа хайдах курдук элбэх хоромньу тахсыаҕын ис дууһаттан санаа – оноо оҥостон, эрдэттэн ааҕан – суоттаан, дьиксинэр санааларын тоҕо тэбээбиттэрэ, айылҕа харыстабылыгар анаан 9 киһилээх хамыыһыйа тэриллибитэ. Адыаччы ГЭС–н проблематынан 17 научнай – чинчийэр институт дьарыктаммыта. Поэманы ырытааччылар дьон санаатын таба тайаммыт, ГЭС тутулларын утаралларыгар улахан көмө – тирэх, төһүү күүс буолбут айымньыны биир дойдулаахпыт суруйбутугар олус улахан махталларын этэн тураннар, норуот барыта аахтын диэн, нууччалыы тылбаастаан кинигэ оҥорон бэчээккэ таһаартарарыгар баҕа санааларын тиэрдэргэ эппиттэрэ.
Саха сирин народнай поэта М.Д.Ефимов «Дууһам аймалҕана» диэн поэмата нэһилиэнньэҕэ төһүү буолан, дьиҥнээх ис санааларын арыйан, утарсыы модун күүһүн укпута. Дэлэҕэ да республика хаһыатыгар «Эдэр коммуниска» общественнай корреспондент Н.Егоров «Поэт куолаһын өйүүллэр» диэн ыстатыйа таһаарбыта. М.Ефимов хас эмэ нэһилиэк (Адыаччы, Табалаах, Боруулаах) дьоно Адыаччыга ГЭС тутуллуннаҕына төһөлөөх айманарын, туох хоромньу тахсыахтааҕын өйдөтөн туран, элбэх ыстатыйа суруйбут патриот – суруйааччы буолар. Мунньах кыттыылаахтара Адыаччы өрүс сүнньүгэр олохтоохтор ааттарыттан ГЭС ити өрүскэ тутулларын утарсалларын биллэрдилэр. Горбачевка, Ельциҥҥэ телеграмма ыыппыттара. Онно олохтоох нэһилиэнньэ утарсыытынан, 1988с. алтынньы 28-29 кк. Дьокуускай куоракка Адыаччытааҕы ГЭС бырайыагар айылҕа харыстабылын тиэмэтигэр чинчийэр үлэлэр туолууларыгар координационнай конференция буолбута. Экология уонна уу проблемаларын Хабаровскайдааҕы института 1988-90 сылларга Адыаччы өрүс уутун толору химическэй аналиһын оҥорбута. Адыаччы уутугар ыарахан металлар састааптара элбэҕэ. Адыаччытааҕы ГЭС бырайыагар айылҕа харыстабылыгар Адыаччыны быыһыыр телемарафон ыытыллыбыта. Норуот кыайбыта, 1991с. кулун тутарга ССРС тутууга миниистирэ Б.Н.Ельцин дьаһалынан, Адыаччытааҕы ГЭС тутуута тохтотуллубута. Николай Герасимович бу үлэҕэ сүрүн оруоллаах этэ. Кини төрөөбүт Адыаччытын айылҕатын туохтааҕар да харыстыыра, сөбүлүүрэ.
ГЭС тутуллубута буоллар, айылҕаны харыстыыр үлэлэри ыытыа суоҕа этилэр. Ол содулугар Верхоянскай оройуонун үс улахан үрэхтэрин уутун ыарахан металларынан сутуйуллар кутталлаахтара. Сартаҥ үрэҕин баһын диэки элбэх үрүҥ көмүс уонна полиметаллар бааллар, олору хостоотохторуна, мышьяк сутуйуо этэ. Дулҕалаах сүнньүгэр баар металлартан саамай кутталлааҕа – ыһылла сытар ртута, сибиниэс, полиметаллар аргыс дьааттара. Дьааҥы өрүһүн үс улахан салааларын барытын мунньан-тараан, ыарахан металларынан Верхоянскай, Усуйаана оройуоннарын нэһилиэнньэлэрин барытын дьаатынан сутуйар кутталааҕа. Ону ааһан, Хотугу муустаах акыйааҥҥа түһэн, аан дойду хотугу зонатын бүтүннүү сүһүрдэр кутталлааҕа.
