Боронукка сайдыы бара турар

Хоту сир кылгас сайынын баттаһан кыстыкка киириигэ үлэ ыытыллар. «Бабушкинскай нэһилиэк» социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын чэрчитинэн ыытыллар былааннаах үлэлэр олоххо кэмигэр киирэллэригэр үлэ күүстээхтик ыытыллар.

Суол-иис

Верхоянскай куораттан түөрт килэмиэтир хоту сытар Дьааҥы өрүһүн хаҥас кытылыгар турар, уруккута Буустаах диэн ааттаах, Боронук нэһилиэгэр бүгүн 270 киһи олорор. Бу, улуус, былыргы, баараҕай историятын дириҥ уорҕатыгар ууруна сытар кыра нэһилиэк ааспыт сыл мотуоҕуттан эмсэҕэлээбит суолун-ииһин, далын-күрүөтүн, сирин-уотун тупсарынан чөлүгэр түһэрии үлэтин ыытар. Ол курдук, ИП Всеволод Слепцов биригээдэтэ Центральнай, Новосельскай уонна Набережнай уулуссаларыгар таас кутан суоллары үрдэтэн, чиҥэтэн, бөҕөргөтөр. Быйыл саас Мачахха суолу оҥорбут эбит буоллахтарына, билигин Ньургун Аммосов КамАЗ самосвалынан сарсыарда эрдэттэн хойукка диэри, өрөбүлэ суох, үөһэ хайа карьерыттан тааһы таһан суолга куталлар.

Оттооһун

Быйыл от өлгөмнүк үүннэ, биирдиилээн хаһаайыстыбалартан саҕалаан дьон-киһи үксэ окко сылдьаллар, боронуктар уонна мачахтар окко күүстээхтик улэлээтилэр. Онон оттооһун көрдөрүүтэ үчүгэй, туруоруллубут былааны аһардылар. Үүт туттарааһына эмиэ былаанынан бара турар, онон дьон настырыанньата үчүгэй. Субуотунньуктарынан тахсан былырыыҥҥы мотуохтан эмсэҕэлээбит ходуһа күрүөтүн 4,5 км курдук күрүөнү абырахтааһын, быһыттарын чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ ыытыллыннылар.

Тутуу

Боронук нэһилиэгэр бу куннэргэ саҥа фельдшерскэй-акушерскай пуун тутуута саҕаланаары турар. ФАП модульнай буолуохтаах, тутуутун матырыйаала барыта кыһыҥҥы суолунан тиэллибитэ. Билигин Верхоянскайтан эмчит Розалия Попова хас бэнидиэнньиктээх чэппиэргэ дьон доруобуйатын көрөр-истэн барар.
«Күһүн «Сахагипрозем» ООО исписэлиистэрэ кэлэн «комплексные кадастровые» үлэни ыытыахтаахтар. Боронук нэһилиэгин кыраныыссатын иһигэр баар дьиэлэри, сирдэри, эбийиэктэри барытын дьааһылаан, бэрээдэктээн хаарта оҥорон биир кэлим реестрга киллэриллиэхтээхтэр», – диэн үлэ-хамнас туһунан иһитиннэрдэ «Бабушкинскай нэһилиэк» баһылыгын солбуйааччы Константин Петрович Заборовскай.

Боотто Асхаарап