Билии-көрүү төрдө – бибилэтиэкэ дьиэтэ

Быйылгы Үлэ сылынан биир эйгэҕэ, талан ылбыт идэтигэр үйэ аҥаара дьаныардаахтык, бэриниилээхтик үлэлээбит Марина Егоровна Эверстова туһунан билиһиннэриэхпин баҕардым. Бибилэтиэкэ дьиэтэ билии-көрүү төрдө – бу дьиэҕэ түмүллэн сыттаҕа элбэх да элбэх киһи билиитэ, өйө-санаата, олоҕо-дьылҕата. Сүүһүнэн, тыһыынчанан строкалары уу сүүрүгүнүү үөрэ-дьүөрэ түһэртээн, уустаан-ураннаан, муҥура суох элбэҕи суруйдахтара, кэриэс гынан айан хааллардахтара.

Табалаах бибилэтиэкэтэ архыып докумуонунан 1938 сыл 263 кинигэлээх ааҕар балаҕан диэн ааттанан үлэтин саҕалаабыт.1973 сылтан Эверстова Марина Егоровна элбэх сыратын ууран үлэлээбитэ, 2014 сыл муус устартан Табалаах бибилэтиэкэтэ улууска бастакынан модельнай бибилэтиэкэ статуһун ылбыта.

Табалаах бибилэтиэкэтэ сырдык, ыраас, сылаас дьиэ; оҕолорго аналлаах, абонент хостордоох, ааҕар саалалаах, баай кинигэ фондалаах. Бибилэтиэкэр Марина Егоровна ааҕаччыларын куруук үөрэ-көтө көрсөр, кинигэ буларга сүбэ-ама биэрэр, «саҥа кинигэ бөҕөтө кэллэ, кыра ааҕааччыларбар стеллаж ыллаттардым» диэн үөрүүтүн үллэстэр үтүөкэн киһи.

Элбэх өрүттээх үлэлэри тиһигин быспакка ыытар, холобур биир кэрэхсэбиллээх киэһэнэн «50 сыл бибилэтиэкэни кытта бииргэ» диэн, бибилэтиэкэ чулуу ааҕааччытыгар, Владимир Гаврильевич Захаровка анаммыт тэрээһин этэ. Уон саастаах уолчаан боччумура туттан кинигэ уларсыбыта, кичэйэн аахпыта уонна ол күнтэн ыла олук уурбут дьиэтинэн бибилэтиэкэ буолбута. Кыракый Володя биир да кинигэни сүтэрбэккэ, алдьаппакка, «чулуу ааҕааччы» ааттаныаҕын ааттаммыта, элбэх тыл этиллибитэ.

‘«Хомоҕой тыллаах хоһоонньуттар», «Элбэх кинигэлээх ыал»,  «Эдэр ааҕааччы ыал» онтон да атын элбэх тэрээһиннэри ис сүрэҕиттэн үөрэн-көтөн туран тэрийэрэ. Журналист үтүөтэ, киһи чулуута Нина Иннокентьевна Протопопова «Айыы Далбар Хотун» кинигэтин сүрэхтэниитэ, олохтоох ааптар Тамара Иннокентьевна Эверстова хоһооннорун кинигэтэ сүрэхтэниитэ, онтон да атын бэлиэ күннэр өйгө хаалар гына бэлиэтэммиттэрэ. Оройуоннааҕы бибилэтиэкэ ыытар араас тэрээһиннэригэр куруук кыттара, инники күөҥҥэ сылдьара, ол эрээри бэйэтин хаһан да арбана сылдьыбат идэлээҕэ, үөрүүтүн сэмэйдик үллэстэрэ. Үйэ аҥаарыттан ордук биир идэҕэ айымнньылаахтык үлэлээбитэ сөптөөхтүк сыаналамматаҕа хомолтолоох курдук…

Ону таһынан,  «Илгэ» кырдьаҕастар түмсүүлэрин, кулууп үлэһиттэрин кытта, «Айар тыын» диэн хоһоон суруйар дьоннору түмэн үлэлэппитэ. Оскуола оҕолоругар «Ааҕар балаҕан» куруһуогу  тиһигин быспакка ыытара, олохтоох поэт, Саха сирин биир биллэр суруналыыһа Степан Иннокентьевич Юмшанов аатынан «Юмшановскай ааҕыылаары» аан бастакынан тэрийэн ыыппыта, оскуола оҕолоругар хас да сыл күрэх буолан ыытыллар үгэскэ кубулуйбута. Кыра кылаас үөрэнээччилэригэр «Кинигэ кыбыныылаах кыыс» диэн күрэҕи көҕүлээн ыытара. Кини дириҥ өйдөөх, мындыр толкуйдаах, нууччалыы ыраастык саҥарар, албыны-көлдьүнү, ньуолбар быһыыны абааһы көрөр, сөбүлээбэтэҕин сирэйгэ этэр мас көнө киһи.

2016 сыллаахха Табалаах нэһилиэгэ тэриллибитэ 95 сылыгар анаан «Талыы-талба Табалаах» кинигэни биэс Далбар хотуттар: Эверстова Марина Егоровна, Борисова Светлана Христофоровна, Потапова Саргылана Христофоровна, Стручкова Ия Ильинична уонна Эверстова Лилия Гавриловна ахтыылары түмэн, архыыбы хаһан сүҥкэн үлэни үлэлээбиттэрэ, кэнчээри ыччакка сүдү бэлэх, өлбөт-сүппэт күндү кылаат оҥорбуттара.