Николай Герасимович нэһилиэгэр ГЭС тутуутун утарар мунньахтары хас да төгүл ыыппыта. Адыаччыны быыһыыр общественнай экологическай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Кинилэр үлэлэригэр Саха сирин уонна Новосибирскай учуонайдара сүбэ-ама буолбуттара. Нэһилиэк дьоно элбэх көмөнү оҥорбуттара. Саха сирин учуонайдара нэһилиэк кыһалҕатын кыһалҕа оҥостон Адыаччыга уонна Табалаахха кэлэн мунньахтары ыыппыттара. Кинилэр өҥөлөрүн нэһилиэк дьоно умнубаттар.
Адыаччы нэһилиэгин олохтоохторо, 1978-1995сс. Адыаччытааҕы кыһыл көмүһү хостуур бириискэ ыксары үлэлээбит бириэмэтигэр, ыалдьар дьон үгүс өттө рак ыарыы араас форматынан ыалдьан өлөрө элбээбитэ. Адыаччытааҕы бириискэ саамай үгэннээн үлэлээбит 1991-1995сс. Адыаччы нэһилиэгэр ыалдьан 42 улахан киһи өлбүтүттэн, 33 киһи рак ыарыы араас көрүҥүнэн ыалдьан өлбүтэ. 1990-2004сс. Адыаччы нэһилиэгэр 135 улахан киһи ыалдьан өлбүтүттэн – 82 рак ыарыыттан. Бу сылларга тымыр, сүрэх, тыҥа ыарыыларынан 13 киһи ыалдьыбыт. Бу үксэ иһэр уубут уонна тыынар салгыммыт куһаҕаныттан. Николай Герасимович кэтээн көрүүтүттэн ылыллыбыт даннайдар.
2009 c. Николай Герасимович салайыытынан Кеша Стручков Тайбаан арыыга (остров Тайвань) ыытыллыбыт Аан дойдутааҕы форумҥа «Адыаччы өрүһүн бассейныгар плейстоцент биир мөлүйүөн сылларга үөскээбит үүтүнэн иитиллээччилэрэ» диэн тиэмэҕэ научнай дакылаатын английскайдыы тылынан оҥорбутун аан дойду палеонтологияҕа дьарыктанар үгүс учуонайдара, профессордара сэҥээрбиттэрэ. Форумҥа Кеша бочуоттаах үһүс миэстэни ылан, наукаҕа аан дойду кыайыылааҕын дипломунан наҕараадаламмыта. Адыаччы этно-палеонтологическай музейыгар сир үрдүттэн симэлийэ сүппүт, сүүһүнэн тыһыынча сыл анараа өттүгэр үөскүү сылдьыбыт 17 кыыл 275 араас уҥуоҕа хараллан сыталлар, ону таһынан археология, палеонтология, история, этнография, биология салааларыгар аналлаах 1019 экспонат баар. Оҕолор былыргыны, аныгыны анааран үөрэтэллэригэр, киһи быһыытынан сиэдэрэй дууһалаах буола иитиллэллэригэр көмөлөөх экспонааттар.
Кини араас таһымнаах мунньахтарга куруук маннык туруорсара: «Киһи олоҕо, доруобуйата ханнык да сир баайынааҕар күндү буолуохтааҕын салайааччыларбыт таба өйдөөн туран, индустрия научнай-техническай төрүттэрин ирдэбилэ сөп түбэһэр гына оҥорторор улэни ыыттаралларыгар модьуйабыт». «Саха оҕотун үөрэххэ сирдээбит, үөрэнэр дьолу биэрбит сэбиэскэй былаас, улуу Ленин этэ диирбиттэн астынабын, киэн туттабын», — диэн кини куруук ахтара.
Николай Герасимович этэрэ: «Тулалыыр айылҕатын, дьонун-сэргэтин, олорор эйгэтин, сирин-халлаанын кытта сөптөөхтүк алтыһар, эт-тыын атастаһар буоллаҕына, киһи бэйэтин кута чөл буолар.
Дьол диэн – эн үлэҕин дьон-сэргэ сэргээһинэ, сыаналааһына. Дьол диэн – олох, оҕо, таптал. Бэйэҥ олоххун таптыыр буоллаххына, ол аата эн дьоллооххун. Мин толору дьоллоох киһибин».
Күн бүгүҥҥэ диэри ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ улахан кылаатын уурбут эколог педагог буоларыттан киэн туттабыт.
Корнилова Любовь Владимировна, Россия иитиигэ уонна үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, Адыаччы оскуолатын физика учуутала, Адыаччы нэһилиэгэ