Бу кинигэ 800-кэ страницалаах, манна Табалаах нэһилиэгин историята, биэрэпис, дирбиэн-дарбаан күннэргэ, артыал, холкуос, сэрии сылларын өйдөбүллэрэ,тыйыс кэмнэр туоһулара, тимир көлөлөөх хоһууттар, талааннаах тарбахтар, нэһилиэк тэрилтэлэрэ, дьону түмэр общественнай тэрилтэлэр, нэһилиэк киэн туттар дьонноро, ааспыты ахтыы, айылҕаттан айдарыылаахтар тустарынан тугу да көтүппэккэ, кими да умнубакка, киһи эрэ ааҕа олоруох умсугутуулаах үлэни  үлэлээбиттэрэ.

2018 сыл олохтоох бибилэтиэкэ 80 сылыгар анаан «Төрүт буортан төлкөлөнөн» диэн хомуурунньугу хомуйан таһааттарбыта, бу хомуурунньукка 35 тыа сирин үлэһит дьонун сэмэй хоһооннорун мунньан, бэйэтин үбүгэр бэчээттэппитэ уонна барыбытыгар бу кинигэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлэх ууммута, дьон үөрүүтүттэн дуоһуйа долгуйбута. Бэйэтэ бэртээхэй хоһооннору суруйара, «миэнэ тыла сымсах» диэн, киэҥ сэҥээриигэ хаһан да билиһиннэрбэт идэлээҕэ.

Марина Егоровна олус элбэҕи аахпыт, киэҥ билиилээх бибилэтиэкэр буолан, хайа да суруйааччы айымнньытын толору ырытар кыахтааҕа, ол иһин бибилэтиэкэ киһи кэрэхсиир кинигэлэринэн толору хааччыллыылаах, киирдиҥ даҕаны санаабыккын булаҕын, сөбүлээбиккин ааҕаҕын, өйдөөбөтөххүн ыйытаҕын.

Биһиги Марыынабыт оскуоланы уонна кулуубу кытта ыкса сибээстэһэн үлэлиирэ, ол курдук литературнай биэчэрдэри олус табыллан тэрийсэрэ. Олохтоох дьон талааннарын таба көрөн, альбом-брошюра оҥороро.

Марина Егоровна спорду эмиэ өрө тутара, нэһилиэк чиэһин көмүскүүр чулуу саахыматчыт, бастыҥ теннисист, ардыгар волейболга кыттара. Ону таһынан күүстээх «ыалдьааччы», дьону кыайыыга угуйааччы, көҕүлээччи быһыытынан биллэрэ. Кэлиҥҥи кэмнэргэ дьүөгэлэрин түмэн, кэнсиэрдэргэ кыттара, көрдөөх сыаҥкаларга табыллан оонньуура.

2021 сыл, олохтоох суруйааччы, поэт, суруналыыс Степан Иннокетьевич Юмшановка аналлаах биобиблиографическай ыйынньыгы хомуйан таһааттарбыта. Бу ыйынньыкка өрөспүүбүлүкэ биллэр суруналыыһа айар үлэтин, олоҕун көрдөрөр, кини уус-уран айымньыларын, кини туһунан бэчээккэ тахсыбыт матырыйааллар киирбиттэрэ. Бу ыйынньыкка суруйааччы бэчээккэ тахсыбыт 641 үлэтэ түмүллэн тахсыбыта. Бу үлэни оҥорорго холонуу уустук үлэ, элбэх билиини, ааҕыыны эрэйэр.  Ыйынньык уопсай ирдэбил, быраабыла барыта тутуһуллубут олус кэрэхсэбиллээх таһаарыы буолар.

Олоҕун үтүө кэмнэрин кинигэҕэ анаабыт Марина Егоровна кып-кыра кинигэлэри коллекция оҥостон мунньар, кэрэни кэрэхсиир сырдык киһи. Киһи диэн тыллаах өс хоһооннорун, цитаталары мунньан испитэ, брошюра таһааттарар баҕа санаалааҕа.

Үтүөкэн киһибит Марина Егоровна Эверстова уһун, ыарахан ыарыыга ыалдьа да сыттар эрэллээх ааҕааччыларын, эт илиитинэн уурбут-туппут кинигэлэрин, үйэ аҥаара ис сүрэҕиттэн бэриниилээхтик үлэлээбит үлэтин түүлүгэр түһээн эрдэҕэ…Элбэх ыра санаата туолбакка хаалбытын харааста санаан эрдэҕэ…

Марина Егоровна чахчы да үлэтинэн олорбута, үлэттэн дуоһуйууну ылан, онон дьоллонон сылдьыбыт киһи буолар. Бибилэтиэкэ дьиэтэ-билии уйата буоларынан, эдэр солбуйааччылар маны табатык өйдөөн үлэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит уонна элбэх ааҕааччы, кэнчээри ыччат сырдыкка-кэрэҕэ талаһар, махталынан ахтар уйата буолуохтун!

Елизавета Рожина

Читайте дальше